Сунтаарга ыанньыксыт Африканович сорох ыйдарга 140-ча тыһ. солк. хамнаһы аахсар

234
Ынах сүөһүнү иитэр улахан уонна орто кээмэйдээх хаһаайыстыбалары үп-харчы өттүнэн чэбдигирдиигэ туһуламмыт бырагыраама иккис сүрүн соруга – үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэн, үлэҕэ көҕүлээһин. Ыйдааҕы орто хамнаһы инники сыл көрдөрүүтүттэн улаатыннарыы төһө ситиһилиннэ?

Бырагыраама олоххо киириэн иннинэ 2014 с. биир үлэһит ыйдааҕы орто хамнаһа 14932 солкуобай эбит буоллаҕына, бырагыраама маҥнайгы сылыгар 19768, иккис сылыгар 24576 солкуобайга тиийбитэ. Ааспыт сылга 27394 солкуобай буолара сабаҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ орто хамнаһыгар тэҥнээтэххэ, сэмэй эрээри, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин 2014 сыллааҕы орто хамнастарыттан 2016 с. 64 бырыһыан үрдээбитэ, оттон 2017 с. 83 бырыһыан улаатыаҕа. Биирдиилээн хаһаайыстыбаларга орто хамнас ыанньыксыт үлэҕэ көрдөрүүтүттэн тутулуктанан, 37 тыһ. солкуобайга тиийдэ. Үүт үгэннээн ыанар сайыҥҥы ыйдарга үүт лаппа эбиллэрэ, хамнас улаатара биллэр. Ол гынан баран, дьиҥ олоххо атын буолуон эмиэ сөп.

Холобур быһыытынан кэпсээтэхпинэ, былырыын саас Сунтаарга “Кириэстээх” производственнай кэпэрэтиип бастыҥ ыанньыксыта Владимир Михайловтыын көрсөн сэһэргэспитим. Онно “Үлэ Албан аата” уордьан толору кавалера, сопхуос саҕана хас биирдии ынаҕыттан 4250 киилэ үүтү ыабыт Владимир Африканович: “Маассабай төрүөх түмүктэнэн, үүт эбиллэр буолан, үүт кыһыҥҥы сыанатынан муус устарга уонна ыам ыйыгар муҥутуурдук аахсабыт. Хамнаһым 70-80 тыһ. солкуобайга тиийээччи. Быйылгыттан үүт харчыта үрдэтиллэн, ити кэпсииллэрин курдук, хамнаһым 100 тыһыынчаттан тахсар буолуохтаах”, — диэбитэ.

Кырдьык, соторутааҕыта чэбдигирдии бырагырааматыгар киирэн үлэлии сылдьар хаһаайыстыбалар министиэристибэҕэ мунньахтаабыттарыгар “Кириэстээх” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров бастыҥ ыанньыксыт муус устарга, ыам ыйыгар 135-140 тыһ. солк. харчыны аахсарын бигэргэппитэ уонна чэбдигирдии 3 сылыгар хаһаайыстыба үлэһитин орто хамнаһа 19 тыһ. солкуобайтан 37 тыһ. солкуобайга диэри үрдээбитин эппитэ. Хамнас үрдээбитин өйөбүл улааппытынан эрэ быһаарар тутах. “Саҥа төрөөбүт бургунас Африкановичтаах курдук кырата 1 ый үчүгэйдик этэттиир, бүөбэйдэһэр эрэ буоллахха, кэнэҕэс элбэх үүтү биэрэр”, — диир Владимир Семенович.

“Кириэстээхтэр” 400-тэн тахса ынаҕы ыылларыттан улахан аҥаардара Алтайтан аҕалыллыбыт кыһыл эриэн истиэп боруодалар уонна кинилэр маҥнайгы төрүөхтэриттэн бургунастар. Владимир Африканович кэргэнэ Елизавета Петровна Никифоровалыын холбоон 70 ынаҕы ыыллар. Бэйэ симментал сүөһүтэ күҥҥэ 9-10 киилэ үүтү ыатар буоллаҕына, “алтайкалар” 13-17 киилэни биэрэллэр. 2016 сыл түмүгүнэн хас биирдии ынахтарыттан Елизавета Петровна 3,5 тыһ., Владимир Африканович 4 тыһ. киилэни ыабыт этилэр. Хаһаайыстыба салайааччыта бу сырыыга Африканович сорох ынаҕыттан 4800 киилэҕэ тиийэ ыабытын иһитиннэрдэ. Мөккүөрэ суох, ити дьоруойдуу үлэнэн ситиһиллэр. “Биһиги сарсыарда 4 чаастан кэлэн, сүөһүбүт сааҕын күрдьэн, сарсыарда 8-ка бастакы ыаммытын бүтэрэбит, онтон 10 чаастан күнүскүлүүбүт, киэһээ ыаммытын 4-тэн саҕалаан 6 чааска бүтэн дьиэлиибит. Ити курдук күн аайы биир кэм бара турар”, — диэн кэпсээбитэ Африканович.

Үөһэ саҕаламмыты салгыы билиһиннэрдэххэ, Бүлүү Сыдыбылыгар “Ампаардаах” уонна Амма Абаҕатыгар “Илгэ” ХЭУо-ларга үүт ыамын үрдэтии суотугар ыйдааҕы орто хамнас 30 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Бааһынайдар эмиэ бородууксуйаларын эбэн иһэллэр. Хаҥаласка Михаил Павлов, Кэбээйигэ Аксинья Левина, Горнайга Петр Данилов хаһаайыстыбаларыгар үлэһит орто хамнаһа 24-25 тыһ. солкуобайга тиийбит.

Манна сыһыаран эттэххэ, хамнас алын кээмэйэ быйылгыттан үрдэтиллэн, сокуон ирдииринэн хотугу эбии ааҕыыны киллэрэн туран 23722 солкуобай буолла. Онон былаан маны аахсан оҥоһуллан бигэргэтиллиэхтээх. Хаһаайыстыбалар салайааччылара нуорманы толорбут, ыйы толору үлэлээбит үлэһиккэ алын кээмэйи тутуһан, хамнас төлөбүрүн боппуруоһун тэрийэр эбээһинэстээхтэр. Кэллэктиибинэй дуогабарга, хамнас төлөбүрүн балаһыанньатыгар хас биирдии үлэһиккэ расценкаҕа, окладка, штатнай расписаниеҕа уларытыы киллэриллиэх кэриҥнээх.