Таатталар Россия күнүн дьоһуннаах тэрээһиннэринэн көрүстүлэр. Дьону сомоҕолуур, биир тыыҥҥа иитэр үтүө холобурдары көрдөрдүлэр.
Россия күнүгэр Таатта улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын кэлэктиибэ сынньалаҥ уонна култуура пааркатыгар өрөгөйдөөх тэрээһини ыытта. Өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээһин үөрүүлээх чааһын кэнниттэн, улуус киинигэр турар Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан народнай тыйаатыр тиэргэнин, Былатыан Ойуунускай скверин, пааматынньыгын тыһыынчаттан тахса эгэлгэ сибэккилэринэн симээтилэр. Онон култуура үлэһиттэрэ ыччаты иитиигэ бастыҥ холобуру көрдөрдүлэр. Бу туһунан култуура уонна духуобунай сайдыы салайааччытын солбуйааччы М.В.Степанова иһитиннэрдэ.
Тааттатааҕы спорткомитет салалтата иһитиннэрбитинэн, бу күн култуура уонна сынньалаҥ пааркатын стадионугар алта хамаанда олбуор иһинээҕи футболга күрэхтэстилэр. Күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык ыытылынна. Түмүккэ бастакы миэстэҕэ Ытык Күөл футболистара таҕыстылар. Туора Күөл икки хамаанданы туруорда. Иккис-үһүс миэстэлэри туора күөллэр ыллылар.