Тааттаҕа саҥа тутуулар дьэндэйэллэр

208

Ытык Күөлгэ быйыл сайын ыал дьон, тэрилтэлэр дьиэ тутуутугар үлүмнэһэн үлэлии сылдьаллар. Бииртэн биир саҥа тутуу күн аайы эбиллэн иһэрэ, саҕаламмыт бүтэн иһэрэ көрүөххэ, саныахха астык.


«Чуораанчык», «Сулусчаан» оҕо саадтарын саҥа дьиэлэрэ, «Куула» түөлбэ Гагарин, Макаров, Сунхалыров уулуссаларыгар кииннэммит ититии хочуолунайа, араас бырагыраамаларынан ыаллар тупсаҕай бырайыактардаах дьиэлэрэ кэмэ суох тутуллар.

«Чуораанчык» оҕо саадын дьиэтин аҥар эҥэрэ араас өҥнөөх плиталарынан бүрүллэн бүтэрэ чугаһаабыт. Манна Чөркөөхтөн уонна атын да сирдэртэн эдэр уолаттар көхтөөхтүк үлэлии сылдьаллар. Дьиэ ис өттүгэр вентиляцияны таҥар биригээдэ бэрт сатабыллаахтык оҥоро-тута сылдьарын көрдүбүт. Аллараа этээскэ штукатурдар ис истиэнэни сыбыыллар.

Тутуу территориятыгар тас үлэ ыытыллар, уу хаһааныллар, хачайданар улахан иһиттэр таҥыллаллар, ититии систиэмэтэ тардыллар үлэтэ күөстүү оргуйар.

Олохтоохтор кэтэһэр тутуулара – «Сулусчаан» оҕо саадын саҥа икки этээстээх каркас-бетон таҥыылаах дьиэтэ. Тутуу үһүс сылын «Үтүө Дьыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан ыытыллар. Үлэ хаамыытын туһунан тутууну ыытар ХЭТ «Алаас» бырайыактыыр-тутар хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Константин Лебедевтэн ыйыталастым.

Бу дьиэ билигин истиэнэлэрэ иккис этээскэ тиийэ ууруллаллар, аллараа этээс муостатын бетоннай сабыыта оҥоһуллар. Онон, билиҥҥи туругунан бетоннай үлэтэ тохтоло суох ыытыллара көстөр. Тутуу матырыйаала хааччаҕа суох кэлэр буолан, үлэ сөптөөх тэтиминэн баран иһэр. Алтынньы саҥатыгар дьиэ көҥдөйө бүтэн, ахсынньыга диэри ис өттө бүтүннүү оҥоһуллан, хамыыһыйаҕа туттарыллыахтаах. Билигин үлэлиир биригээдэлэри көрдөххө, кэпсэттэххэ үлэлиир баҕалара улахан, тутталлара-хапталлара эрчимнээх.