Улуустааҕы оҕо саадтарын иитиллээччилэригэр чыычаах уйаларын оҥорууга куонкурус ыытылынна. Тэрээһин көтөрдөрү араҥаччылааһыҥҥа, оҕо кыра сааһыттан айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарыгар иитэн-такайан таһаарарга ананна.
Үүнэр көлүөнэни кыратыттан иитиигэ хас биирдии төрөппүт, бүтүн дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыта кэрэхсэбиллээх уонна хайҕаллаах. Ытык Күөлгэ буолбут куонкуруска 15 оҕо саадын иитиллээччилэрэ кытыннылар. Уопсайа 46 уйа оҥоһуллубут. Бары үлэлэр көрүөхтэн кэрэ, киһини кэрэхсэтэр, абылыыр кэрэ оҥоһуулаахтар.
Юннаттар станцияларыгар куруһуогу салайар А.Н.Колесова чыычаахтарга килэбэчийэрэ, араас чаҕылхай өҥө суох уйалар ордук табыгастаах буолалларын быһаарда. «Эрэл» нэһилиэнньэни социальнай реабилитациялааһын киин үлэһиттэрэ, «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» кластер иһинэн улуус тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ бу тэрээһини тэрийэннэр дьон-сэргэ махталын ыллылар.
Киһи эрэ болҕомтотун тардар араас үчүгэй уйалары дьүүллүүр хамыыһыйа сыаналаата. Түмүккэ 1 миэстэҕэ Даайа Амматтан Захаровтар дьиэ кэргэн «Тыгын башнята» диэн ааттаах, оннук быһыылаах уйалара уонна чыычааҕы аһатар иһити оҥорбут Ытык Күөл «Туйаара» оҕо саадыттан Егоровтар оҥоһуктара таҕыстылар. 2 миэстэни Чымынаайыттан Агата Колодезникова төрөппүттэринээн оҥорбут «Эрэл» уйалара, Ытык Күөл «Кэнчээри» оҕо саадыттан Карина Егорова аҕатынаан «Чик-чирик» диэн чыычаах аһыырыгар анаабыт оҥоһуктара ыллылар. «Айылҕа оҕотун уйата» үлэлэринэн Баайаҕаттан Дьулусхан Неустроев, Ытык Күөлтэн «Чуораанчык» оҕо сайдар киинин-оҕо саадыттан «Кырачаан доҕотторбутугар талах дьиэ» диэн чыычаахтар аһыыр уйаларын Айтал Сунхалыров төрөппүттэринээн оҥорбуттара 3 миэстэ буоллулар. Боробултан Артем Попов «Үөрүү дьиэтэ» диэн чыычаахтарга анаабыт уйата — «Бүччүм дьиэ», Туора Күөлтэн Ньургун Евграфов «Чыычаах дьиэтэ» — «Остуоруйа дойдута», Уолбаттан Эля Кусатова «Саха балаҕана» уйата — «Алгыстаах алаһа» анал ааттары ыланнар үөрүү-көтүү өрөгөйө буолла.
Кырачааннары айылҕаны харыстыырга үчүгэйинэн, кэрэнэн уһуйдахха ордук улахан көдьүүстээҕин бу тэрээһин көрдөрдө. Кыттыыны ылбыт бары төрөппүттэргэ, оҕолорго барҕа махтал буолуохтун.