JuniorSkills куонкуруска Таатта улууһун оҕолорун хамаандатыгар уопсайа 51 үөрэнээччи, 23 салайааччы киирэн ситиһиилээхтик күрэхтэстилэр. Республиканскатааҕы түһүмэххэ биһиги хамаандабыт 22 компетенцияттан 18-гар ситиһиилээхтик кытынна. Ол түмүгэр оҕолорбут 14 көрүҥҥэ бириистээх миэстэни ылан улууспут аатын үрдүктүк ааттаттылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбит чемпионат кыайыылаахтарын бэлиэтээн этэр наада. Ол курдук, Игидэй орто оскуолата (дир. В.В.Лопатин) бу чемпионакка 6 компетенцияҕа оҕолору бэлэмнээн «Мобильная робототехника 14+» — 1 миэстэ (Аргунов Айтал, Попов Уйгулаан, сал. В.В.Лопатин), «Интернет вещей 14+» — 1 миэстэ (Бойтунов Артем, Иванов Альберт, сал. В.В.Лопатин), «Электроника 14+» — 1 миэстэ (Варламов Дьулус, Аргунов Тимур сал. В.В.Лопатин), «Прототипирование 10+» — 3 миэстэ (Егоров Ганя, Дедюкин Гриша, сал. В.В.Лопатин).
Тааттааҕы лицей хамаандата (сал. А.А.Неустроев) 10 компетенцияҕа кыттан 7-гэр миэстэлэстэ: «Лабораторный химический анализ 14+» — (Неустроева Надежда, Львова Ирина, сал. Е.А.Малышева), «Инженерный дизайн CAD 14+» — 3 миэстэ (Максимов Евгений, Луковцев Родион, сал. А.В.Слепцова), «Интернет вещей 10+»- 3 миэстэ (Можаров Юрий, Дорофеев Андриан, сал. М.В.Лопатин), «Web дизай 14+» — 3 миэстэ (Жулляров Евгений, Мосоркин Эдуард, сал. В.Н.Элякова), «Графический дизайн 14+» — 2 миэстэ (Варламов Софрон, Халгаев Дьулуурхаан, сал. М.Ф.Чашкина), «Электромонтажные работы 10+» – 2 миэстэ (Спиридонов Айтал, Тарасенко Александр, сал. Е.И.Петрова), «Кулинарное дело 12+» — 3 миэстэ (Большакова Сайыына, Шараборина Александра, сал. А.В.Кириллина).
А.И.Софронов-Алампа аатынан 1№-дээх оскуолаттан «Лабораторный химический анализ 10+» -3 миэстэ (Попов Альберт, Тистяхова Уйгуна, сал. Г.С.Старостина), «Технология моды» — номинация «Лучший креатив» (Петрова Клара, сал. Н.А.Поисеева).
Туора Күөл орто оскуолатыттан (сал. О.Н.Гуляева) «Национальная кухня12+» компетенциятыгар кыайыылааҕынан таҕыстылар (Атастырова Аида, Кононова Валентина, сал. В.Д.Павлова).
Тыараһа коррекционнай оскуолатыттан Постников Валентин, Пестряков Семен (сал. С.Р.Бучугасов) «Электромонтажные работы 14+» компетенцияҕа республикаҕа бастаатылар.
Чемпионат кыайыылаахтара анал дипломунан, мэтээлинэн, кубогынан бэлиэтэннилэр, Ону таһынан 1 миэстэлээх оҕолор «Океан, «Орленок» лааҕырдарга, 2 миэстэлээхтэр «Кэскил» лааҕырга «Инженерное поколение» сменаҕа, 3 миэстэлээхтэр «Сосновый Бор» лааҕырга путевкаларынан наҕараадаланнылар.
JuniorSkills (профессионалы будущего) чемпионат улуустааҕы түһүмэх тэрээһинин национальнай экспертиза сыаналаан, улуустар үлэлэрин тэҥнээн көрөн, рейтинг оҥордулар. Ол түмүгүнэн биһиги улууспут республикаҕа 3-с миэстэни ылан улуус үөрэххэ салалтата (нач. А.Н.Миронова) өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа министерствотын дипломунан наҕараадаланна.
Хас биирдии компетенцияҕа кыттыбыт оҕолор олус уустук тургутууну 3 күн устата аастылар. Кинилэр билиилэрин таһымынан эрэ буолбакка, бэйэлэрин дьиэ кэргэннэригэр, үөрэх кыһатыгар уһуйуллубут сатабылларын таба туһанан бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаардылар. Холобура, «Электроника 10+» компетенцияҕа оҕолор «Автономный контроллер дистанционного мониторинга и управления» диэн тас датчиктар көрдөрүүлэрин хомуйар прибору онордулар. Манна кыттар оҕолор электрическай схеманы сатаан ааҕар, электроннай компоненнар туохха туттуллалларын билэр, резистор уонна конденсатор номиналын сөпкө быһаарар, кээмэйдиир прибордарынан хайдах туттары билэр-сатыыр, монтажтыырга сыыһаны-халтыны көннөрөр буолуохтаахтар. Электроннай платаҕа сатаан пайкалаан прибору бэйэлэрэ хомуйуохтаахтар.
Регионнааҕы чемпионат кыайыылаахтара аны атын регионнар хамаандаларын ортолоругар тэҥнээһин сыанабылы ааһан, ол түмүгүнэн үрдүк көрдөрүүнү ситистэхтэринэ, Саха сирин хамаандатыгар киирэн Москва куоракка буолар JuniorSkills IV-с национальнай чемпионатыгар кулун тутарга кыттыахтара.