Таатта спортсменнара Манчаары оонньууларыгар аттаннылар

661

Таатта улууһун сүүмэрдэммит хамаандата от ыйын 4 күнүгэр И.Г.Федосеев аатынан Тааттатааҕы оҕо спортивнай оскуолатыттан саҕалаан, Дьокуускайга алгыс кээстэрэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар «Манчаары оонньуулара» спартакиадаҕа кытта айаҥҥа туруннулар. Бу туһунан спорду сырдатыыга айымньылаахтык үлэлиир, биһиги общественнай корреспондеммыт Анатолий Мурунов иһитиннэрдэ.


Тааттаҕа атаарыы сиэрэ-туома Игидэй нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, тойуксут, алгысчыт Иван Иванович Токумов алгыһынан саҕаланна. Улуус баһылыгын солбуйааччы И.И.Потапов, улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.А.Охотин, улуус спорка кэмитиэтин салайааччыта Г.Г.Вырдылин, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Е.И.Павлов спортсменнарга төрөөбүт дойдуларыттан күүс-уох ылан, үгүс ситиһиини эрэннэрэр айаҥҥа туруммуттарынан, үтүө санааларын этэн атаардылар.

Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгар кини төрөөбүтэ 140 сылын бэлиэтээн туран, Тааттаттан төрүттээх дьон-сэргэ күүстээх, сымса, быһый дьоммутун дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстэ. Улахан киирсиилээх күрэхтэһиигэ атаарыы алгыһын биир дойдулаахпыт, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий Гаврильевич Власов ылыннарыылаахтык оҥордо. Хамаанда хас биирдии киһитигэр түөстэригэр иилиллэр Таатта ытык буорун туттардылар.

Спортсменнарга алгыс тылларын, эрэллэрин улуус баһылыга М.М.Соров, Ил Түмэн депутата Ив.М.Андросов, куораттааҕы таатталар ааттарыттан Инн.М.Андросов, спорт бэтэрээннэрэ, аан дойду 2 төгүллээх чемпиона И.С.Кочкин, салгыы П.С.Табунанов, Баайаҕа нэһилиэгин баһылыга Р.Р.Романов о.д.а. ис сүрэхтэриттэн тиэртилэр. Улуус хамаандата улахан күрэхтэһиигэ барыыта маннык тэрээһиннээхтик ыытыллыбытын элбэх киһи астына бэлиэтээтэ.

Харда тылы Манчаары оонньуутун урукку чемпиона, спорт маастара, хамаанда капитана Григорий Массаев долгуйан туран эттэ уонна улуус баһылыгар М.М.Соровка анал форманы туттарда. Уопсайа 100-н тахса киһи, тренердэр, бэрэстэбиитэллэр, федерациялар, спорт бэтэрээннэрэ айаҥҥа туруннулар, ол иһигэр 62 спортсмен.

Спортсменнарбытыгар ситиһиилээхтик кыттан, этэҥҥэ сылдьан кэлэллэригэр үтүө баҕа санаалар этилиннилэр. Кыайан-хотон, элбэх көрүҥнэргэ миэстэлэһэн, үөрэн-көтөн эргиллиҥ диэн алгыы хаалабыт!