Таатта уолаттара «Ыллаа-туой, уол оҕо!» күрэххэ бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр

213

«Эрчим» уоланнар айар түһүлгэлэрэ Таатта улууһугар 2007 сылтан ыытыллар. Олоҥхоһуттар уутуйан төрөөбүт-үөскээбит сирдэригэр Дьүлэй нэһилиэгэр ыытылларынан уратылаах. Этэргэ дылы, киһи үс куттаах буоллаҕына, бу оскуолаҕа ийэ куту кэрэһэлиир туйгун уонна бастыҥ үөрэхтээх уолаттар, кыргыттар да элбии туралларын туһугар сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтэллэр.


Билигин бу кэскиллээх тэрээһини уһуннук Туора Күөл орто оскуолатын директорын эбээһинэһин толорооччу Оксана Николаевна Гуляева ис сүрэҕиттэн салайар. Оскуола салалтата, учууталлара, төрөппүттэр оҕо ситиһиитин тиритэн, хара күүһүнэн ылан, онтон үөрэр, астынар, киэн туттар бэрээдэгин кыһаллан туран тэрийэллэр.

Бу сырыыга улуус 14 оскуолатыттан 152 кыттааччы кэлэн айар талааннарын, дьоҕурдарын хоһооҥҥо, дьүһүйүүгэ, ырыаҕа, астааһыҥҥа астына, дуоһуйа көрдөрөн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

«Ыллаа-туой, уол оҕо!» ырыа күрэһигэр 74 уол кытынна.

Ырыаҕа быйылгы күрэстэһиигэ элбэх солистар, бөлөхтөр да ыллаатылар. Бары да эгил-тэгил бэртээхэй бэлэмнээх кэлбиттэрэ, учууталлар кыһаллыбыттарын бэлиэтиир.

Сиэннэрин ырыа, музыка, уус-уран тыл кэрэ эйгэтигэр киллэрэргэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлэһэр, бэйэтэ ветеринар идэлээх, айылҕаттан ырыаһыт, элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ, Туора Күөл олохтооҕо Анна Ивановна Кузьмина бу сырыыга сиэнин Кузьма Кузьмины дьарыктаан аҕалбыт. Урукку өттүгэр уончалыы сыл дьарыктаабыт сиэннэрэ Николай, Егор, Родион Кузьминнар трионан тахсыылаахтык дьарыктанан, Гран-При хаһаайына буолбуттара. Билигин Николай Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство коллеһын культурнай-маассабай мероприятелары тэрийээччи идэтин ылан, Саха госциркэтигэр үлэлиир. Егор Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище народнай инструменнарга салаатын балалайка идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Родион эмиэ бу училище вокальнай салаатын иккис курсун кэнниттэн армияҕа сулууспалыы сылдьар. Онон, Эбээ Аана дьарыктаабыта таах хаалбакка уолаттара идэтийиигэ үөрэнэллэриттэн, үлэлээн эрэллэриттэн кыттыгастаах буоламмыт үөрэбит эрэ. Бу уолаттар үһүөн наһаа да табыллан ыллыыллара, эчи, таҥастара-саптара үчүгэйэ, тутталлара-хапталлара, куоластара улаатан истэхтэрин аайы өссө тупсан, киэркэйэн иһэрэ. Николай 2017 сыллаахха Ытык Күөлгэ норуот айымньытын улуустааҕы киинигэр практикалана сылдьан табаарыһынаан Олесь Максимовтыын улуустааҕы «Икки сулус» ырыа күрэһигэр кыттан, «Гран-При» үрдүк ааты ылбыттара. Олесь билигин Чурапчытааҕы норуот айымньытын улуустааҕы киинигэр ситиһиилээхтик үлэлиир.

Быйылгы күрэскэ Тыараһа орто уонна коррекциялыыр оскуолаларыттан, Туора Күөлтэн, Тааттатааҕы лицейтэн ырыаһыт уолаттар элбэх буолан кэлбиттэр. Уопсайынан ылан көрдөххө, бу сырыыга кыттар уолаттары бэлэмнээһин таһыма быдан үрдээбит. Биир да таһыччы мөлтөх диэн суох. Оҕолор маннык кэрэ күрэскэ кыттыбыттарыттан астынан, үөрэн бардылар диэн түмүккэ кэллибит. Ити кинилэр ыллаабат да кэмнэригэр тутта-хапта да сылдьалларыгар харахха быраҕыллар.

Онон, улахан күрэстэһии түмүгэ бу курдук таҕыста. Күрэс чыпчаал кыайыылааҕынан, Гран-При улахан бириэмийэ хаһаайынынан Тааттатааҕы гимназия 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Михаил Захаров буолуон буолла. Михаил былырыын эмиэ кыттыбыта. Онно да омуктуу ыллаан соһуппута. Быйыл да ол хайысхатын уларыппатах эрээри тыыныыга, артикуляцияҕа, туттан-хаптан, тональноһы сатаан тутууга, публиканы уонна бэйэ туругун дьүөрэлээһиҥҥэ үлэ балайда ыытыллыбыт. Онон кини жюри уонна көрөөччүлэр-истээччилэр үрдүкү сыанабылларын дьоһуннаахтык ылла.

Кыра кылаас уолаттарыгар лауреат үрдүк аатын Туора Күөл орто оскуолатыттан Кузьма Кузьмин ылла. Күрэскэ барыларыттан кыра саастаах Павлик Алексеев, эмиэ бу оскуолаттан, 1 истиэпэннээх дипломант буолла. 2-с истиэпэннээх дипломанынан Тааттатааҕы лицейтэн Женя Бехтюев ааттанна. Оттон 3-с истиэпэннээх дипломант аатын Даайа Амма орто оскуолатыттан Сандал Винокуров ылла.

Орто кылаас уолаттарыгар Тыараһа орто оскуолатыттан лауреат үрдүк аатыгар Коля Чехченнонов тигистэ. 1 истиэпэннээх дипломанынан Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыттан Саша Павлов, 2-с истиэпэннээх бастыҥ ырыаһыт аатын Тыараһа орто оскуолатыттан Вася Полускин ылла. 3-с истиэпэннээх диплом Туора Күөл орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Афоня Белолюбскайга бэрилиннэ. Улахан кылаас уолаттарыгар лауреат аата Даайа Амма орто оскуолатын үөрэнээччитэ Олег Тимофеевка иҥэрилиннэ. 1 истиэпэннээх дипломант аатын бу күрэскэ хаһыс да сырыытын кыттар Тыараһа коррекционнай оскуолатын үөрэнээччитэ Валентин Постниковка иҥэрдибит. Валентин уруккутунааҕар чахчы тупсубут. Ырыа ис хоһоонун, мелодиятын, бэйэтин ис туругун көрөөччүгэ-истээччигэ олус үчүгэйдик, истиҥник тиэртэ. 2-с истиэпэннээх дипломанынан Уолба орто оскуолатыттан Саня Собакин буолла.

Күрэскэ икки дуэт кытынна. Лауреат үрдүк аатын Тыараһа орто оскуолатыттан Вася Полускин уонна Коля Чехченнонов дуэттара ылыан ылла. Бу уолаттар эчи тапсан ыллыыллара, толорор ырыаларын ис дууһаларыттан ылыналлара, үөрэллэрэ, астыналлара, көрөөччүнү бэйэлэрин эйгэлэригэр киллэрэллэрэ үчүгэйин! Даайа Амма орто оскуолатын уолаттарын квартета 1-кы, Чөркөөх орто оскуолатын уолаттарын квартета 2-с, Даайа Амма квинтета 3-с, Тыараһа ортот оскуолатын «Дьоҕур» квартета 3-с истиэпэннээх дипломаннар буоллулар.

Ансамбылларга лауреат аатын Туора Күөл орто оскуолатын «Тоҕус тойоттор» кыра уолаттарын бөлөҕө, Уолба орто оскуолатын «Уолбан» бөлөх улахаттара ыллылар. Бастакы истиэпэннээх дипломунан Тааттатааҕы лицей «Эйээрик», Туора Күөл орто оскуолатын «Тоҕус тойоттор» улахаттара, 2-с истиэпэннээх дипломунан Чымынаайы орто оскуолатын «Амма уоланнара» ансаамбыллар наҕараадаланнылар.

Күрэс анал ааттарыгар «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин» Валентин Постников ылла. Саамай кыра кыттааччы Павлик Алексеев, «20-с үйэ ырыаларын пропагандиһа» ааты Туора Күөл орто оскуолатын «Дорҕоон» ВИА-та, «Чуор куолас» ааты Саша Павлов, «Ыччат ырыатын бастыҥ толорооччу» Саня Собакин, «Патриотическай ырыаны бастыҥ толорооччу» «Уолбан» ансаамбыл, «Бастыҥ салайааччы» Сардана Дмитриевна Сивцева, Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын вокалга преподавателэ.