Тараҕай нэһилиэгэр улууска биир бастыҥ үлэлээх-хамнастаах, 120 оҕону хабан дьарыктыыр оҕо ускуустубатын оскуолатын саҥа дьиэтин акылаатын түһэриллиитин үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
СӨ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, РФ үөрэҕириигэ туйгуна, улуус Бочуоттаах гражданина, табаҕалары «табаҕалар» дэтэр «Төлөн» эр дьон норуодунай ансаамбылын төрүттээбит, Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар 1989 сыллаахтан салайааччынан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар Павел Егоров күн-бүгүн оҕолор хайдах усулуобуйаҕа үөрэнэ сылдьалларын кэпсээтэ:
‒ Куруук эргэ дьиэлэргэ үлэлээн кэллибит. Билигин үлэлии олорор сирбит эмиэ, көрөргүт курдук, олус эргэрдэ. Төһө да сыллата өрөмүөн бөҕө ыытылларын үрдүнэн, сирэ аллара бара турар, тас сыбаҕа түһүтэлээн эрэр, истиэнэтэ онон-манан хайыта барыталаата, ааннара хаадьаҥнаан-иэдьэҥнээн аһыллыбат-сабыллыбат буоллулар. Дьон доруобуйатыгар кутталлаах сиик тэллэйэ тахсар буолан, хаарбах туруктаах дьиэ ахсааныгар киирдэ. Ол иһин өр сылларга туруорсан саҥа оскуоланы көрдөһөбүт.
Саҥа таас музыкальнай оскуола акылаатын түһэриигэ Майаттан тутааччы предприниматель Константин Попов биригээдэтэ үлэлээбит. Оскуола 350 квадратнай миэтэрэлээх, анал кылаастардаах, аактабай саалалаах буолара былааннанар.
Улуустааҕы тутуу управлениетын салайааччыта Александр Куличкин эһиилгиттэн оскуола уопсай тутуута саҕаланыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ. Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Надежда Максимова саҥа оскуола тутуллуута туох да харгыһы көрсүбэккэ, үбэ-харчыта тып-тап курдук көрүллэн иһэригэр баҕа санаатын эттэ, М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Василий Захаров кэллиэгэлэрин эҕэрдэлии кэлбит. Дьиэ акылаата чиҥ-үйэлээх буоллун диэн «Тараҕай нэһилиэгэ» МТ баһылыга Гаврил Бурнашев эттэ.
Оҕо усксуутубатын оскуолатын дириэктэрэ Павел Егоров уонна эдэр үлэһит Ксения Шамаева аал уоту оттон Үрдүкү Айыылартан көрдөстүлэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр оһуокайы оройуттан туттулар, эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрдүлэр.