Тойбохойго Быыра сыһыытыгар бугуллар кэчигирэстилэр

267

Ааспыт нэдиэлэ субуота­ты­гар Сунтаар улууһун уонна Той­бохой нэһилиэгин дьаһалталара, улуустааҕы тыа хаһаа­йысты­батын уп­равлениета, улуустаа­ҕы «Урожай» уоп­сас­­тыба тэрийиилэринэн Той­бохой нэһ­илиэгин Быыра сыһыытыгар «Күүлэй-2017» күрэх буолан аас­та. Бу күү­лэй күрэҕэ улууска биллэ­рил­либит Тыа сирин үлэһит дьонун сылын, «Тойбо­хой» соп­хуос 50 сыллаах үбүлүө­йүн чэрчилэринэн, окко улуус былаанын толорор, илии­нэн оттооһуну сөр­гү­тэр, үйэ­титэр сыал­лаах ыыты­лынна.


«Күүлэй-2017» аһыл­лыыты­гар Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Гри­горьев, улуус­тааҕы тыа хаһаайыстыбатын управ­лениетын начаалынньыга Иван Тихонов, улуустааҕы ус­пуорт отделын испи­сэлииһэ Александр Николаев, Тойбохой нэһилиэгин дьокутаата Вале­рий Саввинов, нэһилиэк ытык кырдьаҕа Модест Петров күү­лэй кыттыылаахтарыгар, ыал­дьа кэлбит көрөөччүлэргэ от бырааһынньыгынан эҕэрдэ тыл­ларын эттилэр.

Хамаанданан күрэхэ Сун­таартан «Тимир», Илимнииртэн «Хотой», Тойбохойтон «Күүлэй», «Тоҕой Сэлэ», Дьаархантан «Үчүгэй Үрэх» хамаандалар кытыннылар. Хамаандаҕа дьах­та­рыттан, эр киһититтэн тутулуга суох түөрт киһи баар буолуох­таах. Кыттааччылар эрдэттэн бэлэм­нэммит 8 суотай иэннээх уолба сиртэн сэрэбиэй көмөтүнэн талан ылан, бары биир­гэ охсон саҕалаатылар. Судьуйа­лар охсуу, бугуллааһын бириэ­мэтин, хаачыстыбатын сыана­лыыл­лар. Хамаандалар ылбыт сирдэрин хайдах ба­ҕарар, бэ­йэлэрэ билэллэринэн оттууллар. Ол эбэтэр, бастаан бары охсон баран мунньуох­тарын да, икки-үс киһи охсор кэмигэр мунньуу да буолуон сөп.

Билигин эдэрдэр өлгөм оту ылаары араас тиэ­хиньикэ көмөтүнэн оттууллар. Ону аҕа саастаах дьон илии­нэн оттооһун умнуллуо диэн сэрэхэдийэллэр. Быыра киэҥ сыһыытыгар ыытыл­­лыбыт күүлэй күрэҕиттэн көрдөххө, уопуттаах отчуттар да, «хотууру илиибэр саҥа туттум» диэччилэр да бааллар. Кыттаач­чылар үлэлэрин хамыыта араас. Сорох сүүрэ сылдьар, сорох ык­саа­бакка, сөбүн көрөн хамсанар.

Старт биллэ­рэн, кыһыл былаах түспүтүн кэннэ, 1,5-2 чаас курдугунан күүлэй лидердэрэ көһүннүлэр. «Үчүгэй Үрэх» хамаанда кыттыы­лаахтара 16 чаас 13 мүнүүтэнэн бэрил­либит сирдэрин охсон бүтэрэн бугуллааһыҥҥа түһүннүлэр. Кинилэр кэннилэриттэн алта мүнүүтэнэн хаалан, Той­бохой «күүлэйдэрэ» күр­гүөмүнэн кыраабыл, атыр­дьах үрдүгэр түстү­лэр.

Быһаарыылаах түгэн тии­йэн кэлэн ха­маандалар хам­саныылара өссө сы­тырхайда. 8 суотай иэннээх уолба сири күрэх саҕа­ланыаҕыттан 2 чаас 27 мү­нүүтэнэн охсон, бугуллаан «Күүлэй» ха­маанда бас­такынан бүттэ. Баара-суоҕа икки мүнүү­тэнэн хаалан «Үчүгэй Үрэх» иккиһинэн түмүк­тээтэ. Бу кэннэ илим­ниирдэр уонна сун­таардар илин-кэлин түһүс­түлэр. «Тимирдэр» 2 чаас 34 мүн., «хотойдор» 2 чаас 54 мүн. буолан баран­нар хотуур­дарын ырыата тохтоото. «Хотой» хамаан­да төһө да сүүрбэ мүнүү­тэнэн хойутаан бүт­тэр, Илья Ива­нов эрдэт­тэн үс киһи кэннит­тэн сүүрэ сылдьан бөдөҥ бугул­лары туруорбут буолан уопсай түмүккэ кыранан хааллылар. «Тимир» – 3 чаас 8 мүн., «Хотой» – 3 чаас 12 мүн. «Тоҕой Сэлэ» хамаанда 3 чаа­һынан охсон, 3 чаас 20 мүнүүтэнэн мунньан бүтэрдэ.

Хамаандалар бары даҕаны хаачыстыбалаахтык үлэлээбит­тэр. Онон, Тыа сирин үлэһит дьонун сылын, «Тойбохой» соп­хуос 50 сыллаах үбүлүөйүн чэрчилэринэн, окко улуус былаа­нын толорор, илиинэн оттооһуну сөргүтэр, үйэтитэр сыаллаах «Күүлэй-2017» күрэҕэр I миэс­тэни, Сунтаар улууһун дьаһалтата туруорбут тыраахтар от охсор хотуурун Тойбохой нэһи­лиэ­гиттэн Семен Гуляев хапы­тааннаах «Күүлэй» хамаанда ылла. II миэстэҕэ уонна Тойбо­хой нэһи­лиэгин дьаһалтата ту­руорбут 40000 солк. харчыга Дьаархан нэһи­лиэгиттэн Павел Кырелов хапытааннаах «Үчүгэй Үрэх» хамаанда тигистэ. III миэстэ буолан, Сунтаар нэһи­лиэгиттэн кэлбит Афанасий Тимофеев хапытааннаах «Ти­мир» ха­маанда улуустааҕы тыа ха­һаайыстыбатын управле­ниета туруорбут 400 л сэлээркэ сэртипикээтин тутта. Маны, таһынан «Хотой» (хап. Карл Петров), «Тоҕой Сэлэ» (хап. Юрий Осипов) хамаанда­ларга «Камелек» сахалыы иһит наборун, күрэх кыттыы­лаахтара бары грамоталары туттулар.

Быйылгы күү­лэйгэ эр дьону кытары тэҥҥэ күрэхтэспит соҕотох кэрэ аҥар Марта Тимофеева («Тимир»), саамай аҕа саастаах кыттааччы Иван Гуляев («Күүлэй») «Хочо» МУТ туруорбут 5 киилэ сиир арыы сэртипикээтин туттулар.