Туруорсуу элбэҕэ, кэпсэтии дьоһуннааҕа таҕыста

328

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ В.И.Тихонов салайааччылаах үһүс бөлөх иккис күнүгэр үс нэһилиэккэ сырытта. Бырабыыталыстыба отчуотун истээри, дьүүллэһээри, араас боппуруостарын туруорсаары дьон-сэргэ олус көхтөөхтүк кытынна. Түбэй Дьаархаҥҥа — 46, Сиэйэҕэ — 54, Түбэйгэ — 37 киһи кэлбит. Ити 137 киһи барыта Бырабыыталыс-тыба биир сыллаах үлэтин биһирээтилэр.


Түбэй Дьаархаҥҥа көрсүһүүгэ В.И.Тихоновы кытары бэрт элбэх сонуннаах, ханнык баҕарар ыйытыыга толору хоруйу биэрэр кыахтаах биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, бүддьүөт кэмитиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ А.С.Уаров сырытта. Бөлөҕү салайааччы көрсүһүүнү үөрүүлээх түгэнтэн саҕалаата. Түбэй Дьаархан нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Н.Я.Петроваҕа «СӨ тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэни туттарда.

В.И.Тихонов дакылаатын, А.С.Уаров Ил Түмэн үлэтин кэпсээбитин кэнниттэн ыйытыылары биэриигэ киирдилэр. Нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар, улуус хаһыатын сытыы бөрүөлээх селькора И.И.Иванов төһө да балыыһаҕа сыттар, уонча ыйытыыны суругунан ыыппытыгар хоруйдаатылар. Түбэй дьаарханнар бастакынан бу сылга үлэҕэ киириэхтээх 50 миэстэлээх оҕо саадыгар миэбэли, куукуна тэрилин толору комплегын, мусукаҕа туттуллар аппаратураны, спортивнай инвентары, оҕолор оонньуур былаһааккаларын туруорустулар. Салгыы 2004 с. үлэҕэ киирбит орто оскуола өрөмүөнүн, манна кыһынын 12 эрэ кыраадыс сылыйарын эттилэр. Биллэн турар, өрүс уҥуор эрэйэ суох сылдьарга парому туруорустулар. Ветеринарнай пуун тутуутун үбүлээһинин чопчуластылар. Арыылаахтан Сиэйэҕэ, Ыгыаттаттан Түбэйгэ диэри уот ситимин баҕаналара эргэрбиттэрин, онон өрөмүөннүүргэ, саҥардан биэрэргэ уолдьаспытын ыйдылар.

Салгыы Сиэйэҕэ ыытыллыбыт отчуот орто оскуола спордун саалатыгар буолла. Манна дьон-сэргэ Бырабыыталыстыба үлэтин көрдөрөр, кэпсиир ролигы сэргээтэ. Отчуокка ордук эдэр ыччат күргүөмүнэн кэлбитэ олус үчүгэй буолла. Манна тиэндэри ыытыыны, уот тарыыбын, саҥа спорт саалатын тутуутун, элбэх оҕолоох ийэлэргэ чэпчэтиилэри, Уһук Илин биир гектарын, сылгыны үөрдээн иитиини, Табаҕа холуонньатыгар баар биир дойдулаахтара Виктор Иванов-Сиэйэ Уола хайдах балаһыанньалааҕын, ходуһа күрүөлэрин тутуутун, Сиэйэ орто оскуолатын үбүлүөйүн тэрээһинин, биир дойдулаахтара, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр салайааччы Матвей Евсеев билигин тугунан дьарыктанарын, о.д.а. ыйыталастылар.

Кэпсэтиигэ биир бастакынан тыл эппит пенсионер Трофим Егоров:

– Өр сылларга Ил Түмэҥҥэ үлэлээн улахан үөрүйэхтэммит, кыамматтарга, кыһалҕалаахтарга мэлдьи көмөлөһөр Александр Сергеевич кэлбитин истэн бэйэм кыһалҕабын, туруорсуубун этээри анаан кэллим. Бу этэр боппуруоспун эдэрбэр кыайан өйдөөбөтөх буолан туруорсубатах эбиппин. Төрөппүт аҕам сэрии саҕаланыытыгар биир дойдулаахтарын кытта Туруктаҕа диэри сатыы барбыта. Кини сэрии хонуутугар өлбүтүн кэннэ мин соҕотох, тулаайах хаалбытым, аҕа диэни билбэтэҕим. Онон Александр Сергеевичтэн сэрии сылларын тулаайахтарыгар чэпчэтии оҥоһулларыгар туруорсара буоллар, диэн көрдөһүүлээхпин, — диэтэ.

Нэһилиэгин туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк көмөлөһөр Алексей Филиппов Сиэйэ ыччаттара чөл олохтоох, эт-хаан өттүнэн доруобай буолалларыгар култуурунай-спортивнай киин хайаан да тутулларын туруоруста. Итини этэн туран, Сиэйэҕэ бокса спорда тэриллибитэ 60 сылын санатта. Энтузиаст тириэньэрдэр Сыромятников, кэлин Ананьев таһаарыылаах үлэлэрин салгыыр тириэньэрдэри олохсутар наадатын эттэ. Бу боппуруоска Ил Түмэн дьокутаата А.С.Уаров үп-харчы өттүгэр көмөлөһөн «Үтүө дьыаланан» тутулларын туруорсарыгар көрдөстө.

Бырабыыталыстыба отчуотугар биир сүрүн «дьоруойунан» алта улуус Бочуоттаах гражданина Александр Уаров буолла диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Салгыы кэпсэппит учуутал Анатолий Степанов эмиэ дьокутааппытыгар анаан истиҥ-иһирэх тыллары эттэ, киниэхэ ис сүрэҕиттэн махтанна. Уола үөрэххэ киирэригэр көмөлөспүтүн, онтон санаата улаханнык көтөҕүллэн аны устудьуоннуу сылдьар балтын төлөбүрэ суох үөрэххэ көһөттөрөргө көмөлөһүннэрбитин эттэ. Анатолий Никитич түмүгэр: «Уолум билигин үөрэх туйгуна. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйаҕа олимпиадаҕа бастакы миэстэни ылла. Онон дьокутааппыт А.С.Уаровка уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н.Жирковка улаханнык махтанабын»,– диэтэ.

Сиэйэлэр тырааныспар, сибээс, суол хаһаайыстыбатын салаатыгар кыһалҕаларын этиннилэр. Сэлиэнньэ ортотунан ааһар федеральнай суолга баар Мир уулуссаҕа уот-күөс тардылларын уонна аспааллааһыны туруорустулар. Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатыгар: Ходуһалаах уонна Муоһааны нүөлсүтэр систиэмэ иккис уочаратын үбүлээһини. Үсүһүнэн, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна энергетикаҕа: сэлиэнньэ ВЛ-0,4 реконструкциятын, трансформаторнай подстанциялар кыамталарын кыбаарталларынан үллэриини. Төрдүһүнэн, доруобуйа харыстабылыгар: Сиэйэ врачебнай амбулаториятын хапытаалынай өрөмүөнүн, учаастактааҕы балыыһа статуһун төнүннэриини. Бэсиһинэн, үөрэҕириигэ: таас варианынан тутуллар орто оскуоланы 2017-2022 сылларга инвестиционнай бырагыраамаҕа киллэриини. Алтыһынан, тутууга: 2017 сылга элбэх функциялаах киин тутуутун «Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар киллэриини.

Түбэйгэ отчуоттуур мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Г.А.Данилов салайда. Манна даҕаны күннээҕи олохпутугар олус наадалаах боппуруостары ыйыттылар: самолетунан көтөр билиэт сыаната тоҕо ыараханын, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун орто хамнастарын хайдах ааҕалларын, заправканы хаһан оҥороллорун, электрическэй уот уонна бензин сыаналара хаһан түһүөҕүн, бурдукка субсидия өрүллүүтүн, о.д.а.

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы В.М.Евсеев:

– Биһиэхэ 1976 сылтан электролиниябыт өрөмүөннэнэ илик. Күүстээх тыал түстэ даҕаны, уоппут баран хаалар. Баҕаналарбыт 90 бырыһыаннара төрдүлэрэ эмэҕирэн тураллар. Бу боппуруоһу туһааннаах салайааччыларга араастаан туруорса сатаатыбыт да, хамсааһын тахсыбат. Сунтаардааҕы РЭС начаалынньыгар Ю.К.Григорьевка мэлдьи туруорсабыт, Забегиҥҥа сурук ыыппыппыт. Хамсааһын суох. Ыгыатта уонна Нөөрүктээйи өттүгэр эмиэ электролиния туруга мөлтөх. Үгүс баҕаналар ураҕаһынан өйөнөн тураллар. Иккиһинэн, өрүс туорааһыннаах буоламмыт, паромҥа наадыйабыт. Онон 20 туоннаҕа диэри уйуктаах парому туруорсабыт, — диэн сүрүн кыһалҕаларын туруоруста.

Култуура дьиэтин дириэктэрэ С.Н.Зедгенидзева бу бөлөххө өрөспүүбүлүкэ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ В.И.Тихонов бэйэтинэн сылдьарын туһанан үлэтин кэпсээтэ уонна кэккэ боппуруостары туруоруста. «Дьиэбитин ититиигэ улаханнык ороскуотурабыт, тарыыптарын сыаната наһаа ыарахан. Ити иһин Сиэйэ култууратын дьиэтэ сабыллан турар. Билигин култуураҕа дьон ирдэбилэ кытаатта. Салгыы оһуохайга болҕомтону уурар саамай сөптөөх. Кылаабынайа эдэрдэри уһуйуохха», – диэтэ түмүгэр Светлана Николаевна.

Оҕо саадын сэбиэдиссэйэ С.Д.Илларионова эмиэ чопчу, олох чуолкайдык бэйэтин тэрилтэтин кыһалҕатын эттэ: «Биһиэхэ ыччат элбэх, оҕо төрөөһүнэ аҕыйаҕа суох. Оттон 1980 сыллааҕы оҕо саада олус эргэрдэ, өрөмүөннэммэтэҕэ ыраатта. Уруккута сопхуос дьиэтэ этэ. Материальнай баазабыт быстар мөлтөх, билиҥҥи ирдэбилгэ ырааҕынан эппиэттээбэт. Ол иһин араас хонтуруоллуур уорганнар кэлэ-кэлэ ботуччу харчыга ыстарааптыыллар. Оҕо тэрилтэтигэр билигин 15 кырачаан сылдьар. Оттон тэрилтэҕэ ылыллар саастаах 26 оҕо миэстэлэрэ суох буолан, дьиэлэригэр олороллор. Онон түргэн соҕустук саҥа оҕо саада тутулларыгар туруорсабын».

Бөлөх салайааччыта В.И.Тихонов бүгүн отчуоттаабыт 3 нэһилиэгэр дьон-сэргэ саамай наадалаах боппуруостары туруорсубуттарын, этэллэрэ-тыыналлара сааһыламмытын бэлиэтээтэ уонна үчүгэй, астык кэпсэтии иһин саалаҕа мустубут дьоҥҥо махтанна.