Ытык Күөлгэ киин библиотека ааҕар саалатыгар биир дойдулаахпыт, экономическай наука доктора Эдуард Иванович Ефремов-Дэхси сэттэ уонуттан тахсан баран «Эргис ойуун» диэн историческай, социально-культурнай, фольклорнай ис хоһоонноох улахан романы суруйан таһаартарда. Эдуард Иванович 40-ча сыл Саха сирин сиртэн хостонор баайын туһаҕа таһаарыы экономикатын наука өттүттэн үөрэтэн, олоххо киллэрсэн кэллэ.
Эдуард Ефремов Тааттатыгар улахан кээмэйдээх уус-уран литературнай айымньытын туппутунан кэлэн, биир дойдулаахтарын соһутта, үөртэ, сөхтөрдө даҕаны. Кинигэни биһирэмнии, санааларын этэ, эҕэрдэлии ааҕар сааланы толору, 50-ча киһи кэлбит.
Биһирэм Дэхси олоҕун, үлэтин, киһи быһыытынан сайдыытын кэрдиистэрин сиһилии билиһиннэриититтэн саҕаланна. Эдуард Иванович бииргэ үөрэммит доҕотторун, үөрэппит учууталларын, эдэр-сэнэх кэмнэрин олус күндүргэтэн ахтыбыта барыбытын долгутта. Кини ордук чугастык аармыйаҕа сылдьан дьону баһаартан быыһаары хорсун быһыыны оҥорбут, куруутун инники паартаҕа кэккэлэһэ олорон үөрэммит доҕорун Нажим Нестеровы киэн тутта аҕынна. Бииргэ үөрэммит доҕотторо, математикаҕа үөрэппит учууталлара Александра Порфириевна Слепцова, Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын бэтэрээн учуутала Ксения Анисимовна Хатылыкова олус дириҥник сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.
Александра Порфириевна үөрэппит оҕотун, кылааһын саамай кыра саастаах уолун билиҥҥэ диэри кыра оҕолуу саныырын, ахтарын ис сүрэҕиттэн манньыйан туран иһитиннэрдэ. Учуутала: «Эдуард Иванович, Эдик бэрт сымса, элбэх хамсаныылаах оҕо буолара. Үөрэҕэр кыанар, бары предметтэри кыайа тутар, үөрэххэ ураты дьоҕурдаах диэн өйдүүбүн. Оҕом ийэтэ Елена Аммосовна миигин эмиэ үөрэппит учууталым этэ. Аны мин үөрэхтэнэн учууталбынаан бииргэ үлэлээбиппит. Ийэлээх аҕата олус үлэһит, талааннаах дьон этэ. Эдуард билигин улахан учуонай киһи, бэйэтин республикатын дьонугар эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ, Россияҕа киэҥник биллэр, үчүгэй ыал аҕата, сиэннэр эһэлэрэ буолан сылдьарыттан үөрэбин, бачча сааспар диэри өлүөр сылдьан оҕо дьолломмутун көрөн дьоллонобун», — диэн кэпсээтэ.
Бу роман суруллуутун туһунан Дэхси: «Аҕам олохтон бараары сытан кэриэс быһыытынан Эргис уустарын туһунан суруйарыҥ буоллар, оҕолоруҥ, дьонуҥ-сэргэҥ да төрүппүтүн-ууспутун билэн хаалыа этилэр диэн эппитэ олоҕум устатын тухары өйбөр-санаабар сылдьыбыта. Онон, сааһыран баран аҕам этиитин толорорго соруммутум. Төрүттэрбин билэргэ дьулуһан 200-н тахса саха устуоруйатыгар, Тыгын Дархан уонна Эргис аҕатын ууһун туһунан суруллубут кинигэлэри аахтым. Устуоруйа диэн олох чопчу ыйыылардаах наука буолуо диэбитим, чопчу күн-дьыл, сабыытыйалар ыйыллыбаттар эбит. Онон итини чуолкайдаары элбэх литератураны хасыһан аахтым, суруннум, айымньыбар туһанным. Арамааным биир сүрүн хайысхатынан, мин санаабар, Кээрэкээн ойуун аҕата Холотой кырдьаҕас төрүт удьуордарын, Хайараҥ аҕатын ууһун дьонун талыы-талба Таатта сиригэр көһөрбүт төрүөтүн, айан араас эриирин, онно тиийэн олохсуйуутун уустуктарын атын хараҕынан көрөн суруйуу буолар. «Мин оччолорго туох-хайдах буолуом, хайдах олоруом, дьону кытары сыһыаннаһыам эбитэ буолла?» диэн ыйытыкка олоҕуран суруйуум, ааҕааччы урукку суруллубут сабаҕалааһыннарга оҕустарбакка, олору хамсаабат кэрэх бэлиэтэ гыммакка ис куттарын ылыныытынан өйдөөн-санаан анаарыа диэн эрэллээхпин», — диэн олохтоохтук быһааран, ааҕааччы интэриэһин тардар тылын тиэртэ.
Кыраайы үөрэтээччи, бэтэрээн учуутал Е.Ф.Кузьмина: «Кинигэ тыла-өһө урана, этиилэрэ ааҕарга кудуххайдара ааҕааччыны ордук тардар. Саха төрдө-ууһа буолар эдэр дьон истиҥ иэйиилээх тапталлара бэрт кылгастык, чопчутук суруллубута кэрэхсэбиллээх. Таптал быһыыта-майгыта ситэри ойууламмыта ааҕааччыга интэриэһи тардар. Ыал буолуу, саҥа ыалы тэрийии сиэрэ-туома бэркэ суруллубут. Аҕа уустарын, дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара дириҥ ис хоһоонноохтук ойууламмыттар», — диэн дириҥник ырытта.
Биһирэмҥэ Ытык Күөл 1 №-дээх орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан, Албан Аат музейын салайан үлэлээбит, элбэх кинигэни таһаарыыга редактор, сүбэһит быһыытынан үлэлиир Ксения Анисимовна Хатылыкова: ««Эргис ойуун» роман суруллубут тыла, этиилэрин тутуллара, айымньы быһыытынан сүрүн ис хоһоонун быстыспат ситимэ, айымньы геройдарын уобарастара чаҕылхайдык, ситэри-хотору арыллыбыттарын, суруллубуттарын сиһилии холобурдаан ырыппыта саҥа кинигэни ааҕарга, кэрэхсииргэ улахан олугу уурда«.
Биһирэм бүтэһигэр Эдуард Иванович бу айымньынан тохтоон хаалбакка өссө атын айымньылары суруйар, чахчы да өссө иннин диэки, ыраахха тиийэр баҕалааҕын биллэрдэ.