«Улуус олоҕо»: Чурапчыны хортуоппуйунан хааччыйар фермер оҕуруот аһын харайар сир наадатын этэр

1542

«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» анал бырайыагын иитинэн тахсар «Улуус пааспара» рубрикатын 2018 сылга Чурапчы улууһуттан саҕалыыр. Бу саха омук түөлбэлээн олорор дойдутугар тыа хаһаайыстыбатынан араас салаата сайыннарыллар. Бүгүҥҥү таһаарыыга — хортуоппуйу үүннэриинэн умсугуйан туран дьарыктанар Данил Павлов туһунан кэпсиибит. Кини ситиһиитэ уонна үлэтигэр көрсүбүт кыһалҕаларын туоратыыга дьаһаллара атыттарга холобур буолуон сөп.


Санаан көрүҥ эрэ – харах ыларын тухары уһуун да уһун, киэҥ да киэҥ, нэлэмэн бааһынаҕа, эккирэтиспит курдук, тэбиис-тэҥник үүнэн хоройон тахсыбыт хортуоппуй ото сибэккилэнэн, ас кутан, ситэн-торулаан аҕай эрэр… Айылҕа күөх быйаҥыттан күндүлүүр түгэнин биир саамай кэрэ көстүүтэ буолбаат?!..  Ол эрээри, билигин биһиэхэ – кыһын. Онон, тыа сиригэр ханна да тиий — бааһына үрүҥ тумара хаарынан бүрүллэн, уоскуйан, налыйан аҕай сытар, сааска-сайыҥҥа диэри сынньанар.

Оттон хаһаайыстыбалар билигин, Сахабыт сирин торулас тымныы кыһынын оройун этэҥҥэ туораппыт астарын саҥа үүнүүгэ диэри көрөн-харайан, нэһилиэнньэҕэ хайаан даҕаны үчүгэй хаачыстыбалаах бэйэ бородууксуйатын тиэрдиэхтээхтэр. “Көрөн-харайан” эрэ диир өссө тутах буолуо, “бүөбэйдииллэр” диэххэ наада.

Чурапчы улууһун Амма Эбэ кэрэ кытылыгар турар Мындаҕаайы сэлиэнньэтин хортуоппуйу үүннэрээччитэ Данил Павлов “Сайдыы” бааһынай хаһаайыстыбатыгар сылдьан көрдөххө – үлэһиттэр, туох да омуна суох, хас биирдии хортуоппуйу илиилэригэр ылан, сууйан-сотон, кууллаан, нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарарга бэлэмнииллэр.

Оскуола дириэктэрин дуоһунаһын фермергэ кубулуппута

Оскуола дириэктэринэн бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан, хортуоппуйу үүннэриигэ бааһынай хаһаайыстыба тэриммит фермер Данил Данилович Павловы төрөөбүт улууһугар дьон үксэ билэр уонна хайгыыр. Кини Мындаҕаайыга агро-оскуоланы салайбыт буолан, бу быһаарыныыта олус соһуччу буолбатах этэ диэх кэриҥнээхпин.

— Биһиги сирбит — олус быйаҥ, үтүө дойду. Урут, сопхуос эрдэххэ, оҕуруот аһын ыһыы, олордуу киэҥ сирдэри ылара. Онтон, уларыта тутуу саҕаланан, хаһаайыстыбалар ыһылланнар, туох барыта тохтоон хаалбыта. Сүүрбэччэ сыл сири кытта үлэ ыытыллыбакка турбута. Бу барыта миигин, агро хайысхалаах орто оскуола дириэктэрин, олус долгутара. Оҕуруот аһын суолтатын, сибиэһэй бэйэ аһа дьоҥҥо, ыччаппытыгар хайдах курдук наадалааҕын билэбин, өйдүүбүн. Ол иһин, оскуолабыттан барыам иннинэ, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччыларын кытта билсэн, кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран, фермер буоларга быһаарыныы ылыммытым, — диир Данил Данилович.

Кини, үрүҥ соруочукалаах, көстүүмнээх, бартыбыаллаах дириэктэр дуоһунаһыттан бэйэтин баҕа өттүнэн производствоҕа барбытын кытаанах, олус туруору быһаарыныы курдук санаабат. Аҕата Данил Харитонович Павлов сопхуос биир тутаах үлэһитэ, суоппар буолан, Данил тиэхиньикэҕэ, тыа сирин үлэтигэр оҕо эрдэҕиттэн сыһыаннаах. “Урут оскуолаҕа үлэлии сылдьан, кырдьыгы кистээбэккэ эттэхпинэ, тутааччы уолаттарга уонна суол оҥорооччуларга, үлэлэрин түмүгэ тута көстөр диэн, ымсыырар этим. Туппут дьиэҥ бу дьэндэйэн турар, оҥорбут суолуҥ бу тыргыллан сытар. Аны дьон-сэргэ үөрүүтэ! Оттон оҕуруоту ылан көрөр буоллахха, хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп – хаһан даҕаны дьоҥҥо барытыгар тиийбэт, ол иһин үксэ кэлии, аҕалыы ас буолара. Дьиҥэр, бэйэбитигэр үүннэрэр, нэһилиэнньэни сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйар кыах баар буоллаҕа. Онон, саҥа суолу тутуһан, идэбин уларытан, фермерскэй хаһаайыстыба тэриммитим. Сыыһа быһаарыныы дии санаабаппын, төттөрүтүн сөбүлүүр идэбэр таба тайанным”, — диэн санаатын үллэстэр эдэр фермер.

Данил Павлов хаһаайыстыбата 2015 сыллаахха регистрацияламмыта, 2016 сылга кыһын-саас бэлэмнэнэн баран, граҥҥа киирсибиттэрэ. Бастакы сылларыгар, Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕыттан сиэмэ хортуоппуй аҕалан, 7 гектар сиргэ ыспыта. Өлүөхүмэлэр эдэр фермери өйөөннөр, харчытын кэлин, сыыйа төлөөбүтэ. Хортуоппуйу таһынан, боруобаҕа диэн, 12 суотай сиргэ хаппыыста, 5 суотай сиргэ сүбүөкүлэ ыспыта.

“Хаппыыстаттан хараххын араарымыаххын наада…”

— Хаппыыстанан эмиэ дьарыктанар эбиккин. Хаппырыыс оҕуруот аһа буолбатах дуо?

– Хаппыыста хаппырыыһа диэн – наар кэтии сылдьан, үөн түһээри гыннаҕына, тута ыраастаан, эмтиирин эмтээн, кэмигэр көмөн, сыыһын үргээн, бириэмэтин-кэмин куоттарымыахха наада. Хаппыыста үчүгэйэ диэн – күһүн атыыга хамаҕатык барар, тоҕо диэтэххэ, киһи эрэ барыта хаппыыстаны үүннэриинэн дьарыгырбат. Онон, хаппыыстаны олордор наадалаах.

Билигин, биллэн турар, туох барыта олус сыаналаах, тиэхиньикэ буоллун, туттар тэрил, сиэмэ да буоллун. Ол иһин, үөрэтэн баран, былырыын 1 гаҕа хаппыыста олордубуттар, күһүн онтон 11 тоннаны ылбыттар. Төһө да сэмэй көрдөрүү буоллар, кылаабынайа, хаһаайыстыба бэйэтин кыаҕын, хайдах-туох ыстахха ордугун ымпыгын-чымпыгын биллэҕэ. Хортуоппуйу 20 га сиргэ үүннэрбиттэр. «20 гаттан үөһээ ыстахпытына эрэ бырагыраамаҕа хапсабыт. Итиэннэ тэтимнээх соҕустук, кыахпытын ылаары”, — диэн этэр фермер.

Данил мэлдьи туһалаах сүбэлэри-амалары биэрэр биир идэлээҕэр, Нам Хамаҕаттатыттан удьуор оҕуруоччут Александр Жирковка, быйыл күһүн хомуурга хамбаайынын уларсан, улаханнык абыраабыт Хатастан Леонид Чусовскойга истиҥник махтанар.

Билигин манна, дойдуларыгар, “Мындаҕаайы сайдыыта” диэн бырайыак баар, былырыыҥҥыттан үлэлии турар, онно киирсэн, Данил Павлов бэйэтэ этэринэн, “соруйан, былааҥҥа үрдүк планканы” туруоруммута. Холобур, 2017 сылга – 20 га буоллаҕына, 2018 сылга – 25 га сиргэ хортуоппуй ыһыллыахтаах. Онно эбии 2 га сиргэ хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп эмиэ иэннэрэ улаатар – 60-нуу суотай буолуохтаахтар.
Хортуоппуйунан дьарыктанар предприниматель Данил Павлов быйыл былаанын куоһарда. Былырыын биир гааттан 100 центнери ылбыт буоллаҕына, билигин, барыллаан, 140-нуу центнери хомуйа сылдьар”, — диэн бу күһүн “Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru. сайтка биир идэлээҕим Аграфена Кузьмина суруйбута. Бу матырыйаалга баар күһүҥҥү хаартыскалар ааптардара кини.

Саҥаны, сонуну киллэрээччи

Данил Павлов элбэхтик айанныыр, фермерскэй хаһаайыстыбаларга сылдьар, кэмпириэнсийэлэргэ кыттар, уопут атастаһар. Холобур, бастаан Уссурийскайга буолбут хортуоппуйу үүннэрээччилэр мунньахтарыгар кыттан, сиэмэ хортуоппуй боппуруоһун көтөҕөн, тыл эппитэ. Новосибирскайга тиэхиньикэ, туттар тэрил көрө-истэ, үөрэтэ бара сылдьыбыта. Кини бу айаннарыгар соҕотоҕун, биллэн турар, бэйэтин суотугар барар-кэлэр. Үсүһүн бу Саҥа дьыл саҕана Благовещенскай куоракка семинарга кытынна. Онно подмосковьелар кэлбиттэр этэ, оҥорон таһаарыыларын иэнэ киэҥин, оҕуруот аһын ылыылара үрдүгүн сөхпүттэр. Уопуттаах хаһаайыстыбалар үгүс сүбэлэри-амалары биэрбиттэр, онон фермер Павлов олус туһалаах семинар буолбутун бэлиэтиир.

Тиэхиньикэтинэн хааччыллыыта үчүгэй. Былырыын кини бырагыраамаҕа киирсэн, культиватор, быйыл – Японияҕа оҥоһуллубут хамбаайын ылбыт. Ону таһынан, “Технополис” диэн тэрилтэттэн хортуоппуйу хаалыыр 1 тонналаах кууллары атыыласпыт. Онон, үлэҕэ саҥаны, сонуну киллэрэн иһэр.

Данил сайынын аныгы тиэхиньикэни күүскэ туттар буолан, үксүн бэйэтэ үлэлиир. Ол гынан баран, бу – дьиҥэр, дьиэ кэргэн дьыалата диэххэ сөп. Аҕата, кэргэнэ, оҕолоро, бырааттара-балыстара, түөлбэтин ыччата – ким тугу сатыырынан, ким туохха дьоҕурдааҕынан, бары үлэлииллэр, ким да көрөн турбат. Күһүн хомуурга оскуола оҕолоро, Одьулуун техникумун устудьуоннара көмөлөһөллөр. Одьулууннары тэрээһиннээхтэр диэн Данил Данилович олус хайгыыр.

Оттон биһиги бу олунньу саҥатыгар сылдьарбытыгар, бэйэтэ уонна түөлбэтин ыччата-уол (биир үлэһит быраата куоракка киирбит этэ) хортуоппуй наардыы сылдьаллара. Кууллуу-кууллуу нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаараллар. Сыаналара удамыр буолан, дьон хото атыылаһар. Дьон сакааһын толорон, дьоҕус массыынаҕа тиэйэн, Чурапчы улууһун Бахсы, Арыылаах курдук ыраах нэһилиэктэригэр тиийэ айанныыллар.

Данил Павлов бэйэтэ оҕо саадтарын, оскуолалары кытта дуогабар түһэрсэр, оҕолору сибиэһэй, бэйэ бородууксуйатынан хааччыйар. Остолобуойдары, кафелары кытта эмиэ үлэлэһэр. Оттон ыаллыы Амма улууһун Сэргэ Бэһигэр үлэлиир уопуттаах фермер Александр Фоминныын кинилэр Чурапчы улууһун маҕаһыыннарын барытын кэриэтэ – 99 бырыһыан хааччыйаллар. «Эһиил 100 бырыһыан хааччыйар буолуохпут«, — диэн Данил Данилович санаата бөҕөх. Онон, Чурапчы дьоно олохтоох, үчүгэй хаачыстыбалаах бородууксуйанан аһыы олороллор.

Оҕуруот аһын “бүөбэйдээн” үүннэриллиэхтээх

Данил Павлов салайар үлэтин өссө биир үчүгэй өрүтэ – икки үлэ миэстэтин таһаарбыта буолар. Ону таһынан, күһүн-саас дьону, биир дойдулаахтарын быстах кэмҥэ дуогабарынан эмиэ үлэлэтэр.

Фермер хортуоппуйун уруккута сопхуос харааһа буолан турбут ангарга ууран туруорар. Хас да сыл таах турбут харааһы туһаҕа таһаарбыттара эмиэ үчүгэй. Оһох туруорбуттара, температурнай эрэсиими тутуһуннара сатыыллар, кыһынын түүннэри-күнүстэри бэйэлэрэ харабыллаан, кыараҕас буолан, 200 тоннаттан тахса хортуоппуйу, онно эбии хаппыыстаны, сүбүөкүлэни эмиэ, ыбылы симэн, оҕуруоттарын аһын күннэри-түүннэри көрөн-истэн, сыл таһаараллар. Биллэн турар, анал харайар сир суох буолан, оҕуруот аһын, олус улахана да суох буоллар, хас эрэ бырыһыана туһаттан тахсарын этэллэр. Ол гынан баран, санааны түһэрэр табыллыбатын бэлиэтииллэр.

Өскөтүн Павловтаах былырыын 20-чэ сыл кырыс буолан турбут сири туһаҕа таһааран, хотуоппуйу ыспыт эбит буоллахтарына, быйыл бааһына өссө тупсар туруктаах. Былаан – 25 га сиргэ хортуоппуйу үүннэрии, кырдьык, улахан. Онон, сирдэрин паардыахтара уонна аныгы технологиялары туһанан, сир өлгөм үүнүүнү биэрэрин туһугар өссө күүскэ үлэлиэхтэрэ-хамсыахтара.

Кылаабынайа – оҕуруот аһын уурар-харайар сир наада.

Данил Павлов фермерскэй хаһаайыстыбата “Аһымал” акциялары ыытар, спонсордыыр үтүө үгэстээх. Бу күһүн Чурапчыга буолбут тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын кэмигэр акция биллэрэн, нэһилиэнньэҕэ хортуоппуйун киилэтин 28-тыы солкуобайга – сыанатын аҥаарыгар атыылаабыта. Аны, элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөн, “Ийэ декадатын” кэмигэр уопсайа 75 куул хортуоппуйу босхо түҥэппитэ. Кини күһүн хомуурун “Чурапчы” ТХПК оҕуруот аһын хаһаанар сиригэр илдьэн ууруохтааҕа да, ардах мэһэйдээн, суол алдьанан, эппиппит курдук, Мындаҕаайыга ангарга туруорда. Мантан кыһыннары нэһилиэнньэни хортуоппуйунан хааччыйда.

Нэһилиэк саҥа баһылыга Анна Николаевна Флегонтовалыын фермер салгыы бииргэ үлэлэһиэхпит, диэн бигэ санаалаах.

Фермер Павлов ыра санаата

— Ыра санаам – хортуоппуйбутун, оҕуруоппут аһын уурар, хаһаанар сир наада. “Мындаҕаайы сайдыытын” бырайыагар, дьиҥэр, бу 2018 сылга киирэн турар. Онон, дьэ, этэр этиибит, көрдөһүүбүт, туруорсар туруорсуубут – үчүгэй анал тэриллэрдээх оҕуруот аһын хаһаанар сир буолар. Бу Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутууга бырагырааматыгар киирэрэ олус наада. Оччотугар, манна Мындаҕаайыга саҥа үлэ миэстэтэ да тахсыа этэ. Атын да баҕа санаа, былаан элбэх, ол эрээри, ити өттүн барытын бэйэбит, кимиэхэ да сэлээннээбэккэ, быһаарыныахпыт дии саныыбын. Кылаабынайа, уурар, хаһаанар анал сир баар буоллаҕына, киһи хортуоппуйу төһө баҕарар өлгөмнүк үүннэриэн сөп. 


Тыа сиригэр биир үтүө күн ааста. Үлэ, олох үөһүгэр сылдьар саҥа дьоннуун билсистибит, инникини, кэскиллээҕи көрдүбүт-иһиттибит, истиҥник кэпсэттибит-ипсэттибит, онтон үөрдүбүт.