«Улуус олоҕо»: Дьон олорор дьиэлэрин гаас оттукка холботторуу

3205

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн тыа сирин гаастааһын үлэтэ күүскэ ыытыллар, тыһыынчанан килэмиэтир усталаах сүрүн үөс ситимэ тардыллан, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга ”күөх төлөн” холбонно. Ити эрээри, чуолаан, чааһынай дьиэҕэ гааһы киллэриигэ кэккэ ыарахаттар суох буолбатахтар. Биһиги ону быһаарар соруктаах “РИИХ Сахамедиа” АУо “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн, быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар дьону кытта атах-тэпсэн олорон кэпсэттибит.


Анал бырагыраама чэрчитинэн

Тыа сирин гаастааһын бастакы түһүмэҕэ 2003 сылтан саҕаланан 2013 сылга диэри ыытыллыбыт тыа сирин социальнай-экономическай сайдыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын чэрчитинэн оҥоһуллубута. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Николай Петров сиһилии билиһиннэрдэ. Билигин үлэ “Тыа сирин 2014-2017 сылларга уонна 2020 сылга диэри кэмҥэ бигэтик сайыннарыы” тус сыаллаах федеральнай бырагыраама чэрчитинэн барар. Бу кэм устата тустаах министиэристибэ 24 нэһилиэккэ, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү, Майа сэлиэнньэлэригэр, үлэлэһэн кэллэ. Итиннэ манныгы өйдүүр наада: гаастааһын хас да өрүттээх үлэ — сүрүн үөһү тардыыга Бырамыысыланнас министиэристибэтин иһинэн “Стройсельгазификация”, бөһүөлэк иһинээҕи ситими ыалларга тиэрдиигэ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, оттон гааһы дьиэҕэ киллэриигэ “Сахатранснефтегаз” ААУо үлэлиир. Бу кэлиҥҥи сылларга тоҕус нэһилиэккэ сирэй сакаасчыт быһыытынан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үлэлээтэ, итинтэн сэттэ нэһилиэк гаастаммыт, билигин икки нэһилиэккэ үлэлии сылдьаллар.

* Тус сыаллаах федеральнай бырагыраамаҕа киирэргэ туох ирдэнэрий?

Бастатан туран, нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбата сайдар, гаас сүрүн үөһэ кэлэн турар итиэннэ бөһүөлэги гаас­тааһын бырайыага оҥоһуллубут буолуохтаах, Биһиги ол бырайыагы РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр көмүскээн, үбүлэтэбит. Урукку өттүгэр Россияттан сылга 30-40 мөл. солк. көрүллэр буоллаҕына, быйыл 130 мөлүйүөнү ыллыбыт, дойду үрдүнэн 860 мөл. көрүллэриттэн. Маннык улахан өйөбүл өрөспүүбүлүкэ салалтата, Ил Дархан сөптөөх үлэни ыыталларын түмүгэр ситиһилиннэ. Быйыл, эппитим курдук, икки нэһилиэги гаастаатыбыт, эһиилгигэ былааннанар нэһилиэк­тэр бааллар. Ыытыллыбыт үлэни салҕыырга 2020 сыл кэнниттэн саҥа бырагыраама оҥоһуллуоҕа, гааһы Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа тиэрдэр сорук турар, – диэн Николай Ильич эппиэттиир.

Кыһалҕа

Нам улууһугар “күөх төлөн” киллэриллибитэ отут сыл буолла. Өрүс уҥуор сытааччылартан ураты бары нэһилиэктэр гаастаахтар. Олох сайдыытынан нэһилиэнньэ ахсаана элбии, бөһүөлэктэр кэҥии тураллар.

Нам сэлиэнньэтин баһылыга Андрей Новгородов гааһы үллэрэр-тарҕатар пууннар (ГРП) эбии тутулуннахтарына эрэ саҥа кыбартаалларга гаас ситимэ тардыллар кыахтааҕын эттэ. Бу билигин баар кыһалҕа. Бу боппуруоска “Сахатранснефтегаз” АУо-ны кытары үлэлии сылдьаллар эбит. Ол эрээри, бырайыагы оҥорууга, экспертизаны ыыттарыыга үбүлээһин нэһилиэк, сэлиэнньэ кыаҕын таһынан, итиннэ өрөспүүбүлүкэ көмөтө наадатын ыйда. Көмө баара буоллар, олохтоох бүддьүөттэн хос үбүлүө этибит диэн санаатын үллэһиннэ. Онтон салгыы кэлэр үлэ тус сыаллаах бырагыраамаларга тирэҕириэн сөп.

Маннык хабааннаах балаһыанньаҕа Нам улууһун Хамаҕаттата олорорун баһылык  Иван Максимов эмиэ ситэрэн кэпсээтэ. «Биһиги эмиэ итинник кыһалҕалаахпыт. Хамаҕатта үс сүүсчэкэ ыаллаах түөрт саҥа кыбартаалын ыаллара хочуолунай кыайбатынан, урукку ситимҥэ холбонор кыахтара суох”, – диэн иһитиннэрдэ.

Сүрүн быраабыла ирдэбиллэрэ

Гаас ситимин технологическэй холбооһун диэн дьиэ уонна атын социальнай эбийиэктэр учаастактарыгар диэри гаас ситимин тардыы буолар.
Быраабылаҕа гааһы киллэриини үс бөлөххө араараллар. Маҥнайгы бөлөх, маны атыннык чэпчэтиилээх диэн ааттыыбыт. Чааска 5 куб м диэри кээмэйдээх гааһы туһанааччылар манна хапсаллар. Гааһынан үлэлиир хочуол кыамтата улахан оруолу ылар. Онон манна чааһынай дьон киирсэллэр. Итини тэҥэ, чааска 15 куб. м диэри кээмэйдээх гааһы туһанар биирдиилээн предпринимателлэр эмиэ хабыллыахтаран сөп. Өскөтүн, 200 миэ­тэрэттэн уһуна суох ситим эбии тутуллар буоллаҕына (сүрүн ситимтэн (магистральнай) дьиэ учаастагар диэри кэлэр ситим). 200 м уһуннаах ситими тардыы сыаната 59 тыһ. солк. оттон 10 м диэри 47 тыһ. солк. төлөнөр. Иккис бөлөх стандартизированнай диэн. Манна гааһы чааска 500 куб м диэри туһанааччылар хабыллаллар. Итини тэҥэ, ситимҥэ гаас баттааһына 3 кв м 6 киилэттэн улахана суох буолуохтаах. Үһүс бөлөх индивидуальнай бырайыак диэн ааттанар. Манна гааһы чааска 500 куб. м элбэҕи туһанааччылар киирэллэр. Ол аата хочуолунайдар, улахан эби­йиэктэр, базалар.

Бастакы хардыы. “Сахатранснефтегаз” ААУо гааһы үллэрэр управлениетын “биир кэлим түннүгүн” сулууспатыгар (Дьокуускай к. Петр Алексеев уул. 64) эбэтэр тыа сиригэр олорооччулар улуускут киинигэр баар тустаах хампаанньа филиалларыгар маннык докумуоннары илдьэ кэлэҕит:
— пааспар (дьиҥнээҕэ уонна куоппуйата).
— сир учаастагын бас билиини туоһулуур докумуон.
— нэһилиэнньэлээх пуун территориятыгар учаастак ханан баарын көрдөрөр былаан.
— ИНН.
— Топографическай түһэрии, 1:500 мастааптаах.
— тутуллуохтаах эбэтэр тутуллан турар дьиэ чааска төһө гааһы туһаныахтааҕын туоһулуур ыспыраапка (өскөтүн, гааһы туһаныы 5 кубометртан кыра буоллаҕына, ыспыраапка ирдэниллибэт).

Гааһы холбонууга дуогабары түһэрсии бэрээдэгэ

Бастаан утаа гаас ситимин киллэриигэ сир учаастагын докумуона ирдэниллэр, маны оҥорторбокко сылдьан, гаас ситимин килэттэриэн баҕалаах элбэх. Бу докумуону Регпалаата биэрэр.

Иккис хардыы. Гааһы технологическэй холбонууга дьиэлээх киһи сайабылыанньа суруйан туттарар. Ол ­тустаах хампаанньа (СТНГ) техническэй усулуобуйаны оҥорор техническэй отделыгар уонна техническэй холбонууну оҥорор сулууспаҕа тиийэр. Балар кыттыһан үлэлээн, биир ый иһигэр холбонуу бырайыагын, техническэй усулуобуйаны оҥорон, сыанатын быһааран, анал дуогабар бэлэмнииллэр.

Үһүс хардыы. Оруобуна биир ыйынан (халандаар 30 хонуга) гааһы тарҕатар управлениеттан сайабылыанньа биэрбит киһиэхэ оҥоһуллубут дуогабары көрдөрөллөр. Ол эбэтэр, сайабылыанньаны туттарарыгар биир ыйынан маннык чыыһылаҕа кэлэҕин диэн эрдэт­тэн этэллэр. Сайаапкалаах киһи дуогабары көрөн-истэн баран, сөбүлэстэҕинэ илии баттыыр уонна гааһы киллэрии төлөбүрүттэн 25 % тута ууран биэрэр. Ол курдук, 57 тыһ. солкуобайтан 14 тыһ. 250 солк., оттон 48 тыһ. солкуобайтан 12 тыһ. солк. төлүүр.

Төрдүс хардыы. Илии баттаныллыбыт докумуон тустаах управлениеҕа тиэрдиллэн, дуогабар быһыытынан дьиэлээх киһиэхэ гаас ситимэ тардыллыбытынан барар. Маны хампаанньа бэйэтэ тардар эбэтэр сакаас наһаа элбэх буоллаҕына, чааһынай тэрилтэни бэдэрээтчит быһыытынан үлэлэтиэн сөп. Сокуон ирдэбилинэн, гаас ситимэ биир сыл иһинэн тардыллыахтаах. Быйыл от ыйыгар диэри бэриллибит сайаапканы оҥорон олороллор. Сайыҥҥы ыйдарга, ортотунан, 150-ча сайаапка киирэр. Тустаах исписэлиистэр этэллэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ, уһаабыта түөрт ый иһинэн гаас ситимин тардаллар. Ситим дьааматын тустаах тэрилтэ исписэлиистэрэ бэйэлэрэ хаһаллар. Кыһын тоҥ сири итии паарынан үрэр оборудованиенан ириэрэллэр. Кыһын үлэлииргэ, биллэн турар, хампаанньаҕа ороскуот улаатарын үрдүнэн, үлэ төлөбүрэ уларыйбат. Урукку өттүгэр чааһынай тэрилтэлэр кыһын дьааманы хаһалларыгар сыананы лаппа үрдэтэллэрэ.

Барыбыт кыһаҕабыт

Ленскэйтэн (быһа эфиринэн)

Ленскэй куорат Гагарин ­уулуссатын ыалларыгар 2010-2011 сс. былаан быһыытынан, ­гаас 2014 с. киллэриллиэхтээҕэ билиҥҥэ диэри суох. Куорат дьаһалтата өрөспүүбүлүкэ үбүлүөхтээх диир. Бу боппуруос хаһан быһаарыллыай?

Айталина МАКАРОВА, “Сахатранс­нефтегаз” ААУо технологическай холбонууга сулууспатын начаалынньыгын э.т.:
— Россия 2014 с. тахсыбыт саҥа быраабылатынан, сакаасчыт түһэрбит докумуоннарын чинчийэн-үөрэтэн баран (сүрүн үөс ааһар буоллаҕына), биһиги дуогабар түһэрсэн, гааһы ыал олбуоругар диэри аҕалан биэрэбит, сакаасчыт гааһы дьиэтигэр киллэрдэҕинэ, таҥан, холбоон биэрэбит. Ленскэйдэр гаастааһыҥҥа үлэлэһэллэр, отучча сайаапканы түһэрэн олороллор.

Мэҥэ Хаҥаластан

— Гаас сүрүн үөһүттэн төһө да чугас сыттар, Хорообукка “күөх төлөн” хаһан киирэрэ биллибэт. Саҥа талыллыбыт дьаһалтаҕа тугу сүбэлиэ этигитий?

Николай ПЕТРОВ, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы:
— Итиннэ мин этэрим маннык: гаас, бастатан туран, үрдүк күүрүүлээх сүрүн үөскэ сытар нэһилиэктэргэ киирэр, онтон атыттарга 2020 сыл кэнниттэн үлэ барыахтаах. Онон, итиннэ суоттанан, кэпсэтиини уонна үлэни-хамнаһы эрдэттэн ыыта турарга сүбэлиибин.


«Барыбыт кыһалҕабыт» улуустааҕы хаһыаттар редакцияларын кытта «Сахамедиа» холдинг кыттыгас ыытар төгүрүк остуола өрөспүүбүлүкэ суолталаах тыын боппуруостары ырытыыга ананар. Ыйга иккитэ нууччалыы уонна сахалыы тылынан «Якутия», «Саха сирэ» судаарыстыбаннай хаһыаттар суруналыыстара, пресс-киин тэрийэн ыыталлар. Кэпсэтии түмүгүнэн ырытыылаах ыстатыйалар хаһыаттарга  уонна СИА былаһааккатыгар «Барыбыт кыһалҕабыт Общая забота» диэн рубрикаҕа бэчээттэнэллэр.