Дьокуускай куораттан 150 км тэйиччи сытар, Өлүөнэ эбэ хотун таас хайатын үрдүгэр турар Еланка диэн айылҕа биир дьикти, кэрэ көстүүлээх сиригэр олохсуйан, хотон-хаһаа туттунан, саха ынаҕын иитиигэ ылсан үлэлэһэр Ивановтар дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаатым. Кинилэри кытта кэпсэтиибин «Хаҥалас улууһун пааспарыгар» таһаарабын.
Еланка сирэ-уота дьон-сэргэ өйдүүн-санаалыын сынньанарыгар олус тупсаҕай, манна кыһынын икки дьиэ кэргэн кыстыыр. Еланка хас бааһынатын аайы сабыс-саҥа дьиэлэр кэчигирэһэн тураллар, тутуу үлэтэ тохтоло суох ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо, устудьуон аймах үөрэтэр, спортивнай, сынньалаҥ лааҕырдара үлэлииллэр. Бу диэн эттэххэ, туризм да кыралаан сайдан эрэрэ үөрдэр.
Ивановтарга тиийиибитигэр кинилэр иитэр саха боруодатын ынахтара сааскы күн уотугар сыламнаан, туохха да ыксаабакка таһырдьа дьаарбайа сылдьаллар. Айылҕа маанылаах сиригэр тото-хана күөх оту тотуохтарыгар диэри сиэн, минньигэс үүттэринэн сайынын Еланка олохтоохторун, ыалдьыттарын күндүлүүллэр.
— Саргылана Иннокентьевна, бэйэҥ туох идэлээххиний, биэнсийэҕэ тахсыаххар диэри ханна үлэлээбиккиний?
— Омскайдааҕы бэтэринээринэй институкка бэтэринээр идэтигэр үөрэнэ киирбитим, төрдүс сылбар СГУ-га көһөттөрөн, маннааҕы университеты бүтэрбитим. Урукку үөрэммит оҕолорбун көрүстэхпинэ, бары кэриэтэ киин сиргэ олороллор, үлэлииллэр, арай мин эрэ олоҕум тухары сүөһүнү кытта эрийсэн үлэлээбит эбиппин. Үлэбин, идэбин сөбүлүүрүм бэрдиттэн буолуо, 39 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар олохпун анаатым. Ити үлэлиир сылларым тухары бэйэм хаһаайыстыбаланыахпын баҕарарым ханна барыай?! Ол эрээри кыаҕым да суох буолан, ийэм барахсан баарына бэйэбин оҕо курдук санана сылдьан, бэйэ хаһаайыстыбатын тэриниини улахаҥҥа уурбакка, үлэ-дьиэ буолан, баҕа санаам ханан эрэ көтө-дайа сырыттаҕа. “Бөртө” сылгы собуотугар, онтон Павлов Михаил бааһынай хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьан, 2015 сылга кэргэммин кытта сүбэлэһэн, тыа хаһаайыстыбатын министерствотын ыҥырыытын ылынан, саха боруода ынаҕын иитэн көрөргө быһаарыммыппыт.
— Тоҕо чуолаан саха ынаҕын таллыгыт? Үүттэрэ аҕыйах, бэйэлэрэ да кыра соҕустар буолбатах дуо?
— Мин саха ынаҕын иитэн, баһыллар харчыны, үллэ турар үбү киллэрбит киһи диэн соругу туруорбатаҕым. Бастатан туран, бэйэм тыа хаһаайыстыбатыгар уопуттаах, бэтэринээр идэлээх буолан, сүөһү иитиитин ылсар баҕалааҕым. Хайдах даҕаны ылан маҕаһыын арынан кэбиһэр баҕам да, кыаҕым да суоҕа. Иккиһинэн, саха ынаҕын иитэн, төрөөбүт нэһилиэкпэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыал турбута. Саха ынаҕын көрөн-истэн, сиэмэлээн, ыраас хааннаах саха боруодатын таһаарбыт киһи диэн санааттан ылсыбытым. Оҕо сылдьан икки саха боруодалаах ынахтаах этибит. Саха бэллэйбит ынахтарын минньигэс үүттэринэн улааппыт дьон буолабыт. Ол иһин хайдах эрэ үтүө өйдөбүл хаалбыт буолан, саха ынаҕын иитэр санаа үөскээбитэ. Устудьуоннуу сылдьар кэммэр “Булгунньахтаах” сопхуос холмогуор боруодатын аҕалан ыһан кэбиспитэ. Мин көрдөхпүнэ, борохуот аал саҕа сүүнэ улахан сүөһүлэр этилэр. Ити 1978 сыл эргин буолуо, кэлин саха ынаҕын быыстапкаҕа эрэ көрөр буолбуппут.
Еланка курдук кэрэ дойдуга саха балаҕанын тутан, хотонугар саха ынаҕын иитэн, онно кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрэ ынах ыан, үүттэринэн күөрчэхтээн, алаадьылаан, өрөбүл күннэрин уратытык атааралларын курдук оҥорбут киһи диэн толкуй эмиэ баар. Онуоха билигин уот ситимэ суоҕа атахтыыр. Күн сардаҥатыттан энергия ылар батареянан уоттанан олоробут.
— Кырдьык, олус үчүгэй санаа эбээт. Билигин дьон-сэргэ айылҕаҕа сынньанарын, иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһылыгынан аһаан, уратытык сынньаныан баҕарар. Онуоха ити эн саныыр санааҥ, толкуйуҥ туризм биир ураты көрүҥүнэн буолар эбит. Саргылана Иннокентьевна, бу элбэх тутууну хантан үптэнэн олоххо киллэрдигит?
— СӨ тыа хаһаайыстыбатын министерствотын гранын 1 480 000 солкуобайы ылан, саҥа хотоҥҥо киирбиппит. Хотоммут акылаата лафет, көҥдөйө – сэндвич-панель, кырыыһата профлиис, муостата – аҥардаммыт бэрэбинэ. Хотоммут бастакыттан 50 сүөһүгэ диэн анаммыта, ол эрээри хотоммут аҥаарын бүөлээн, сыһыары хос курдук оҥордубут. Маны тэҥэ грант харчытынан 5х5-тээх төгүрүк мастан үлэһиттэр олорор, кыстыыр дьиэлэрин тутуннубут. Билигин икки үлэһиттээхпит. Бастакы сылбытыгар сүөһүлэрбитин кэргэмминээн бэйэбит көрөн-истэн кыстыгы туораппыппыт.
Тыа хаһаайыстыбатын бизнеһэ судургу буолбатах. Аҕыйах сүөһүлээх хаһаайыстыба харчыны кыайан эргиппэт. Онон биир сиргэ тэпсэҥнии турар балаһыанньа үөскүүр. Киһи сүөһүлэрин көрө-истэ сылдьыаҕын, аны докумуон, отчуот, саҥа хайысхалары булууга эмиэ сүүрүү-көтүү ирдэнэр буоллаҕа. Онон кыра бааһынай хаһаайыстыбалара тэриллэ-тэриллэ симэлийбэттэрин туһугар улахан тэрилтэлэргэ сыһыары тутар ордук буолуо. 90-с сыллар бүтүүлэригэр сопхуос бөҕө эстибитэ. Онуоха Улахан Аан сопхуоһун ол саҕана “Якутия” ФАПК-ҕа сыһыары туппатахтара эбитэ буоллар, билиҥҥитин курдук сайдан, өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар улахан хаһаайыстыбатыгар кубулуйуо суоҕа этэ. Билигин “Анаабыр алмаастара” уопсастыба филиала буолан, бырамыысаланнас тыа хаһаайыстыбатын өйөөн олороро – бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга төһүү күүс буолар. Ити курдук санаанан, кыра тэрилтэлэргэ көмө курдук улахан тэрилтэлэри сыһыаран, биир сүбэнэн үлэлиир үчүгэй буолуох эбит диэн санаалаахпын.
— Саха ынаҕын уратыта тугуй?
— Саха ынахтарын Чурапчыттан, Эбээн-Бытантайтан “Тускул” саха ынаҕын иитэр тэрилтэтэ, тыа хаһаайыстыбатын министерствота, Хаҥалас улууһа үс өрүттээх дуогабар түһэрсэн биһиэхэ биэрбиттэрэ. Тымныыны тулуйар, төһө да үүтэ биир ыамҥа 4-5 л буолбутун иһин, хойуута бэрт буолан, сүөгэйэ холмогуор сүөһүтүн үүтүн кытта тэҥнэһэр. Майгылара олох сахалыы, туохха да ыксаабаттар, аргыый аҕай наллаан сылдьаллар, киириигэ-тахсыыга үмүрүһүү, муостаһыы суох – бэрээдэк бөҕө сүөһүлэр. Ыарыыга-дьаҥҥа мээнэ бэриммэт, күүстээх айылҕалаахтар эбит. Эттэрэ убаһа этин курдук быыһа сыалаах, бустаҕына төттөрүтүн үллэр. Ньирэйдээх ынах 1-1,5 туонна отунан кыстыгы туорууллар. Саахтара сылгы сааҕын курдук бөкүнүк уонна кытаанах буолар, ол иһин ыраастыырга тарыйан кэбиһэҕин, олус чэбэрдэр. Саха ынаҕын үүтэ радиацияҕа түбэспит киһи эмтэниитигэр көмөлөспүт диэн истибиппит. Ол дакаастаннаҕына, саха ынаҕын иитии дэлэйиэ диэн сабаҕалыыбын. Бэйэм өттүбүттэн сиэмэлээһинин кыайан, ыраас саха ынаҕын боруодатын таһаарбыт киһи диэн баҕалаахпын. Үлэбит түмүгэ биир ыйынан, сылынан муҥурдаммат, өр кэмнээх үлэни ирдиир.
— Санааҕын үллэстибиккэр махтанабын. Оччотугар бэйэҥ сөбүлүүр дьарыккын бизнеһи кытта холбуу тутар санаалаах буоллаҕыҥ. Толкуйуҥ туоларыгар, саҕалаабытыҥ сатанарыгар баҕарабыт.
Бизнеһи саҕалыыр саас араас буолар. Сорох 13-тээх оҕолор тобуллаҕас өйдөрүнэн улахан киһи толкуйдаабатын оҥорон, предпринимательство эйгэтигэр олохторун суола оҕо эрдэхтэриттэн тэлэччи арыллар. Эдэр дьон эмиэ бэйэлэрин кыахтарын-күүстэрин холонон, үгүс сыыһа-алҕас кэннэ, бэйэлэрин суолларын булунан, кыраттан да саҕалаан, улахан ситиһиилэнэллэр.
Онтон “Олохторун тухары судаарыстыба этиитинэн, ыйыытынан-кэрдиитинэн үлэлээбит дьон сааһыран баран, бизнескэ киириэхтэрин сөп дуо?” диэн ыйытыы үөскүүр. Бүгүҥҥү биһиги геройдарбыт – Саргылаана, Анатолий Ивановтар дьиэ кэргэн бу ыйытыыга, арааһа, сөптөөх эппиэти биэрдилэр. Алта уоннарын лаппа ааһан, ийэ-аҕа, эбээ-эһээ дэттэрбит дьон туспа суолу тутуһан, бэйэ дьыалатын арынар кыахтара ситиһиилээх буоллун.