Чурапчы улууһун историятыттан кыратык сэгэтэн көрдөххө, кэрэ айылҕалаах, дириҥ силистээх, туруу үлэһит дьоннордоох нэһилиэгинэн Хадаар буолар. Саха биир ууһа уутуйан үөскээбит сирэ. Хадаардар төрүттэрэ — Хадаар Уола Уйулҕа нууччалар кэлиилэригэр баар киһи биллэр. Нуучча хаһаактарын докумуоннарыгар “Юрга Гадаров” диэн сурукка киирбит. Ол саҕаттан хадаардар ынах-сүөһүнү иитэн, сыспай сиэллээҕи тэнитэн, оҕо-уруу төрөтөн, саха омук сиэринэн “бур-бур” буруо таһааран олороллор. Салгыы — «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.
Хадаар нэһилиэгин биир уратыта – элбэх оҕолоох ыаллара. Манна, 10-12 оҕолоох тоҕус Дьоруой Ийэ, 8-9 оҕолоох элбэх дьиэ кэргэн араас кэмнэргэ үлэлээн-хамсаан, оҕолорун иитэн-такайан, кинилэр ыччаттара билигин нэһилиэк сайдыытыгар улахан оруолу ылаллар. Күн бүгүн Култуура дьиэтин аттыгар Дьоруой ийэлэргэ аналлаах “Албан аат” скверин, оҕолуун-уруулуун бука бары, кэлбит дьоҥҥо киэн тутта кэпсииллэр.
Норуот туруорсуутунан, манна 2010 сыллаахха таас оскуола, 2015 сыллаахха таһырдьа спортивнай былаһаакка, 2016-ҕа саҥа балыыһа дьиэтэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Оттон соторутааҕыта төрөппүттэр үөрүүлэригэр, кырачааннарга анаан оҕо саадын саҥа дьиэтэ тутуллан, үлэлии турар. Бу барыта хадаардар олус көхтөөхтөрүн туоһулуур.
Сахамедиа “Улуус олоҕо” бырайыагын кыттыылаахтара Хадаар нэһилиэгин Үрүҥ Күөл бөһүөлэгэр тиийэн, киһи кэрэхсиирин-сэргиирин үгүһү көрдүбүт-иһиттибит. Ол курдук, холобура, “Тускул” Норуот айымньытын дьиэтин иһинэн библиотекаҕа кииннэнэн, олохтоох коллекционердар түмсүүлэрэ бэркэ үлэлиир эбит.
Кэпсиир түмсүү салайааччыта Лена Ноговицына:
— Биһиги коллекционердар түмсүүбүтүгэр 16 киһи сылдьар. Бары Далбар Хотуттар, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ. Бу састааппытынан аны үгүспүт скандинавскай хаамыынан дьарыктанабыт, доруобуйабытын көрүнэбит. Былырыын “Хардыы” бөлөх Чыаппараҕа тиийэн быыстапка тэрийбиппит. Онно гран-при хаһаайкатынан биһиги коллекционербыт Надежда Гаврильева буолбута. Кини урут-урукуттан хаар оһуор — снежинкалары мунньар. Бэрт кэрэ, олус сэдэхтик көстөр тимир снежинкалаах. Ону көрөөччүлэр бары сөхпүттэрэ. Итинник холобурдар дьону көҕүлүүллэр. Эр дьонтон эмиэ ким эрэ тугу эрэ хайаан даҕаны мунньар буолуохтаах да, биһиги дьоммут олус сэмэйдэр, наһаа биллэ сатаабаттар. Биһиги тоҕо түмсэбит? Сценаҕа тахсан ыллаабат-үҥкүүлээбэт олус сэмэй дьон манна кэлэн, арыллаллар. Бэйэ-бэйэбит санаабытын өрө көтөхсөбүт, көмөлөсүһэбит, сүбэ-ама бэрсиһэбит, сувенирдарынан атастаһабыт. Ыраах ханна эрэ баран кэллэхтэринэ, кыргыттар хайаан даҕаны ким эмэ коллекциятыгар эбии кэһиилээх буолаллар. Олус истиҥ, биир дьиэ кэргэҥҥэ курдук сыһыан үөскүүр. Нэһилиэк түмсүүлээх буолар. Биһиги былааммыт, баҕа санаабыт – атын улуустарга тахсыы, бэйэбит курдук интэриэстээх дьону кытта көрсүһүү.
Хадаар коллекционердара биһиэхэ көрдөрөөрү тэрийбит быыстапкаларыгар аҕыс киһи кытынна. Эппиппит курдук, ыал ийэлэрэ-эбээлэрэ. Холобур, Татьяна Дячковская коллекциятыгар 300 уруучукалаах. Уруучука арааһа, дьэ, манна баар – суруналыыс дьон интэриэһиргээтибит ахан. Манна куорсун-уруучука, ракета-уруучука – улахаттар, кыралар, суоннар, синньигэстэр мунньуллубуттар. «Саамай былыргым “Потемкин” диэн, ааспыт үйэ 70-с сыллардааҕы уруучука», — диир кини.
Ирина Филиппова “Золотое детство” диэн баай коллекциялаах. Бары даҕаны оҕо сааспытын санаан, кыратык уйадыйан ыллыбыт.
— Интернетинэн булан ылабын, атыылаһабын, атастаһабын. Холобур, бу — оҕо сааспыт банаардара – киэһэ суорҕан анныгар банаардаах сытан, хойукка диэри кистээн кинигэ ааҕаргытын санаан кэллигит? Оттон бу “Лотос” түүҥҥү лаампа. Эһиэхэ эмиэ баара эбитэ буолуо. Бу — тирии саквояж. Ленинград куоракка 1973 сыллаахха тигиллибит. Урут биһиги, кыргыттар, маннык саквояжтарга саамай күндү сэкириэппитин кистиир этибит дии, – диир Ирина Николаевна.
Урут “cууйар”, биитэр көннөрү “эрэһиинэ” диэн ааттыырбыт биһиги оҕо сылдьан, оттон билигин “ластик” дииллэр. Араас өҥнөөх, быһыылаах-таһаалаах, араас кээмэйдээх, эҥин эгэлгэ ластиктары мунньалларын, дьэ, аан маҥнай көрөбүн.
Александра Никитина, оҕо саадын ыстаарсай иитээччитэ:
— Төрдүс сылбын мунньабын, 211 «сотордоохпун». Арааһа, бэйэм идэбинэн маны мунньарым табыгастаах быһыылаах. Миэхэ бу дьарыгым тугу биэрэр? Интэриэс үөскүүр. Куоракка киирдэхпинэ аан бастаан эбэһээт канцтабаардаах маҕаһыыҥҥа сылдьабын. Дьүөгэлэрим бэлэхтииллэр, ким эрэ дьиэтиттэн булбутун аҕалар. Кытайдар, германиялар ластигы оҕо оонньууругар анаан оҥороллор эбит. Ластик-пазллар, ластик-куукулалар, массыыналар, кыыл-сүөл, роботтар, араас тиэхиньикэ баар. Детсад оҕолоро ластигынан олус сөбүлээн оонньууллар.
Матрена Титова шкатулкалары, духи флаконнарын мунньар. Дьэ, сыттарын сүтэрбэт да духуулар баар буолаллар эбит! О”ЖЕН – французскай одьуколуону өйдүүгүт? Оо, “Незнакомка”. Дьэ, эриэккэс! Оттон шкатулкалара араас куораттартан, дойдулартан: Хабаровскайтан, Читаттан, Сочиттан, Кэриэйэттэн, Вьетнамтан, Египеттэн тиийэ аҕалыллыбыттар.
Улахан бүддьүөтү эрэйбэт уонна олус интэриэһинэй дьарыктарынан олохторун бэйэлэрэ уустаан-ураннаан оҥороллор, баай ис хоһооннууллар эбит, Хадаар нэһилиэгин кэрэ аҥаардара.