Аҕыйах сылтан бэттэх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторуттан хомунаалынай өҥөнү таһынан хапытаалынай өрөмүөн харчытын төлөтөр буоллулар. Ити эрээри, сорохтор «биһиги дьиэбит хаһан өрөмүөннэниэр диэри ити хомуйуллар үбү бэйэлэрэ сиир инилэр» диэн төлүүртэн аккаастаналларын туһунан киэн туттан кэпсииллэр. Ити төһө сиэрдээҕий, уопсайынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрэ диэн тугуй?
Федеральнай сокуонунан ирдэннэ
2012 с. Дьиэ-уот федеральнай кодексатын элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин туһунан ыстатыйатыгар кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэрэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуос төлүүллэрэ булгуччулааҕа ыйыллыбыта. Ити иннинэ бу баҕа өттүнэн этэ, кыбартыыралаах хаһаайын хапытаалынай өрөмүөҥҥэ харчы хомуйуутутан аккаастанар бырааптааҕа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Егор Борисов 2013 сыл ахсынньы 30 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан, 2014 сылтан 2043 сылга диэри үлэлиир хапытаалынай өрөмүөн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата бигэргэммитэ. Бу бырагыраамаҕа хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн ураты элбэх кыбартыыралаах дьиэ барыта киллэриллибиттэрэ. Холбоон 11 мөл. 482 тыһ. 150 кв миэтэрэ иэннээх 6 тыһ. 645 элбэх кыбартыыралаах дьиэ учуоттаммыта. Тутуллубут уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт сылларынан, уопсай туруктарынан көрөн, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ уочаракка туруоруллубуттара. Ону кытары даҕаспытынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторуттон хапытаалынай өрөмүөҥҥэ анаан ый аайы харчы (усунуос) хомуйуута саҕаламмыта.
Төлүүртэн аккаастаныы суукка тиэрдэр
Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, хапытаалынай өрөмүөн ыйдааҕы усунуоһун төлөөһүн сокуонунан ирдэнэр. Санаан да көрдөххө, тустаах дьиэ өрөмүөнэ олохтоохтор, кыбартыыраны бас билээччилэр бэйэлэрин интэриэстэрэ буоллаҕа. Инньэ гынан, усунуоһу төлөөбөт киһиэхэ пеня ааҕыллар итиэннэ суут нөҥүө төлөтүллэр. Сылы сыллаан мунньуллубут иэскэ пеня эбиллибитэ кырата суох суумма буоллаҕа.
Өйдөөҥ: элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн кыбартыыра атыылаһар түгэҥҥитигэр бу кыбартыыра хаһаайына хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуоһун төһө биэрэн иһэрин «Энергосбыт» хаассаларыттан эбэтэр Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыттан хайаан да билсиҥ. Төлөөбөтөх түбэлтэтигэр, атыы дуогабарын түһэрсиэх иннинэ, төлүүрүн ирдээҥ, тоҕо диэтэххэ, ол иэс аны саҥа хаһаайыҥҥа ыйанар.
Усунуос кээмэйэ хайдах быһаарылларый?
Бу көрдөрүү эрэгийиэн ахсын тус-туһунан. Холобур, биһиги өрөспүүбүлэкэбитигэр быйылгы 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олохтоммут тарыыбынан, 1 кв миэтэрэ иэҥҥэ төлөнөр усунуос ыйдааҕы кээмэйэ маннык:
1. Элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэргэ – 3,60 харчы.
2. Элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэргэ – 6 солк.
3. Элбэх кыбартыыралаах таас, лифтээх дьиэлэргэ – 8 солк.
Холобур, биэс этээстээх КПД дьиэҕэ 50 кв миэтэрэ иэннээх, икки хостоох кыбартыыра хаһаайына ыйга 300 солкуобайы, оттон эмиэ бачча иэннээх кыбартыыраҕа эрээри, лифтээх дьиэҕэ олорор ыал ыйга 400 солк. төлүүллэр.
Кырдьаҕастарга чэпчэтии
Былырыын ыам ыйыттан хапытаалынай өрөмүөн иһин ороскуоту толуйуу олохтонон, үлэлээбэт кырдьаҕастарга субсидия көрүллэр: 70 саастарын ааспыттарга – 50 %, 80 уонна онтон үөһэ cаастаахтарга – 100 %. Онуоха Субсидия агентствотыгар докумуону (сайабылыанньаны, пааспар, кыбартыыраны бас билии сибидиэтэлистибэтин, үлэ киниискэтин куоппуйаларын, кэнники 12 ыйга хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуоһу төлөөбүт кибитээнсийэлэрин, бааҥҥа счет реквизиттэрин) кырдьаҕас бэйэтэ эбэтэр дьиэ кэргэнин бэрэстэбиитэлэ туттараллар.
«Барыбыт кыһалҕабыт» төгүрүк остуол кыттыылаахтара.
Хапытаалынай өрөмүөн диэн тугуй?
Урукку сылларга “хапытаалынай өрөмүөн” диэн дьиэлэр подьезтарын эркинин кырааскалааһын эрэ этиллэр буоллаҕына, билигин бу өйдөбүл биллэрдик кэҥэтилиннэ. Дьиэ иһигэр баар электроэнергия, сылытар, гаас, итии уонна тымныы уу ситимнэрин саҥардыы, үөһэ тахсар лииби өрөмүөннээһин эбэтэр уларытыы, дьиэ бадыбаалын, сарайын сөргүтүү, акылаатын бөҕөргөтүү, дьиэни ититэр туһугар таһыттан хайан биэрии, учуоттуур уопсай тэриллэри туруоруу барыта киллэрилиннэ.
Дьиэ-уот федеральнай Кодексатын 189-с ыст. 5-с ч быһыытынан, хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ элбэх кыбартыыралааах дьиэни бас билэччилэр уопсай мунньахтарынан эбэтэр олохтоох салайыы уорганын (куорат, бөһүөлэк дьаһалтатын) уонна эрэгийиэннээҕи оператор хамыыһыйаларын экспертизаларын түмүгүнэн быһаарыллан ыытыллар. Холобур, Нерюнгрига бу сылларга 1970-с сс. тутуллубут дьиэлэр лифтэрэ уларытылынна, Дьокуускайга элбэх дьиэҕэ гаас ситимэ саҥардыллан эрэр.
Онон, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорор дьон кинилэр дьилрэигэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ туох үлэ уонна хаһан былааннанарын туһунан Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын сайтын (www.fondkr.ru) «Мин дьиэм» салаатыгар киирэн билсэллэрэ наада.
Үп ханна түмүллэрий?
Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһа ый ахсын дьиэ-уот хомунаалынай өҥө төлөбүрүн кытары «Энергосбыт», «Коммунтеплосбыт» хаассаларыгар, ОДьКХ аахсар-хаассабай киинигэр, Россия Почтатыгар эбэтэр Сбербааҥҥа эрэгийиэннээҕи оператор счетугар угуллар. Төлөбүр бу көрүҥэ атыннык өссө “уопсай хочуол” диэн ааттанар. Дьэ манна түмүллэр харчынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан олохтоммут бэрээдэгинэн өрөмүөннэнэллэр.
Биллэн турар, уопсай ааттыын уопсай, оҥоһуллар уочарата кэлиэр диэри үйэ анараа өттүгэр тутуллубут дьиэлэр өссө айгыраан иһиэхтэрэ турдаҕа. Итини арыый түргэтэтэр инниттэн кэнники кэмҥэ сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо ТСЖ-лар (дьиэ бас билээччилэр табаарыстыбаларын) көҕүлээһиннэринэн, бэйэлэрэ мунньаҕынан быһаараннар, ханнык баҕарар бааҥҥа дьиэлэрин сирэй счетун арыйан, усунуостарын онно мунньар буолан эрэллэр. Кинилэр үп мунньуллуутунан көрөннөр итиэннэ эбии кирэдьиит ыланнар, хапытылаалынай өрөмүөнү эрдэ оҥорторор кыахтаахтар.
Сууллар кутталлаах дьиэ
Эппиппит курдук, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата 2043 сылга диэри үлэлиэхтээх. Бу кэм устата араас буолуо турдаҕа. 1960-с – 1970-с сылларга тутуллубут дьиэлэр бырагыраамаҕа киллэриллэн баран, өрөмүөннэнэргэ тиийбэккэ, сууллар туруктаныахтарын сөп. Онуоха быһаарыы судургу: сүрүн өттө бөҕө-таҕа дьиэ саҥардыллан тутуллар, оттон олорорго чахчы сөбө суоҕунан билиниллибит дьиэ көтүрүллэр, олохтоохтор учаастактарын атыылаан баран үбүн үллэстэн, саҥа дьиэни туттарыахтарын сөп, онуоха хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар укпут харчыларын туһаналлар.
Эксперт санаата
Юрий Намылов, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин пуондатын отделын начаанньыга:
– Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорор дьоннор, кыбартыыралары бас билээччилэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун хайаан да төлүөх тустаахтар. Ыйдааҕы усунуос суумата оннук улахан буолбатах. Холобур, мас дьиэ 1 кв миэтэрэтигэр Москваҕа 17 солк., Сахалиҥҥа 10 солк, биһиэхэ 3,6 солк. төлөнөр. Бу харчы чахчы аналынан эрэ туһаныллар, онон олохтоохтор биһиги сайпытыгар киирэн төһө харчы хомуллубутун итиэннэ хапытаалынай өрөмүөн графигын хаһан баҕарар билсэр кыахтаахтар. Бырагыраамаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннүүр график олохтоох дьаһалталары, холобур бу куорат иһигэр мээрийэни кытары, сөҥнөһөн ыйыллыбыта.