«Улуус олоҕо» анал бырайыак суруналыыстара Өймөкөөн улууһугар кэккэ суолталаах боппуруостар хайдах быһаарыллалларын билистибит. Суола-ииһэ ыраах, айылҕата тыйыс дойдуга кыахтара-күүстэрэ ханан тиийэринэн, сатанарынан, бэйэлэрин бэйэлэрэ салайынан олорор дьон олоҕо олус да кэскиллээх. Хоту дойду хоодуот дьоно олоххо дьулуурдара кминилэр ыччаттарыгар ананар. Ол туһунан тэттик суруйуулары «Улуус пааспарыгар» ааҕыҥ.
Үрдүк күүрүүлээх уот линияларын тимир остуолбалара туруорулуннулар
Элги өрүһүнэн ааһар 60-c сылларга туруоруллубут электрическэй уот линияларын мас остуолбалара уу таһыма үрдээтэҕинэ сууллан хаалалларыттан, Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо сайын аайы уоттара баран эрэйи көрөллөрө.
Ол кыһалҕалара сырдык Пасха күн дьэ быһаарылынна. Муниципалитет баһылыга Михаил Захаров уонна нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Семен Босиков хас да сылы быһа туруорсууларынан, Быйыттаах — Төрүт туһаайыынан ВЛ 6 кВ уонна ВЛ 0,4 кВ уот ситимэ анкернай остуолбаларын үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
«Теплоэнергосервис» акционернай тэрилтэ 2015-2017 сыллардааҕы инвестиция бырагырааматыгар олоҕуран, Быйыттаах-Төрүт хайысхатынан эргэ остуолбалары уларытыыга 65,12 мөл. солк. көрбүт. Элги өрүс үрдүнэн ааһар үрдүк күүрүүлээх электролиниянан хааччыйар остуолбалары туруоруу олус уустук үлэтэ быйыл кыһын ахсынньы тымныыта ааҥнаан турдаҕына оҥоһуллубут. Онон олохтоохтор биир улахан кыһалҕалара быһаарыллан, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Аны төрүттэр Силирикээн сиһинэн айанныыр суоллара оҥоһуллан түмүктэнэрин уонна саахалланар туруктаах хочуолунайдара саҥардылларын эрэнэ кэтэһэллэр.
“Фатима билимэнэ” олус минньигэс
Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Фатима Луковцева социальнай үлэһитинэн үлэлии сылдьан, биэнсийэҕэ тахсан баран, бэйэ дьарыктаах буолара ордук диэн санааҕа кэлбитэ. Билигин кини нэһилиэк киинигэр чайной аһан үлэлэппитэ икки ый буолла.
— Улахан кыыспар кэргэним ийэтэ бэйэтэ олорбут дьиэтин анаабыта. Үс оҕолоох дьиэ кэргэни икки мэндиэмэннээх дьиэбэр көһөрөн ылан, кыыспынаан манна чайной аһан үлэлэтэн боруобаланарга санаммыппыт. Оҕом повар идэлээх. Дьокуускайга эрэстэрээннэргэ, кафеларга астаабыт уопуттаах киһи. Оҕотугар олорор буолан, дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрэ. Ол кэмҥэ дьиэ кэргэнинэн бэйэ дьыалатынан дьарыктанан көрөргө сананныбыт. Бастаан утаа аһылларбытыгар: «Чэ, сүтэрэрбит суох, табыллыбатаҕына тохтуохпут», — диэн санаалаах саҕалаабыппыт. Үөрүөхпүт иннигэр, дьон истиһэ-истиһэ кэлэн, билигин чайнойбут аана сабыллыбат, — диэн кэпсиир кини.
Кырдьык, тыа сиригэр командировкаҕа сылдьар дьон сылаас астаах аһыыр сиргэ наадыйара кэмнээх буолуо дуо?! Буолаары буолан, нэһилиэк хабыллар хаба ортотугар. Фатима аһын менюта күн аайы уларыйа турар. Кини дьиэтээҕи билимиэнэ аны «Фатима билимиэнэ» диэн анаан сакаастанар аһынан буолла. Минньигэс, тотоойу бэрэскитин дьон эмиэ дьиэлэригэр ылан бараллар.
— Араас тэрээһиннэргэ буспут аһы анаан сакаастыыр буоллулар. Онон үлэбит көрүҥэ элбээн иһэр. Кыһалҕабыт диэн, дохуоппут бүтүннүү олохтоох маҕаһыынтан бородуукта атыылаһарбытыгар барар. Массыынабыт оҥоһуллара буоллар, чэпчэки сыаналаах аһы куораттан аҕалыа этибит. Чэ, барыта орун оннугар түһэн иһиэҕэ. Саҥа саҕалааһын буолан, туох итэҕэстээхпитин барытын үөрэтэ сылдьабыт, — диэн санаатын үллэстэр бэйэтин бэйэтэ үлэнэн хааччыммыт Фатима Луковцева.
Тыа сирин дьоно ити курдук ким тугу сатыырынан, туохха кыахтааҕынан «үлэ суох» диэн ытаммакка, дьарыктаах буолууну көҕүлээһин сылыгар араас толкуйу тобулар.
Сордоҥноох «Мать Терезатын» дьиэ кэргэнин лааҕыра оҕолорго туһата элбэх
Марта уонна Михаил Винокуровтар нэһилиэктэриттэн чугас 4 км сиргэ сайылык туттан үлэлэппиттэрэ быйыл үбүлүөйдээх 10 сыла.
Кинилэр уон сыл устата сайылыктарыгар хантан да өйөбүлэ суох балтараа ый устата үлэ лааҕырын аһан үлэлэтэллэр. Манна бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, Өймөкөөнтөн, Томтортон, Дьокуускайтан тиийэ оҕолор кэлэн сынньанан, оттоон, онно хамнас аахсан бараллар. Өссө Уус-Ньараттан оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ бу лааҕырга сынньанан барбыттар. Сордоҥноохтор ыал ийэтин «Мать Тереза» диэн мээнэҕэ ааттабатахтара чахчы. Бэйэ үбүгэр-аһыгар лааҕыр тутан олоруох диэтэххэ, биллэн турар, уустук.
— Хамнас харчытын хантан булунаҕытый?
— Сүөһүбүт идэһититтэн (11 сүөһүлээхпит, онтон биэһэ – ыанар ынах), бэйэбит биэнсийэбититтэн уурунабыт. Инньэ гынан 8-10 оҕоҕо хас биирдиилэригэр 10-нуу тыһ. солк. хамнастыыбыт. Соҕотох уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр оҕолорун ыла сатыыбыт. Улаатан хаалбыт оҕолорбут сыл аайы лааҕырбытыгар сылдьаары көрдөһөллөр. «Кыралары үлэҕэ үөрэтиэххэ наада. Хас саастааххар биһиэхэ кэлбиккин өйдүүр инигин?» — диэн эттэхпитинэ, өйдүүллэр. Оҕолорбутун лааҕырбытыгар дьиэтээҕи усулуобуйа режиминэн сырытыннарабыт. Ол курдук, сарсыарда 9-ка туран, аһаан баран,10 чааска ходуһаҕа киирэллэр. Эбиэттээн, сынньана түһэн баран, киэһэ 6 ч. диэри оттууллар. От ыйын ортотуттан саҕалаан баран, атырдьах ыйын бүтэһигэр оттоон бүтэллэр. Сир аһа, кус көтүүтүн кэмэ буолан, кыргыттар миигин кытта отоннууллар, уолаттар аҕабытын кытта кустууллар. Онон оҕолор үөрэххэ киирэллэригэр дьиэлэригэр сир астаах, сибиэһэй кустаах төннөллөр. Нэһилиэктэн чугас базаланар буолан, манна сибээс бары көрүҥэ баар. Үлэттэн иллэҥсийдэхтэринэ, ким тэлэбиисэр көрөр, ким хаһыат ааҕар.
Ити курдук, уон сыл устата хантан да үп-ас көрдөөбөккө, хаһан кинилэргэ ким болҕомтотун уурарын кэтэспэккэ, бэйэлэрин кыахтарынан Винокуровтар оҕону үлэҕэ иитиигэ сүҥкэн кылааттарын киллэрэ сылдьаллар.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.