«Улуус олоҕо»: Өймөкөөҥҥө сылгыны наукаҕа олоҕуран иитэллэр

3168

Өймөкөөн улууһун үлэһит дьонун туһунан суруйуубутун салгыыбыт. “Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагар үлэлиир суруналыыстар “Тоноор” сылгыны үөрдээн иитэр производственнай кэпэрэтиипкэ эбиэт саҕана тиийбиппит. Биригэдьиир Алексей Винокуров аатырбыт олохтоох убаһа этиттэн бэрт минньигэстик астаммыт тоҥ халбаһыынан күндүлээтэ. Бу нууччалыы “деликатес” диэн ааттыыр мааны аһы сылгыһыттар бэйэлэрэ оҥорон сииллэр.


Сылгыны кыһыҥҥы кэмҥэ хаста да ыйааһыннааһын – үөрдээн иитии биир сүрүн кистэлэҥэ. Бу туһунан 2012 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар дьааҥылыы көрүҥнээх сылгыны үөрдээн иитии туһунан диссертациятыгар учуонай-сылгыһыт, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ Бочуоттаах фермерэ Николай Винокуров анаан бэлиэтээбитэ.

Сылгы иитиитигэр наукаҕа саҥа арыйыылары оҥорбут Николай Винокуров ньыматын билигин киин улуус сылгыһыттара кэлэн үөрэтэллэр.

“Тоноор” сылгыны үөрдээн иитэр производственнай кэпэрэтиип бүгүҥҥү күҥҥэ 340 сылгыны иитэн туруорар. Сылгыны научнай төрүөккэ олоҕуран көрөбүт. Атын улуустартан кэлбит сылгыһыттарга ыйааһыннааһыны таһынан, сылгы иитиитин мындырдарын ымпыгар-чымпыгар диэри билиһиннэрэбит. Холобур, үчүгэй атыыр хайдах сыҥаахтаах, сымыыттаах буолуохтааҕар тиийэ. Сиэнчэр аттары киин улуустартан аҕалабыт. Биһиги атыырдарбытынааҕар сымнаҕастар, иччитимсэхтэр, — диэн быһаарар сылгы биригэдьиирэ, учуонай сылгыһыт төрөппүт уола Алексей Винокуров.

Мин Өймөкөөҥҥө сылгыны үөрдээн иитии хаһаайыстыбата баарын табаарыспыттан истэн, анаан билсэбин. Билигин Чурапчы Чакырыттан сылдьар Алексей Филипповтыын иккиэн уопут атастаһыытын быһыытынан үлэлиибит. Урут акка соччо сыстыбатах киһи, бэрт элбэҕи көрдүм-иһиттим. Хоту улуус сылгыһыттарын үлэлэрин көрүҥэ киин улуустардааҕар олох атын эбит. Биһиэхэ сылгыны далга сылга иккитэ – күһүн уонна саас киллэрэллэр. Манна үстэ киллэрэр эбиттэр. Ааҕыы-суот баһаам. Күн аайы төһө сылгыны далга хаалларбыппытын, төһөнү таһаарбыппытын, “баччаны сэлээтибит” диэн суруна, ааҕа сылдьабыт. Сылгыны ыйааһынныыр ньыманы бэркэ кичэйэн үөрэтэбит. Үлэ дуогабара түмүктэннэҕинэ, дойдубутугар барарбытыгар ииппит сылгыларбытын бэйэбит атыылаһан барыахпыт уонна дьааҥылыы көрүҥнээх сылгыны киин улуустарга итиини сайыннарыахпыт. Маны тэҥэ сылгыһыттар олорор базаларын усулуобуйатын олус сөбүлээтибит. Тыа сиригэр маннык сылгы базалара суох. Телевизор, суотабай төлөпүөн, араадьыйа, кинигэ, хаһыат – баҕарбытыҥ барыта баар. Сотору үөрэхтээһин киинэ үлэҕэ киирдэҕинэ, аны интернет, көмпүүтэр баар буолуо. Онон кэнэҕэс базаларбытын маннык оҥосторго үлэлэһиэхпит, — диэн санаатын үллэстэр Таатта Чымынаайытыттан сылдьар Петр Тастыгин.

2016 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитии миэрэлэрин туһунан” Ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, бастыҥ үлэлээх сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбалар баазаларыгар – киин, Бүлүү улуустарын эҥэригэр уонна хоту улуустар зоналарыгар сылгыһыттары үөрэтэр, идэлэрин үрдэтэр үс үөрэхтээһин киинин тэрийэр туһунан сорук турбута. Онон “Тоноор” сылгы баазатыгар үөрэхтээһин киинэ аһыллар буолбута. Биһиги бу баазаҕа сылдьар кэммитигэр муус устарга саҥа аһыллыахтаах үөрэхтээһин киинин тэриллэрин аҕалбыттара.

— Түгэнинэн туһанан, улуус дьаһалтатын баһылыгар Михаил Захаровка уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Павел Сивцевка барҕа махталбын тиэрдиэм этэ. Ханнык баҕарар кэскиллээх боппуруостары бары бииргэ сүбэлэһэн быһаарабыт. Үөрэхтээһин киинэ аһыллыытыгар улуус өттүттэн улахан өйөбүл оҥоһулунна. Сылгыһыттар идэлэрин үрдэтиини Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академията ыытыаҕа. Маннык үөрэхтээһин киинэ аһыллыытыгар “Тоноор” ТХПК салайааччыта Николай Винокуров уонунан сыллар тухары бэлэмнэммитэ. Ол курдук, билигин кэпирэтиип 100-чэкэ км күрүөлээх-хаһаалаах, сылгыһыттар олорор кыһыҥҥы-сайыҥҥы дьиэлэрдээх, булуустардаах, баанньыктардаах, гараастардаах, ампаардардаах, сылгыны үрэхтэри туоратар муосталардаах. Уопсайа хаһаайыстыба 30-ча эбийиэктээх. Сайын аайы биһиги 120-140 туонна бастакы суортаах оту оттуубут, — диэн салгыы кэпсиир Алексей Винокуров.

Алексей Николаевич “Тоноор” сылгы баазата туризмы сайыннарыыга эмиэ үлэлэһэр былааннааҕын иһитиннэрдэ. «Улуустааҕы муниципалитет туризмы сайыннарыыга кэскиллээх былааннарын икки илиибитинэн өйүүбүт. Сыл аайы Өймөкөөнү интэриэһиргиир турист ахсаана элбээн иһэр. Ордук быйыл ”сүрдэннилэр”. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, уруккку сылларга былааҥҥа киирбэтэх маршруттар олоххо киирэн эрэллэр. Ол курдук, бураанынан Индигииргэ балыктата илдьэр буоллулар. Ити маршрут биһигинэн ааһар буолан, туристары сылгы баазатыгар сырытыннарары эмиэ толкуйдуубут. Ол эбэтэр буранынан кэлбит дьону атынан күүлэйдэтэр былааннаахпыт. Былырыын манна Наоми Томпсон диэн оператор киинэ устан барбыта. Кини 18 судаарыстыбаны устубут эбит. Онтон биирэ – Арассыыйа. Аны интэриэһиргиир боппуруостара – тымныы усулуобуйаҕа сылгыны хайдах иитэллэрий диэн. Түөрт күнү быһа “Тоноор” кэпэрэтиип баазаларынан сылдьан устубуттара. Ол киинэ бу сыл бүтүүтэ көрөөччү дьүүлүгэр тахсыахтаах. Ол эрэ буолуо дуо, баҕалаах үгүс. Биһиги билигин сылгыны устуохпутун баҕарабыт диэн этиилээх омуктар киирэн кэлэллэригэр соһуйбаппыт», — диир кини.


Учуонай-сылгыһыт Николай Винокуров билигин хаһаайыстыбатын бэйэтин туйаҕын хатарааччыларыгар, уолаттарыгар Андрейдаах Алексейга эрэллээхтик туттаран эрэр. Сылгыга кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын кытта тэҥҥэ “эриллибит” уолаттар аҕаларын баҕа санаатын толорон, сылгыны үөрдээн иитиигэ аныгы көрүүлэрин олоххо киллэрэргэ дьулуһаллар. Онон Өймөкөөн учуонайа саха сылгыһыттара сайдыылаах усулуобуйаҕа үлэлииллэригэр баҕарар баҕа санаата туолла диэххэ сөп.