«Улуус олоҕо»: Сордоҥноох эдэр ыаллара толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутталлар

1829

Өймөкөөн улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын суруналыыстара Сордоҥноох нэһилиэгэр тиийэн, эдэр ыаллар толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутталларын бэркэ сэргии көрдүбүт. Борисовтар дьиэ кэргэттэригэр сылдьан, хайдах туттан-хаптан, дьаһанан-оҥостон олороллорун билистибит. Эдэр ыал судаарыстыбаннай бырагыраама баар буолан, дьиэ-уот туттар кыахтаммыттарын аһаҕастык кэпсээтилэр.


Өймөкөөн улууһугар 2012 сылтан ыла тус сыаллаах «Өймөкөөн улууһун эдэр ыалларын олорор дьиэнэн хааччыйыы» диэн бырагыраама олоххо киириэҕиттэн ыла, улууска саҥа дьиэ туттааччы ахсаана элбээтэ.

2017 сылга Өймөкөөҥҥө 133 ыал дьиэ туттан олохсуйуон баҕалааҕын биллэрбит.

Биэс сыл устата улууска 36 эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарда. Кэскиллээх тосхол олоххо киирэр сылыгар (2012 с.) алта эдэр ыал саҥа дьиэ туттубут буоллаҕына, 2017 сыллаахха 14 эдэр ыал малааһыннаабыт. Аҥардас Сордоҥноох нэһилиэгэр эдэр ыаллар дьиэ туттан олохсуйуулара үгүс. Олус кэрэ айылҕалаах, киһи ис-иһиттэн олохсуйуон баҕарар ураты тыыннаах үтүө сир. Ол да иһин буолуо манна ыччат дьон үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, анаан олохсуйар.

Маргарита уонна Альберт Борисовтар дьиэлэрин тиийэн көрдүбүт. Ыраахтан бэрт мааны дьиэ тутуллан, киһини ыҥыра-угуйа турара харахха быраҕыллар. Дьиэ иһигэр киирээт: «Аата сырдыга, киэҥэ үчүгэйиин!» — диэн саҥа аллайдыбыт. Оннук киһи кутун-сүрүн туттарар дьиэтэ.

Ыал аҕата Альберт Борисов Сордоҥнооххо күтүөт. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕанатыттан төрүттээх. Эдэр дьон Дьокуускайга устудьуоннуу сылдьан холбоһон, кыыс дойдутугар олохсуйа кэлбиттэр. Иккиэн да тыа сиригэр олус наадалаах идэлээхтэр: Альберт ЯГИТИ-ни бүтэрэн электромонтер, Маргарита Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэн, буҕаалтыр идэлэрин баһылаабыттар. Сордоҥнооххо олохсуйбуттара аҕыс сыл буолбут. Икки оҕолоохтор.

— 2016 с. тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө чааһынай дьиэни туттуу бырагырааматыгар киирсэн, үбүнэн өйөбүлү туһанан, дьиэбитин туттубуппут. 2017 сыллаахха балаҕан ыйыгар киирбиппит. Бу иннинэ олохтоох дьаһалта уопсайыгар олорбуппут. Томтор нэһилиэгин урбаанньыта Иван Заболоцкай тутар биригээдэтэ биир сыл иһигэр дьиэбитин тутан биэрэн, түргэнник киирдибит. Мантан саас үрдүттэн олорон эрэ гарааспытын, теплицабытын туттуохпут, тиэргэммитин күрүөлүөхпүт, — диэн кэпсиир эдэр дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Альберт.

— Дьиэбит 72 кв.м иэнннээх. Эрдэттэн толору хааччыллыылаах гынарга суоттаммыппыт. Онон бу сайын септик хаһан бэлэмниэхпит. Урут Сордоҥнооххо толору хааччыылаах дьиэҕэ олоруом диэн толкуй да суоҕа. Билигин олох сайдан, олорор усулуобуйабыт олус тубуста. Түгэнинэн туһанан, улууспут баһылыгар Михаил Захаровка эдэр ыалларга анаан тус сыаллаах бырагырааманы олоххо киллэрэн үлэлэтэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу олус наадалаах тосхолго олоҕуран, дэриэбинэбитигэр хас да эдэр ыал дьиэ тутунна. Нэһилиэкпит дьаһалтатын баһылыга Иван Максимов ыччаты олохсутарга кыһаллар буолан, эдэр ыалларга эмиэ бэрт үгүс өйөбүлү оҥорор, — диэн бэлиэтиир ыал ийэтэ Маргарита.

Борисовтарга дьоллоохтук олороллоругар баҕаран туран, эдэр ыал сып-сылаас, киэҥ-куоҥ дьиэлэриттэн тахсан барабыт.

Аны Аммосовтар дьиэлэрин көрө бардыбыт. Нэһилиэк кытыытыгар турар икки мэндиэмэннээх дьиэ хаһаайыттара сотору кэминэн малааһыннаары сылдьалларын истибиппит. Хаһаайыттар дьиэлэригэр үлэлии сылдьалларыгар түбэстибит. Аммосовтар иккиэн сордоҥноохтор. Оскуолатааҕы сылларыттан доҕордоһон, ыал буолбуттар. Наталья олохтоох оскуолаҕа алын сүһүөх кылаас учуутала, кэргэнэ Андрей «Якутэнерго» тэрилтэҕэ үлэлиир. Түөрт оҕолоохтор: үс кыыс, биир уол. Улаханнара 11-c кылаас, муннуларын бүөтэ уол 2 саастаах күндү киһичээн.

— 8х9 иэннээх дьиэни түөрт сыл туттан киирдибит. Бастакы сылбытыгар эргэ дьиэни көтүрбүппүт. Онтон үс сыл сирбитин «сынньатан» баран, тус сыаллаах «Өймөкөөн улууһун эдэр ыалларын олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама чэрчитинэн дьиэбитин икки мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылах гына туттарга быһаарыммыппыт, — диэн кэпсиир ыал ийэтэ.

Дьиэҕитин туттаргытыгар ордук туох ыарахаттары көрүстүгүт?

— Куораттан тутуу матырыйаалын аҕаларга эрэйдээх этэ. Көлө өттүгэр уустуга суоҕа. Куоракка бэйэбит тиийэн матырыйааллары талар кыахпыт суоҕа. Хата, суоппар уолаттар бэйэлэрэ маҕаһыынарынан сүүрэн-көтөн, матырыйааллар сыаналарын ыйан, хаартыскаҕа түһэрэн ыыталлара. Биһиги мантан олорон дьаһал эрэ биэрэ олорбуппут. Инньэ гынан ол дьоммутугар махталбыт муҥура суох, — диэн кэпсиир ыал аҕата.

Аммосовтар дьиэлэрэ икки мэндиэмэннээх буолан, киэҥэ-куоҥа, сырдыга олус. Саҥа дьиэҕэ киирэллэрин оҕолор кэтэһэллэр аҕай. Бары бэйэлэрин тус-туспа хосторугар киирэ охсоору, дьиэ малааһынын күүтэллэр. Ойуур иһигэр турар буолан, манна бэйэтэ даача курдук.


Сордоҥноох нэһилиэгэр быйылгы сылга 7 ыал толору хааччыллыылаах дьиэлээхтэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, эдэр ыаллар бары аныгылыы дьиэни туттар соруктаахтар. Онон Тымныы полюһугар сотору кэминэн таһырдьа тахсан киирэри умнууһулар. Ол ону биһиги бэйэбит эдэр ыаллар киэҥ-куоҥ саҥа туттубут дьиэлэригэр сылдьан, илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.