Улуус олоҕо: Тыа сирин электроэнергетиката

468

Өрөспүүбүлүкэ арҕаа улуустара уотунан ититиигэ холбонон, үгүс кыһалҕаларын быһаардылар. Оттон Дьокуускай куоракка иккис нүөмэрдээх ГРЭС тутуллан үлэҕэ киирээри турар. Инникитин тыа сирин энергетикатын сайыннарыыга туох үлэ ыытыллыаҕай? Тарыып чэпчиэ дуу, суох дуу? Күн уотунан үлэлиир станциялар төһө туһалаахтарый?


«Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрика иһинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахамедиа» суруналыыстара тыа сирин электроэнергетикатын боппуруостарын тула кэпсэттилэр. «Төгүрүк остуолга» СӨ дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтин департаменын салайааччыта Мария Аргунова, «Сахаэнерго» хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев, «Улуус олоҕо» бырайыак салайааччыта Полина Николаева уонна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Александр Тарасов, Раиса Сибирякова, Анивера Акимова кытыннылар.

Ыйытыы:

Баатаҕай хаһыатын эрэдээктэрэ Майя Горохова:

— Икки сыллааҕыта Баатаҕай бөһүөлэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга улахан кыамталаах күн уотунан үлэлиир станцияны үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Ол эрээри улууска өрөмүөн үлэтин кэмигэр электроэнергиянан хааччыйыыга хааччахтааһын баар. Уопсайынан, бу станция нэһилиэнньэ туһугар хаһан үчүгэйдик үлэлиэҕэй?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Баатаҕай бөһүөлэгэр күн күүһүнэн үлэлиир 1 мегаватт кыамталаах сүүнэ улахан станция тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Хотугу эргимтэ тыйыс тымныы усулуобуйатыгар бу собус-соҕотох баараҕай суолталаах дьоһун тутуу. Сайын 40°С кыраадыс итиигэ, кыһын -55° кыраадыс тымныыга диэри үлэлиир кыахтаах.

Хоту нэһилиэктэргэ хастыы да станцияны биир сиргэ үлэлэтэр кыахпыт суох. Сайыҥҥы өттүгэр кыстыкка бэлэмнэнэн, өрөмүөн үлэтин кэмигэр уоту араарабыт. Оннук баар. Куттал суох буолуутун хаччыйар туһуттан. Сайын күүскэ үлэлээтэхпитинэ эрэ, кыһыҥҥы өттүгэр эрэллээхтик уотунан хаччыйабыт.

Ыйытыы:

Анивера Акимова:

— Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ күн уотунан үлэлиир хас станция баарый?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Уопсайа 17 станцияны үлэлэтэбит. Өймөкөөҥҥө, Кэбээйигэ, Дьааҥыга, Өлөөҥҥө уонна да атын улуустарга. Аан бастакы станциябытын 2011 сыллаахха Кэбээйи Батамайыгар туппуппут. Бу сыллар тухары күн уотунан үлэлиир странциялар үтүө уонна мөкү да өрүттэрин үөрэтэн көрдүбүт. Холобур, ити Баатаҕайга үлэлиир 1 мегаватт кыамталаах станциябыт былытырда даҕаны кыамтата намтыыр. Онон, итиннэ ыарахаттары көрүстүбүт. Дьиҥэр, бу станция бөһүөлэги барытын хааччыйар кыахтаах.

Ыйытыы:

Полина Николаева:

— Салгыы ханнык улуустарга күн уотунан үлэлиир станциялары тутар былааннааххытый?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Быйылгы былааны этэр буоллахха, Өймөкөөн Орто Балаҕаныгар (Сордоҥноох) 50 кВт кыамталаах, Кэбээйи Сэбээн Күөлүгэр 50 кВт уонна Эдьигээн Кыстатыамыгар 40 кВт кыамталаах станциялар тутуллуохтаахтар. Ол эрээри маннык станциялар нэһилиэк электроэнергияҕа наадыйыытын барытын хааччыйар кыахтара суох диэн өйдүөх тустаахпыт.

Ыйытыы:

Василий Мандаров, Бүлүү улууһа, депутат:

— Уотунан ититиигэ оскуола саалата холбонон турбута. Билигин ол оннугар Халбаакы нэһилиэгэр 10 ыалы холботторуохпутун баҕарабыт. Ол кыаллыа дуо?

Хоруй:

Мария Аргунова:

– Арҕаа улуустарга кыамта тиийбэт. Ол гынан баран, үлэ барар. 2016 сылга 1700 киһи уотунан итииигэ холбоммута. Мирнэй — Сунтаар – Ньурба хайысхатынан 220 кВ кыамталаах уот ситимэ тутулуннаҕына, арҕаа улуустар олохтоохторо бары даҕаны уотунан ититиигэ холбонуо этилэр.

Ыйытыы:

Эдьигээн улууһун хаһыатын эрэдээктэрэ Алексей Матвеев:

— Эдьигээн оройуонун Кыстатыамыгар бу сылга күн энергиятынан үлэлиир станция тутуута саҕаланаары турар. Билигин матырыйаалын навигациянан аҕалан эрэллэр.
Бу тутуу уонна станция нэһилиэккэ туох-хайдах үлэлиэхтээҕин туһунан ситэ-хото билбэккэ олоробут. Тутуллан эрэр эрэ диэн хаһыакка таһаарабыт. Онон толору информацияны биэриэхпитин баҕарабыт. Кыстатыамнааҕы күн станциятын туһунан. Маннык иһитиннэриини хантан ылабыт?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Эрдэ этэн аһарбытым курдук, Кыстатыамҥа тутуллуохтаах станция матырыйаалын уу суолунан ыыппыппыт. 100 бырыһыан тиэлиннэ. Онон балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри үлэҕэ киллэриэхпит. Маннык станциялар инникитин уот тарыыбын сыанатын намтатыа этилэр. Дизельнэй уматык сыаната бэрт. Суруналыыстар хаһыакка суруйуохтарын баҕарар буоллаҕына, биһиэхэ хампаанньаҕа кэлэ сылдьыан, биитэр боппуруостарын электроннай почтабытыгар суруйан ыытыахтарын наада, биһиги тута эппиэти ыытыахпыт.

Ыйытыы:

Орто Халыма хаһыаты эрэдээктэрэ Римма Ноговицына:

— Орто Халыма улууһун Алаһыай нэһилиэгин 2007 сыллаахха уу ыларын саҕана станцияны атын сиргэ тутуох буолбуттара. Бырайыага оноһуллубута. Ол гынан баран тоҕо эрэ урукку миэстэтигэр сана модульнай станция тутуллубута. Билигин нэһилиэк эмиэ халаан уутуттан эмсэҕэлээтэ. Билиҥҥи туругунан станцияны уу ылара 30-ча см эрэ хаалла. Ол кэннэ уот арахсар, нэһилиэнньэ уота суох олорор кутталлаах. Инникитин станцияны атын, уу ылбат сиригэр көһөрөн тутуллуо дуо?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Станцияны тутарга олус элбэх бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Бу сиргэ тутуллара табыгастаах дуу, суох дуу диэн. Сирин үөрэтэн, чинчийэн көрөбүт. Арҕахтаахха саҥа станция тутуутугар мин сылдьыбытым. Арыый да үрдэтиллибит сиргэ туппуттара. Билигин уу тахса турар эрээри, станцияны уу ылбат.

Ыйытыы:

Горнай улууһун хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Алексеев:

— Горнай улууһугар электричество күүһүнэн тэрилтэ административнай дьиэтин сылытыыга туһаныахха сөп дуо? Эксперимент курдук биир эмэ тэрилтэҕэ.

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Эксперимент быһыытынан тугу баҕарар гыныахха сөп. Толкуйдуохпут.

Ыйытыы:

«Амма олоҕо» хаһыат эрэдээктэрэ Наталья Бубякина:

— Уотунан үлэлиир хочуолунайдар олоххо киирэр кыахтаахтар дуо? Киин ититэр ситим тиийбэт сиригэр кыра кыбаарталларга оннук хочуолунайдары «Якутскэнерго» туруоруон сөп этэ. Онно холобура Амма улууһун уотун күүһэ сөп түбэһиэ дуо?

Хоруй:

Гаврил Алексеев:

– Аммаҕа 70-с сылларга тутуллубут 35 кВ кыамталаах уот ситимэ турар. Линия кыамтата олох мөлтөх. Итиннэ улахан саҥардыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Саҥа уот ситимин тутуллуохтаах. Билигин үбэ-харчыта барыта ааҕыллан турар. Ааспыкка Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар тыл этэн турабын. Тарыып намтаатаҕына биһиги бүддьүөппүтүгэр үп-харчы киирэн, ону электроэнергетика сайдыытыгар ыытыахха диэбитим. Ити уот тарыыбыгар чэпчэтии кэмнээх-кэрдиилээх. Бакаа үс сылга диэн.

Ыйытыы:

Диана Седалищева, Уус Алдан улууһун хаһыатын эрэдээктэр солбуйааччыта:

— Элбэх оҕолоохторго уот иһин төлөбүргэ 30% чэпчэтии оҥоһуллубат, аккаастыыллар. Суут нөҥүө эрэ быһаарыллар дуо? Тарыып үрдүк буолан, гааһа суох сиргэ дьиэни электроэнергиянан ититэр кыах суох.

Хоруй:

Мария Аргунова:
– Кэлиҥҥи кэмҥэ бу боппуруос сытыырхайда. Ити 30 бырыһыаннаах чэпчэтии туһунан уураах ааспыт үйэ 90-с сылларга тахсыбыта. Элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтии оҥоруу туһунан. РФ Үбүн министерствота нуорма акталарын оҥоруохтаах этэ. Ол бэрээдэгэ билигин оҥоһулла илик. Онон биһиги чэпчэтии оҥорор кыахпыт суох. Ол эрээри «Субсидия агентствота» ГКУ нөҥүө чэпчэтии оҥотторуохха сөп. Сорохтор 100 бырыһыаннаах да чэпчэтии оҥоттороллор.