“Улуус олоҕо”: Уус Герасим Тарабукин Төлөйү хомус түөлбэтинэн ааттатта

3019

Төлөй улуус кииниттэн чугас, ол эрээри, трассаттан балачча тэйиччи буолан, анаан-минээн айанныыгын.  «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара өр гымматыбыт, тиийэн кэллибит. “Төрүт” түөлбэҕэ, нэһилиэк арҕаа өттүгэр турар икки этээстээх сабыс-саҥа мас дьиэҕэ киирэр аана хомус ойуулааҕын тута бэлиэтии көрөбүт. Манна хомус ууһа олорорун сэрэйдибит. Салгыы — “Чурапчы оройуонун пааспарыгар” ааҕыҥ.


Эдэр ыал Тарабукиннар бу дьиэлэрин тутуутун 2015 сылтан саҕалаан баран, быйыл күһүн алтынньыга киирбиттэр. Дьиэлээх хаһаайка Марианна биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Уон ыйдаах кырачаан Мария, туора дьон киирдилэр диэн, хата, атыҥыраабата, харахтара күлэн мичилийэллэр. Тарабукиннар үс оҕолоохтор. Улахан уоллара Долун 10 саастаах – 4-с кылаас үөрэнээччитэ. Үс саастаах Амира дьыссаат киһитэ, онон, эмиэ “үлэтигэр” барбыт. Манна олохтоох такси сулууспата баар буолан, кыһыҥҥы ыйдарга эдэр ийэлэр оҕолорун сарсыарда аайы таксинан тэрилтэлэригэр таһаннар, абыраммыттар. “Күҥҥэ биир мөһөөх курдук буолар”, — диир Марианна. Онон, төлөйдөр икки өттүттэн табыгастааҕы толкуйдаабыттар: оҕо да тоҥмот, олохтоох таксист да үлэлээх буолар.

Ыал ийэтэ Марианна Константиновна олохтоох дьаһалтаҕа буҕаалтырдыыр. Кини Чурапчы  Дириҥиттэн төрүттээх. Ыал аҕата Герасим Эдуардович — предприниматель, хомус ууһа. Тарабукиннар  Төлөйү сөбүлээн, олохсуйан, көрөрбүт курдук, бу, бэртээхэй дьиэни туттубуттар.

Аллараа этээскэ теннис остуола турар. Герасим Эдуардович, бэйэтин баҕа өттүнэн,  3-4-с кылаас оҕолорун теннискэ буор-босхо дьарыктыырын этэр. Биһиги сылдьарбытыгар, олунньуга нэһилиэк, онтон улуус күрэхтэһиилэригэр кыттарга бэлэмнэнэ сылдьаллара.

Ити курдук, олох-дьаһах туһунан сэһэргэһэ олордохпутуна, дьиэлээх хаһаайын киирэн кэлэр.

Герасим Тарабукин – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр хомус ууһа. Аат-суол да баар. Кини хомустара Саха сиригэр, Арассыыйаҕа да, норуоттар икки ардыларынааҕы да куонкурустарга миэстэлэһэллэр, араас фестивалларга кыайаллар, бэлиэтэнэллэр. Онон, аан дойду таһымыгар таҕыстылар диэххэ сөп. Герасим Эдуардович Таатта Чымынаайытыттан силис тардар. Саха сирин аатырбыт бастакы худуоһунньуга Иван Попов – ийэтинэн хос-хос эһэтэ буолар. Аймахтарыгар элбэх худуоһунньук, уус баар.  “Ээ, ол иһин да…”, — диэтэххит буолуо. Оннук даҕаны, Мандар Уус курдук биир дойдулаах, Талба Тааттаттан  төрүттээх уол уус буолара чахчы. Герасим аҕатын “маска үчүгэй” диир. Оттон убайа Эдуард Эдуардович тимир ууһа. Онон, уран уус буолуу — Тарабукиннарга хааннарыгар эмиэ баар.

Герасим Эдуардович дьиэтин иһигэр, “хаҥас диэки”, уһанар мастарыскыай оҥостубут. Тугу чочуйара, таптайара биһиэхэ көстөр. Туттар тэрилинэн балачча хааччыллыбыт. Уһанар буолан, улуустан субсидия ылбыт, онон, аччыгый бизнескэ өйөбүл баар диир. Табылыннаҕына, Тарабукиннар аҕалара уһанарыгар анаан, тиэргэннэригэр мастарыскыайданыахтаахтарын эттилэр.

— Төрдүс сылбын хомус оҥоробун. Быһах оҥоро сылдьыбытым. Дьокуускайга Хомус музейын кытта дуогабардаахпын, онно ыытабын, кинилэр атыыга таһаараллар. Билигин үксүн, дьон билэн, бэйэлэрэ кэлэ тураллар.

— Хас хомуһу оҥорбутуҥ буолуой? Сүрүннээн кимиэхэ анаан уһанаҕыный?

— Тыһыынча иһинэн буоллаҕа. Миэнэ стандартнай хомустар – оҕо хомуһа, дьахтар, улахан киһи хомуһа диэн арахсыбат.  

— Биир хомус оҥоһуутугар төһө бириэмэ барарый?

— Биир күн. Ардыгар, суһал сакаас киирдэҕинэ, тохтоло суох үлэлээн, күҥҥэ түөрдү да таптайыахха сөп. Хомуска сакаас дьыл кэминэн киирэр. Ыһыах иннинэ элбэх буолар – улуус ансаамбылларыттан, атын да сирдэртэн, биирдиилээн дьонтон.

— Уһанар матырыйаалыҥ тугуй?

— Урут, уустар бэйэбит ааттыырбытынан, “хаатыҥка боробулуоха” диэн баара, ону туттар этим. Оттон билигин “нержавейка” матырыйаалы ордордум, соҕуруу сакаастаан ылабын. Маннык матырыйаалтан хомус үйэлээх буолар уонна үрүҥ өҥүн сүтэрбэт, онон үчүгэй.

— Эн санааҕар, хайдах хомус “этигэн” буоларый, үчүгэй дорҕооннору таһаарарый?

— Хомусчуттан бэйэтиттэн улахан тутулуктаах. Оттон мин, уус быһыытынан, хомус кырыытын көрөбүн. Төһөнөн кырыылара кыараҕас да, хомус тыаһа соччонон үчүгэй, этигэн буолар. Үрдүк, күүстээх буолар. Сымнаҕас тыллаах – сыыйа тардыыга үчүгэй. Ууска күн сырдыга наада. Үчүгэй харах наада. Көнөтүн көрө-көрө, таптайаҕын.

Маастар үлэлиирин, хомус хайдах чочулларын чочумча көрөн турдубут. Кини кэпсииринэн, бастаан, соҕотуопкатын паяльнай лаампанан кытардан баран, таптайан, “хомус күөлэ” диэни оҥорор. Онтон, тылын кытардан баран, чыычааҕын эрийэн таһаарар уонна, конус быһыылаан хаһан баран, тылын сэрэнэн саайан киллэрэр. Уус оҥорбут хас биирдии этигэн хомуһа бэйэтин аналлаах хаһаайынын хайаан да булар.

Кини хомуһун, чахчы даҕаны, үксүн илиитинэн имэрийэн-томоруйан оҥорорун илэ харахпытынан көрдүбүт. Мотуору ааларыгар, сурук түһэрэригэр эрэ үлэлэтэр. Хаатын хаһыыта эмиэ илии үлэтэ, лобзигы кыралаан туттар.

Саханы саха дэппит, абылаҥнаах дорҕооннорунан норуот кутун-сүрүн туппут, ытыстааҕар да оччугуй эрээри, аан дойду дьонун-сэргэтин дууһатыгар киирбит саха хомуһа, дьэ, маннык оҥоһуллар эбит!


Чурапчы улууһун норуот маастарын  аатын ылбыт хомус ууһа Герасим Тарабукин билигин киэҥ сиргэ тахсар айар былаана үгүс. Тоҕо диэтэххэ, сакаас киирэр. Кини хомуһун  тыаһын сөбүлээн, ыраахтан-чугастан дьон бэйэтэ кэлэ турар. Онон, Тарабукин Төлөйү хомус түөлбэтинэн ааттатта диэтэххэ эмиэ сөп буолуо. Оттон, ким хомуска наадыйар, кини “ГТ” диэн фирменнэй бэлиэлээх хомуһун  көрдөххүтүнэ, алҕаһыаххыт суоҕа, бу үчүгэй хомус.