Уус Алдаҥҥа Анатолий Бурнашев сайылыгар үрүҥ илгэ үрүлүйэр, саҥа тутуу дьэндэйэр

600

Кэптэни бөһүөлэгиттэн тэйиччи бүөм сиргэ, бэс чагда быыһыгар Туртай күөл үрдүгэр турар ырааһыйаҕа хоп курдук тутуулаах сүөсүһүттэр бөһүөлэктэрэ дьэндэйбит. Бу – Анатолий Семенович Бурнашев салайар бааһынай хаһаайыстыбатын сайылыга. Бэрт кылгас кэм иһигэр киһи сөҕө көрөр дьоһун үлэни ыыппыта көстөр.


Аан бастаан сүөсүһүттэр ыарахан үлэлэрин кэнниттэн сынньаналларыгар бэртээхэй дьиэлэр, игирэ оҕолору санатардыы, биир эрээтинэн кэчигирэспиттэригэр хараҕыҥ хатанар. Ити 4,5х5-тээх биэс дьиэни Анатолий Бурнашев бэйэтин бырайыагынан туттарбыт. Итини таһынан ыанньыксыттар, сүөсүһүттэр сөрүүкүүллэригэр, сууналларыгар бэртээхэй душ тутуллубут. Ууну Туртай күөлтэн насос күүһүнэн төһөнү баҕаралларынан, наада буоларынан бырахтараллар. Мантан аҕыйах миэтэр үөһээ таҕыстахха – ыанньык титиигэ, массыынанан ыыр тэрил, үүт сыаҕа, холодильник, даллар-хаһаалар, уоту биэрэр станция турар сирдэрэ бэрт тупсаҕайдык оҥоһуллубуттар.

Ыанньыкка аналлаах икки дал баар: бастакытыгар ыанньыйан кэлбит ынахтар хааллаллар, сөрүүкүүллэр, иккиһигэр ыанан бүппүт мэччирэҥҥэ барыахтаах ынахтар киирэллэр. Биһиги күнүскү ыамы кыл мүччү куоттаран, бостуук «һайдыыр» саҥатын эрэ истэн хаалбыппыт. Хаһаайын сайылыгар эргиччи тыанан хаххаламмыт, олус кэрэ айылҕалаах табыгастаах миэстэни булбут.

Былааны толорор туһугар үстэ ыыллар

«Туртай» сайылык мэччирэҥэ кураан да күннэргэ улаханнык халтаҥнаабатах, күөҕүнэн чэлгийэ сытар. Титиик таһыгар икки уол бөҕү-сыыһы ыраастыы сылдьаллар. “Уолаттар, дорооболоруҥ, туох сонуннааххыт? Бу уруккута Үлэ Геройа Анастасия Семеновна Копырина үлэлээбит, бүтүн Сойууһу аатырдыбыт сирэ дуо?” – диэн кэпсэтиини саҕалаан ыйытабын. Онуоха дьонум: “Оннук, Герой Настаа үлэлээбит сирэ-уота, сайылыга”, – диэн бэрт эйэҕэстик хоруйдууллар. “Оттон аата тоҕо уларыйда? “Дэрги” этэ дии”, – диэн дьиктиргээн ыйытааччы буоллум. “Мантан үөһээ, харах көрүүтүгэр дьоҕус эрээри, уолан биэрбэт Туртай диэн күөл баар. Сайылыкпыт ол аатынан”, – дэстилэр. Салгыы: “Сайылыккыт мэччирэҥэ хайдаҕый, сүөһүлэргит тотоллор дуо?” – диэн ыйытабын. Онно: “Аллараа мэччирэҥэ үгүс, алаас да элбэх. Сүөһү иһэ-үөһэ кэлэр, тотоллор, онон эбии аһаппаппыт, бородууксуйа да баар курдук. Күҥҥэ үстэ ыыбыт. Сүөһүлэр барахсаттар итииргээннэр, үүттэрэ улаханнык эбиллэн кэлбэт. Күҥҥэ ортотунан 400-тэн тахса киилэ үүтү ыыбыт. Сүүс ынахтан 73-һэ ыатар. Билигин мэччирэҥ баар буолан ынахтар хаампаттар, ырааппаттар. Манна үлэ күннээҕи режимэ кытаанахтык тутуһуллар. Ол сөп даҕаны. Онуоха сөп буолар хамнаспытын ый ахсын кэмигэр ылабыт. Кылаабынайа, ис сүрэхтэн кыһаллан, чиэһинэйдик үлэлиэххэ эрэ наада”, – диэн быһа-бааччы этэллэр.

Манна ыанньыксытынан үлэҕэ кыайыылаах-хотуулаах уолаттар Петр Сысолятин, Егор Ушницкай, Василий Сысолятин, бостуугунан Гаврил Прибылых анаммыттар.
Үлэ кэнниттэн титииккэ ыһыллыы-тоҕуллуу тахсыбыта көстүбэт. Онон үлэһиттэр тустаах эбээһинэстэригэр бэрт кичээҥитик, харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар диэн сыаналаатым. Ону салайааччылара Анатолий даҕаны ирдиир буолуохтаах.
Күнүскү ыам түмүктэннэ. Уолаттары кытта олорор дьиэлэригэр тахсабыт.

Үлэлииргэ, сынньанарга усулуобуйа тэриллибит

Кырдьык даҕаны, Анатолий Бурнашев үлэһиттэригэр үлэлиир, сынньанар усулуобуйаны толору тэрийбит. Бу дьоҕус ситиһии төһөлөөх ороскуотунан оҥоһулларын, аны бородууксуйаны ылыахха, хомуйуохха, туһаҕа таһаарыахха диэри үгүс күүс-күдэх, үп-харчы ороскуоттанара, тэрээһиннээх үлэ ытыллаллара буолуой?! “Барытыгар сылдьыһыах, тэрийсиэх диэтэххэ бириэмэтин хайдах аттарынара буоллар?” диэн ыйытыы өйбүттэн-санаабыттан күн бүгүнүгэр диэри арахсан, ааһан биэрбэт. Онно эбии дьөһөгөй оҕолорун көрөрүн-истэрин, дьаһайарын, сир үлэтинэн дьарыктанарын эбэн сөҕөбүн эрэ.

Биэс сабыс-саҥа дьиэҕэ, бэл, күһүн хойукка диэри олорорго сөптөөх гына оһохторо кытары тутуллан бүппүт. Бу дьиэлэри үлэҕэ киллэрбит киһинэн Кэптэни бөһүөлэгин төрүт олохтооҕо Виталий Петухов уонна көмөлөһөөччүтэ Айаал Слепцов буолаллар. Кинилэр бэрт көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ харахха тута быраҕыллар. Аны үлэһиттэргэ анаан сайыҥҥы беседканы оҥоро сылдьаллар. Онон барыта ситтэҕинэ-хоттоҕуна, бэйэтэ дьоҕус бөһүөлэк курдук буолсу.

Кубус-кураанах сиргэ бу тутуулары ыам ыйыттан саҕалаабыппыт. Каркас оҥорон, эркиннэрин, үрдүн 5-тээх полистиролунан бүрүйбүппүт, үрдэ буора суох. Биир дьиэ 60 тыһыынча солкуобай сыаналаах. Дьиэлэрбитин аныгы «евро» матырыйаалынан бүрүйбүппүт. Кырдьык, таһыттан, иһиттэн даҕаны үчүгэй көстүүнү биэрэр”, – диэн Виталий Петухов үлэтин билиһиннэрэр.

Ыччат сүөһүтүгэр хотон тутар санаалаах

Ити кэнниттэн ньирэй турар хааччаҕар аллараа алааска киирэбит. Ньирэй көрөөччүлэр кэргэннии Гаврил Прибылых, Нарыйа Никифорова үлэлэрин түмүктээн, сынньана олороллор. Нарыйа: “Ньирэйдэр хааччахтарыттан тахсыбаттар, тула өттө бүтэйдэнэн ыраатар кыахтара суох. Мэччирэҥ баар, тотоллор. Сайылыкка кэлиэхтэриттэн мэччирэҥтэн улаханнык туһаннылар. Ол оннугар ороһу ньирэйдэрбит кыайан мэччийбэттэр. Билиҥҥитэ хааһынан, ыаммытынан үүтүнэн тураллар. Мэччийэр буоллулар даҕаны ходуһаҕа уопсай үөргэ таһаарыахпыт”,– диэн кэпсээннээх буолла.

Кырдьык, мэччирэҥэ, уута дэлэйэ үтүө дойду эбит. Ньирэйдэр сайын устата биллэрдик улаатыыһыктар. Манна 69 ньирэй баар. Улахаттара икки бөлөҕүнэн уу кытыытыгар мэччийэ сылдьаллар. Биһигини көрөн утары кэллилэр – улааппыттар, борооску саҕа буолбуттар. Бу – Анатолий быйыл атыыласпыт туҥуй тиҥэһэлэрин бастакы төрүөхтэрэ. Оттон ороһу ньирэйдэр хааччах таһыгар үүт иһэллэр, хааһы сииллэр.

Кыстыкка киириэм иннинэ субайдарга саҥа хотону туттар санаалаахпын. Оттуур сирим суох, инникитин бааһыналарым иэнин, ыһыыларын кэҥэтэн, сүмэһиннээх аһылыгы үүннэрэн, аһылык бөҕө базатын тэринэр былааннаахпын. Сут-кураан күннэр-дьыллар кэлэн эрэллэр быһыылаах, онуоха барытыгар бэлэм буолуохха наада”, – диэн хаһаайын былааныттан билиһиннэрэр.

Суданскай от тахсыыта куһаҕана суох

Анатолий Семенович Бурнашев чахчы төрөөбүт дойдутун, тыа сирин үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын ис сүрэҕиттэн таптыырын бу сыллар усталарыгар үчүгэйдик биллим. Бу саас бэйэтин харчытынан атыылаһан суданскай оту ыспыта. Аһылык бу көрүҥэр Анатолий Семенович уопуттаах, кураан да дьылларга бу үүнээйи өлгөм үүнүүнү биэрэрин бэркэ диэн билэр.

Тыа киһитигэр үлэ-хамнас үгэнэ. Сыһыыларга кулунчуктар туох да кыһалҕата суох ийэлэрин холку бэйэлээхтик эмэ сылдьаллара, ходуһаларга бастакы хотуур отун дыргыл сыта, сайылыктарга ньирэй мэҥирээһинэ, түптэ сыта, бааһыналарга бастакы ньуолай күөх арыскылар өрө аспыттара көрүөххэ эчи үчүгэйин, күндүтүн. Эбии аһылыкка анаан суданскай оту, күөх маассаны ыспытым быйыл хаһыс да сылым. Сыл ахсын ыһыым иэнин кэҥэтэн иһэбин. Бастакы сылбар 8 гектарга ыспыт буоллахпына, быйыл суданскай оту 20 гектарга олортум. Урукку сылларга киһи сөҕөр үүнүүтүн ылан турабын. Мин көрүүбэр, ордук сылгы олус сөбүлүүр, тугун да хаалларбакка сиир. Бастаан утаа ынах сүөһүм суох этэ, онон быйыл ынахха боруобалаан көрүөм, арааһа сиэ эбитэ буолуо. Суданскай оту кытары атын бааһынабар совхозтар саҕана Тумулга Михаил Михайлович Васильев үгэннээн ыһа сылдьыбыт, бэйэтин үтүө өрүттэрин көрдөрбүт рапсын ыстым. Саҥа үүнээйим биир тэҥник өрө анньан эрэрэ санаабын бөҕөргөтөр, үлэҕэ дьулуурбун өссө угуттаан биэрэргэ дылы. Ыһыым иэнин кэҥэтэр сыалтан Даалыттан Кэбээйи диэн 80 гектардаах бааһынаны анаттаран эбиэс ыстым”, – диэн Анатолий Семенович күннээҕи түбүктээх үлэтин түмүгүттэн ис сүрэҕиттэн үөрэрин биллэрэн кэпсээтэ.

Бу курдук Анатолий Бурнашев үтүө хаачыстыбалаах тутуулардаах, тэрээһиннээх үлэлээх сайылыга кырдьык киһи сайылыктаахпын диир сайылыга эбит.