СӨ олоҥхо декадатын улаханнык сэргээтим, кэрэхсээтим. Итиэннэ саамай тоҕоостоох кэмигэр ыытылынна диэн сыаналыыбын. Талааннаах олоҥхоһут, Тааттыныскай нэһилиэк ыччатын лидерэ Иван Иванову кытта мин Хатаска олорор үс оҕолоох эдэр ыалга, Корякиннарга, олоҥхолоотубут.
Ыал аҕата Егор Егорович, ийэлэрэ Майя Андреевна дьиэлэригэр ыаллара, аймахтара оҕолуун, улахан дьоннуун мустубуттара. Саха ыалын сиэринэн арыылаах алаадьынан, саламаатынан, баай-талым астаах остуолга олордон, маанылаан көрсүбүттэрэ. Истиҥ сэһэн-сэппэн тардыллыбыта хайдах эрэ ураты истиҥ, сылаас эйгэни үөскэппитэ. Онтон олоҥхолооһун бэйэтэ туһунан турукка киллэрбитэ. Иван В.Каратаев «Эрчимэн Бэргэн», мин М.Ионова-Андросова «Күлкүл Бөҕө оҕонньор, Силлирикээн эмээхсин икки» диэн олоҥхолору икки аҥар чаас курдук олоҥхолоотубут. Бу тухары ыаллар оҕолоро, улахан дьон бэркэ сэҥээрэн, ис дууһаларыттан ылынан иһиттилэр. Онон киһи эрэ олоҥхолуу олоруон курдук.
Эдэр олоҥхоһут этэн-тыынан эҕилдьитэн, туойан куллуһутан, табыллан олоҥхолоото. Онуоха тыла-өһө хомоҕойо, куолаһа сылаппата, сирэйэ-хараҕа сэргэҕэ истээччини тардар диэн сыаналаатым. Эчи, бары да олус сонурҕаан истэллэрэ толорооччуну кынаттыыр, олоҥхо аартыгынан айаннатар буоллаҕа. Истэн баран эдэр киһи, анал идэлэнэн, олоҥхону ситэри толорор буолан, талаана аһыллан эрэриттэн испэр улаханнык үөрдүм, астынным.
Бэйэм олоҥхолуу олорон көрдөхпүнэ, оҕолор ис хоһоонугар умсугуйан киирэллэр эбит. Бэл, сирэйдиин, туттардыын-хаптардыын уларыйан, тоҕоостоох кэмнэригэр «Ноо!» диэн сэҥээрэн, биһигини, бэйэлэрэ да билбэттэринэн тэптэрэн биэрэ олордулар. Кырачааннары сылайдахтара диэн кылгатаары гыммыппар, буолумматылар. Онон, төһөнү бэлэмнээбиппинэн толору иһитиннэрдим. Улаханнык үөрдүбүт, санаабыт көтөҕүлүннэ. Итиэннэ бу саҥа тэрээһин саамай сөптөөх кэмигэр ыытылынна диэн түмүккэ кэллим.
Ыал дьиэтигэр толоруу олус эппиэтинэстээх эрээри, истиҥ буолар эбит. Быыкайкаан оҕолор, чахчыта, оонньуулларын быыһыгар аттыгар туох буоларын, тугу истэллэрин барытын бэйэлэрин нөҥүө аһараллара чуолкай. Улаатан эрэр оҕолор тугу ылыналларын харахтарыгар ойуулаан, истэллэрин дьүөрэлээн бүтүн хартыына оҥорон кэлимник көрөллөр. Оттон аҕа саастаах дьон чахчы үчүгэй ис хоһоонноон толорууну төһө баҕарар истэр, сэҥээрэр эбиттэр.
Онон, ыалларынан сылдьан, бэйэлэрин эйгэлэригэр олоҥхону толоруу дьоҥҥо ордук табыгастаах, толорооччуларга үчүгэй. Дьон болҕомтотун ыһар «табыллыбатах» микрофон, туора тыас-уус, уот-күөс ыалга суох буолан, инникитин ыалга олоҥхолооһун истээччилиин ыкса ситимҥэ киирэригэр сөптөөх.