Ыччат сыла Сунтаарга өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕаланна

402

СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан 2017 сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Ыччат сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн сыл устата үлэ, тэрээһин арааһа ыытыллыаҕа.


Ааспыт субуотаҕа «Партизан» култуура киинигэр улууспутугар Ыччат сылын аһар үөрүүлээх тэрээһин буолла. Түһүлгэҕэ улуус нэһилиэктэриттэн мустан көхтөөх кыттыыны ыллылар.

 Улуус баһылыгын I солбуйааччы Н.Александров дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыгар Е.Даниловка Ыччат сылын бэлиэтин туттарда. Ол кэннэ кэнсиэр улууспут биир талааннаах ыччата Надежда Тихонова суруйбут ырыатынан саҕаланна. Көрөөччүлэри Күндэйэ нэһилиэгиттэн сылдьар дьээбэлээх-хооболоох уолаттар туруорбут икки мини-сыаҥкалара улаханнык сэргэхситтэ. Ити курдук бу күн элбэх ырыа ылланна, үҥкүү арааһа толорулунна.

Түмүккэ ыччаттар бука бары С.Тимофеев тылыгар «Доҕордоһуу ырыатын» өрө көтөҕүллэн туран ыллаатылар.