СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ В.И.Тихонов салайааччылаах үһүс бөлөх СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур бастакы күнүн Туойдаах, Хадан нэһилиэктэриттэн саҕалаата.
Туойдаах олохтоох дьаһалтатын баһылыга Мария Прокопьева отчуокка кэлбит дэлэгээссийэҕэ нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрдэ. Кини баһылык дьонум-сэргэм диэн үлэлиир буоллаҕына, нэһилиэк олоҕо сайдар, дьонун бэйэтин тула түмтэҕинэ кыһалҕаны быһаарсарга чэпчэки диэн этэрэ оруннаах. Нэһилиэк кэлиҥҥи кэмҥэ кэҥээтэ-улаатта. Ыччат сөбүлээн олохсуйар буолла. Оҕо-уруу элбээтэ. Урукку сылларга олохтоохтор улуус да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах мунньахтарга улуус киинигэр киирэр суолларын туруорсаллара оҥоһуллан, санаалара көнньүөрэн сылдьаллар. Кыра аҥаара хаалбыта түмүктэнэригэр эрэнэллэр. Маны сэргэ, оскуола-саад тутуута эмиэ быһаарыллан эрэрэ кинилэри улаханнык үөрдэр.
Сүрүн дакылааты Владимир Тихонов оҥордо. Салгыы Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров дьокутааттар үлэлэрин-хамнастарын, дойдуга экэнэмиичэскэй балаһыанньа туругун, ааспыт сылга Ил Түмэн дьокутааттара ханнык сокуону ылынарга үлэлэспиттэрин уо.д.а. бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
Дакылаат кэнниттэн олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдаатылар, сороҕун сурунан, бэлиэтэнэн, боротокуолга килллэрэн туһааннаах исписэлиистэргэ тиксэриэх буоллулар. Онуоха хоруй бэриллэрин миниистир төрөөбүт улууһугар куратордыырын да быһыытынан хонтуруоллуох буолла.
Ханна да буоларын курдук, интэриниэт бытаана, дьон тыа хаһаайыстыбатын араас граннарыгар кытталларыгар ирдэбил, хомуйар докумуоннара олус элбэҕ ыарахаттары үөскэтэрин эттилэр. Нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Иннокентий Аввакумов тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга аан бастаан сири оҥорууну күүскэ ыытар ордугун этэр. «Ойуурга, бэл, куртуйах, бөчүгүрэс олох суохтар. Кыыл-сүөл сэдэхсийдэ. Бу барыта сиртэн, айылҕабытыттан тутулуктаах. Сир көрүүлээх-харайыылаах, оҥоһуллар буоллаҕына өҥ буолар, оччоҕо үүнүү үрдүүр, кыыл-сүөл элбиир», — диэтэ. Маны сэргэ уот-күөс мөлтөҕүн ыйда. «Ол биһиги, боростуой дьон, хармааммытыгар охсор. Холобур, былырыын дьиэбитин ититэрбитигэр 2-3 тыһ. солкуобайы төлүүр буоллахпытына, быйыл мантыбыт олус үрдээтэ. Уот мөлтөх буолан, итиини биэрэр тэрилбит элбэх уоту «сиир» быһыылаах диэн толкуйдаан олоробун», — диэн санаатын этэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр спорт сайдыытыгар тус санаалаарын тиэртэ. Инникитин спорт күүскэ сайдыан баҕарар буоллахха, аҥардас оҕону, ыччаты дьарыктаһынынан, эрчийиинэн муҥурдаммакка, наука өттүнэн үлэлэһэр эмиэ олус наадалааҕын ыйда. Маны таһынан, олохтоохтор харчы, хамнас, биэнсийэ карточкаҕа түһэрэ олус эрэйдээҕин, харчыларын карточкаттан устаары улуус киинигэр киирэн икки бааҥҥа уочараттыылларын, онно күнү күннүктээн туран бириэмэлэрин барыылларын эттилэр. «Бу кыһалҕаны туоратар туһуттан тугу эмэ толкуйдуохха баара. Уруккубут курдук уу харчынан да илиибитигэр ыларбыт ордук буолсу», — дэстилэр. Кэпсэтии түмүгэр былаас үлэтин «биһириибит» диэн куоластаатылар.
Хадаҥҥа ордук эр дьон мунньахха хото кэлбит. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын уорганнарын ааспыт сыллаах үлэлэрин киинэнэн сүрүн дакылааччыт кэпсиириттэн көрөн-истэн баран, нэһилиэк кыһалҕаларын, туруорсар боппуруостарын кэпсэтиигэ киирдилэр. Социальнай эйгэҕэ мунаахсыйар ыйытыыларын биэрдилэр.
Нэһилиэккэ тутуу барбатаҕа ыраатта, хайа сопхуос саҕаттан диэн кэпсэппит эрэ барыта тоһоҕолоото. Араы, быйыл хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирбитэ санааларын арыый көтөхпүт. Мантан инньэ тутуу барар ини диэн эрэх-турах сананаллар. Оскуола олус эрэгэрбитин, хапытаалынай өрөмүөнү уон сыллааҕыта ыыппыттарын эттилэр, саҥа оскуоланы туруорустулар. Маны сэргэ, хаһыс да сылларын спорт саалаларын туруорсалларын бу да сырыыга санаттылар. Икки тутуу бииргэ үбүлэнэрэ кыаллыбатын ыйан тураннар, сорохтор бастаан оскуоланы, сорохтор спорт сааланы тутар ордук буолуо этэ дэстилэр. Маны истэн баран дэлэгэссийэни салайааччы Владимир Тихонов, дьокутаат Александр Уаров баһылыктарын кытта сүбэлэһэллэригэр, биир санааҕа кэлэллэригэр сүбэлээтилэр. Хадантан улуус киинигэр киирэргэ өрүһү туоруурга сайын, ордук от кэмигэр, элбэх ыарахаттары көрсөллөрүн, тиэхиньикэҕэ туттар уматыктарыгар аҕыйах лиитэрэлиини таһынан тутталларын, кэлии-барыы уустугурарын, ол инниттэн паром туруорсубуттара ырааппытын, барыта үптэн-харчыттан тутулуктанарын, о.д.а. кыһалҕаларын этиннилэр. Маныаха бу боппуруоска улуус баһылыга эмиэ үлэлэһэ сылдьарын Владимир Тихонов иһитиннэрдэ.
Түмүккэ дьон: «Биһиги туруорсууларбыт болҕомтоҕо ылыллан олоххо киирдиннэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх үлэ барарын телевизорынан, хаһыатынан ааҕа-билэ олоробут. Инникитин өссө күүскэ үлэлээҥ», — диэн баҕа санааларын эттилэр, Бырабыыталыстыба ыытар үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.