Эбээн Бытантай национальнай улууһун киинигэр аныгы, киэҥ-куоҥ, толору хааччыллыылаах таба этин астыыр-таҥастыыр сыах үлэҕэ киирэн, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар өссө биир киэҥ хардыы оҥоһулунна.
Саҥа объект үлэҕэ киириитин эбээн омук култууратын, сиэрин-туомун, фольклорун эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэн, саҥа көлүөнэ эдэр ыччакка тиэрдэр ытык аналлаах нэһилиэкпит кырдьаҕастара «Үпэндьэл» бөлөх арчылаатылар.
Эбээн Бытантай улууһун баһылыга Иван Горохов аныгы кэм ирдэбилинэн эти туттарыы барыта сыах нөҥүө барыахтааҕын, онуоха ирдэбилгэ толору эппиэттиир сыах үлэҕэ киирбитинэн үөрүүтүн үллэһиннэ, махталын тиэртэ: «Биһиги улууспут таба иитиитигэр саамай үрдүк көрдөрүүлээх «Кочевник» община салайааччыта Альберт Колесов бу убойнай сыаҕы үлэлэтиэхтээх. Альберт Александрович объект тутуутунан, үлэлэтиитинэн эрэ муҥурдаммакка, өссө кэҥэтэр былааннааҕа үөрдэр. Кини таба этиттэн ваакум тастаах пельмени, фаршы, араас бородууксуйаны нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарар киэҥ, кэскиллээх былааннардаах«.
Саҥа суолталаах тутууну салайан үлэлэтиэхтээх тыа хаһаайыстыбатын урбаанньыта Альберт Колесов сыах арыллаатын кытта тэтимнээхтик ылсан үлэлээн, билигин номнуо маҕаһыыҥҥа таба этиттэн бородууксуйа атыыга таҕыста диэн олохтоохтор үөрэллэр.
Альберт былаана киэҥ, санаата бөҕө. Кини таба этэ, үүтэ, тириитэ, муоһа, иһэ-буотараҕа барыта туһаҕа барарын ситиһэр сыаллаах. «Комплекс астыыр-таҥастыыр сыаҕар этэ-үүтэ астаныаҕа, тириититтэн таҥас тигиллиэҕэ. Иһин-буотараҕын оҥорон таһаарар тэрил ыламмыт, балык аһа оҥорон күөллэргэ ыытыахпыт. Бу үлэни барытын ыытыыга 10 үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ киһи дууһатыгар ордук элбэх сүөһү төбөтө тиксэр улууспут тыатын хаһаайыстыбата сайдыылаах, төрүт дьарык утумнаах буоларын ситиһэр мин биир бастакы сыалым-соругум, баҕа санаам буолар,» — диир кини.