Эбээн Бытантайга цифровой телевидение холбонно

270

Эбээн Бытантай улууһун киинигэр Баатаҕай Алыытыгар 10 ханааллаах цифровой телевидение үлэҕэ киирдэ. Ахсынньы аам-даам тымныыта төһө да сатыылаан турдар, информация, сырдатар-иһитиннэрэр сириэстибэ сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах үөрүүлээх арыллыыга дьон бөҕө муһунна.


Үөрүүлээх күҥҥэ эбээлэр «Үпэндьэл» бөлөхтөрө эбээннии сиэринэн-туомунан аал уоту оттон, айах тутан күндүлээтилэр. Улуус баһылыга Иван Горохов, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Егор Васильев, сибээс инженера Павел Попов үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл лиэнтэни быстылар.

Кэлэр 2018 сылга өссө 10 ханаал эбиллэн, уопсайа 20 ханаалы олохтоохтор босхо көрөр кыахтаныахтара.