Үөһээ Бүлүүгэ саҥа кинигэ таҕыста: «Манчаары Бүлүүгэ дьоллоох олоҕо»

304

«Манчаары Баһылай, үйэлэри уҥуордаан// Маҥан атынан Бүлүүгэ кэллиҥ,// Үөһээ Бүлүү дьоно кэтэстэ// Үс саха саргылаах оонньуутун ыһаары// Үрдүк үөрүүлээх Манчаары оонньууларын!» Бу маннык кэрэ тылларынан саҕаланар “Манчаары Бүлүүгэ дьоллоох олоҕо” диэн дьоһуннаах кинигэ сүрэхтэниитэ Үөһээ Бүлүүгэ буолла. Саҥа кинигэ, биһиэхэ, үөһээ бүлүүлэргэ, Манчаары Оонньууларыгар кыайыыбыт кэннэ өссө биир үрдүк үөрүүнү аҕалла.


Кинигэ ааптара — сытыы бөрүөлээх, бэрт сэргэх, тыа олоҕун кэпсиир ыстатыйаларынан, хомоҕой хоһооннорунан биллэр суруналыыс, Саха сирин булчуттарын уонна балыксыттарын Сойууһун бочуоттаах чилиэнэ, Саха сирин аҕаларын 1-кы съеһин делегата, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах сир үлэһитэ, Хоро нэһилиэгин уонна Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, алта оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһэтэ Николай Алексеевич Струкин-Дьулусхан буолар.

Николай Струкин бу кинигэтэ – кини ахсыс кинигэтэ буолар. 20-с Манчаары оонньууларын көрсө Манчаары Баһылай олоҕун тиһэх сылларыгар Ньурба Малдьаҕарыгар олохсуйуутун, онно көскө баран иһэн Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар сылдьыталаабытын туһунан араас ахтыылартан хомуллан оҥоһулубут сонун айымньы буолар. Ону таһынан бу кинигэҕэ Манчаары сууттаныыларын, хаайыыга олорбут, күрээбит түгэннэрин туһунан бэрт үчүгэйдик кэпсэнэр.

Ааптар Дьулусхан бэйэтин санаата маннык:

​ Бу кинигэм дьиҥэ 20-с Манчаары оонньууларын көрсө күн сирин көрүөхтээх этэ даҕаны, доруобуйам атахтаан, арыый хойутаан таҕыста. Кинигэбэр саха норуотун чулуу уола, биһиги остуоруйабыт чаҕылхай киһитэ, баай батталын утары эрдэлээн туруммут Манчаары Баһылай Бүлүү өрүс хочотугар Ньурбаҕа дьиэ көскө ыытыллан, кырдьар сааһыгар киһилии ыал буолан, сүөһү-ас ииттинэн, дьоллоохтук олорбут улахан олоҕун бүтэһик кэрчик кэмин сырдаттым. Кинигэ күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт улууспут баһылыгар В.С. Поскачиҥҥа, үбүнэн көмөлөспүт “Баалыкай” ХЭТ генеральнай дириэктэригэр Н.Н. Еттяновка, чааһынай урбаанньыт Алексей Ивановка, “Хоро” потребительскай уопсастыба бэрэссэдээтэлигэр И.И. Саввиновка, “Сфера Издательство” ХЭТ дириэктэригэр Ю.С. Николашкиҥҥа улахан махталбын тиэрдэбин. Кинигэм бар дьоммор бэлэх буоллун!

“Үөһээ Бүлүү” МТ баһылыга Владимир Поскачин:

-​ Манчаары диэн улуу киһи, улуу саха. Модун күүс, модун санаа. Кини туһунан кэпсэммит, суруллубут үгүс. Ол эрэн, Николай Алексеевич Струкин-Дьулусхан бу суруйбут кинигэтэ – бүгүҥҥү күҥҥэ-дьылга олус наадалаах, кэмигэр суруллубут айымньы. Үөһээ Бүлүү социальнай-экономическай сайдыытыгар, дойдутун дьонун үйэтитиигэ үтүө кылаатын киллэрбит үтүөкэннээх салайааччы, суруйааччы, уонча кинигэ ааптара Дьулусхан Манчаары олоҕун тиһэх сылларын туһунан ахтыылары сыралаһан мунньан, түмэн суруйбута ордук ыччакка, оҕоҕо ураты суолталаах. Биһигиттэн олох тэйиччи, 19-с үйэ бастакы аҥарыгар олорбут, көҥүл иһин охсуспут, норуот номоҕор киирбит сүдү киһи Манчаары “биһиги Ороһубутугар, Балаҕаннаахпытыгар, Наммытыгар, Хоробутугар сылдьыбыта, биһиги хаамар сирбитинэн хаампыта, биһиги өбүгэлэрбитигэр таарыйан, хонон-өрөөн маанылатан ааспыта” диэн өйдөбүл оҕолорго ордук тиийимтиэ, чугас буолуо. “Манчаары оонньуулара” диэн күдээринэ истибэттэригэр, эппиэттээхтик сыһыаннаһалларыгар төрүөт буолуо диибин.

Чахчы даҕаны, бу кэрэхсэбиллээх кинигэттэн эн, ааҕааччы, уос номоҕор сылдьар саха дьоруойун туһунан элбэҕи билиэҥ, саҥаны арыйыаҥ. Бу кинигэ лиистэрин оргууй арыйан ааҕан саҕалаатаххына, биир тыынынан бүтэһик сирэйгэ тиийбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалыаҥ. Оннук умсулҕаннаах, дириҥ ис хоһоонноохтук суруллубут. Ол курдук, Манчаары Сунтаар кулубатын таһыйыыта, Мухтуйа дэриэбинэтин Угаар кинээһэ Манчаарыга үрүҥ көмүс биэс манньыаты биэрбитигэр үөрэн сүүһүттэн сыллаан ылыыта, Чоочо баайдыын атааннаһыылаах сыһыаннара, Манчаары киһи быһыытынан майгыта-сигилитэ, хантан хааннааҕа, дьиҥнээх араспаанньата, мөссүөнэ, олоҕун туһунан бэйэтин кэпсээнэ, төрдө-ууһа, бэл диэтэр, таптаан ааспыт дьахталлара, 1945 сыллаахха Манчаары уҥуоҕун хостооһуннара кытта бэрт кичэллик сурулла сылдьар. Маны сэргэ, кинигэҕэ араас сылларга кыайбыт Манчаары Спартакиадатын чемпионнарын албан ааттара көмүс буукубанан суруллан киирбиттэр. Онон ааҕааччы интэриэһин тардар, элбэҕи толкуйдатар, сөхтөрөр кинигэ быһыытынан тус бэйэм сыаналаатым.