Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн 20 үөрэнээччи Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр «ЯТЭК» уонна «Сахатранснефтегаз» курдук бөдөҥ тэрилтэлэр эбийиэктэрин көрөн, «күөх төлөн» тэбэр сүрэҕэр сырыттылар. Бу анал бырайыагы улуустааҕы «Үөһээ Бүлүү» хаһыат, улуустааҕы үөрэх управлениета уонна «Я — инженер» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүнү кытта кыттыгас тэрийдилэр.
Оҕолор сарсыарда аҕыс чаастан Үөһээ Бүлүүттэн араҕан, 10 чааһы ааһыыта Кыһыл Сыырга тиийэн, Орто Бүлүүтээҕи гаас баайдаах сири туһаҕа таһаарар «ЯТЭК» АУо эбийиэктэригэр сырыттылар. Ол курдук, «ЯТЭК» хостуур буоллаҕына, «Сахатранснефтегаз» ААУо ону өрөспүүбүлүкэ ыалларыгар тиэрдэр.
Оҕолору «ЯТЭК» хампаанньа Кыһыл Сыырдааҕы производственнай-техническэй отдел начаалынньыга Валерий Горовик уонна промышленнай куттал суох буолууга отдел кылаабынай исписэлииһэ Павел Сидоршин көрсөн, бастаан утаа сэрэхтээх эбийиэктэргэ киириэх иннинээҕи анал ирдэбили билиһиннэрдилэр. Оҕолор уруокка паарталарга үөрэнэр курдук болҕойон иһиттилэр уонна өссө наада буолуо диэн суруннулар. Мунаахсыйар боппуруостарыгар тута хоруй көрдөөн ыйыталастылар.
Итинник билсиһии кэнниттэн салгыы оптуобуска олорон, гааһы переработкалыыр анал комплекска тиийиэхпит иннинэ, Орто Бүлүүтээҕи гаас баайдаах сири туһаҕа таһаарыыга 1982 сыллаахха туруоруллубут буровой скважина макетын көрөн, гаас хостонуутун историятын кытта билистилэр. Валерий Горовик бу скважина хас сыллаахха туруоруллубутуттан саҕалаан, маны оҥорууга төһө киһи үлэлээбитигэр тиийэ кэпсээтэ. Бу скважина дириҥэ 6519 м тэҥнэһэр.
Салгыы үлэлии турар скважинаны көрдөрдүлэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ скважинаттан гаас 6519 миэтэрэ дириҥнээх сиртэн ыгыллан тахсар уонна анал комплекснай станцияҕа тиийэн ыраастаныллар. Онтон тыһыынчанан килэмиэтир усталаах турбанан Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ тиийэр, өссө салгыы Өлүөнэ эбэни туораан илин эҥэргэ тахсар.
Салгыы гааһы ыраастыыр эбийиэккэ тиийдибит. Бу анал станцияҕа скважинаттан кэлбит гаас анал оборудованиены нөҥүөлээн куурдуллар, ыраастаныллар. Скважинаттан 200-кэҕэ тиийэр баттааһыннаах гаас лаппа кыччатыллар уонна салгыы сүрүн магистральнай утаҕынан өрөспүүбүлүкэ ыалларыгар «айанныыр».
Эбиэттээн баран, гааһы ыалларга тиэрдиинэн дьарыктанар «Сахатранснефтегаз» ААУо эбийиэктэрин көрө бардыбыт. Биһигини хампаанньа Кыһыл Сыырдааҕы гааһы тиэрдэр уонна хостуур управлениетын линейнэй-көрөр-истэр сулууспатын производственнай-техническэй отделын начаалынньыга Виталий Виноградов арыаллаата уонна эбийиэктэри билиһиннэрэн кэпсээтэ. Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, «Сахатранснефтегаз» АУо хостонуллубут гааһы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туһанааччыларга тиэрдэр. Ол курдук Виталий Валентинович оҕолорго Кыһыл Сыыр — Мастаах магистральнай сүрүн утаҕы уонна Бүлүү куорака барар гаас ситимин (сүрүн бастакы уонна иккис гаас ситимнэригэр холбонуутун) көрдөртөөтө, кэпсээтэ. Онон оҕолор бу иннинэ Бүлүү федеральнай суолунан айаннаан иһэн, Кыһыл Сыыр туһаайыытынан күлүбүрүү умайар «күөх төлөнү» көннөрү көрөн кэбиһэр буоллахтарына, анал эбийиэктэргэ сылдьан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.
Оҕолор санаалара
Николай Игнатьев, Оҥхой орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Олус көдьүүстээх сырыы буолла. Барытын сөҕө-махтайа көрдүм. Бу сырыы кэнниттэн промышленность идэтигэр үөрэнэ барар санаа киирдэ. Үчүгэйдик кыһыллан-мүһэллэн үөрэниэххэ наада эбит.
Афанасий Чириков, Мэйик орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Гаас эбийиэктэрин көрөн олус астынным. Бу эбийиэктэргэ сылдьан баран, Бүлүү өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ гаас тиийэрэ буоллар бэрт да буолуох эбит диэн санааҕа кэллим.
Леонард Корякин, Хоро оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Бэрт интэриэһинэй сырыы буолла. Промышленность идэтин баһылыыр санаа үүйэ-хаайа тутта.
Ньургун Деллохов,Үөһээ Бүлүүтээҕи 2 нүөмэрдээх оскуола 9 үөрэнээччитэ:
— Гаас хостонуутун уопсай хартыынатын биллим-көрдүм. Гаас хостонон ыал билиитэтигэр тиийиэр диэри элбэх бырассыаһы ааһар эбит диэн өйдөөтүм. Олус интэриэһинэй эбийиэктэр. Ханнык идэни таларбын өссө даҕаны быһаарына иликпин.