Худуоһунньук Вячеслав Яроев биир дойдулаахтарыгар айар кутун абылаҥын бэлэхтээтэ

402

Таатта улууһун 2016 сылга бастыҥ мецената, «Уран» дизайн-студия салайааччыта, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Вячеслав Васильевич Яроев «Айар кутум абылаҥа» быыстапкатын көрөр, истэр дьоллоох, көмүс түгэн таатталарга тосхойдо.


И.Д.Христофоров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын киэҥ көрүдүөрүгэр худуоһунньук, биир дойдулаахпыт Вячеслав Яроев хартыыналара ыйаммыттар. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны сэҥээрээччилэр аргыый аҕай хартыынаттан хартыынаҕа тохтоон, ырытыһан, ыраатан-чугаһаан көрөллөр.

Бу дьикти абылаҥ эйгэтигэр ыллараммын, Вячеслав Яроев хартыыналарын кытта тыыннаах ситимҥэ киирэн туран: «Бу талаан, бу дьоҕур хантан ситимнээҕий? Утумун уһуга ханна сытарый?», — диэн санаа үүйэ-хаайа тутта.

Баайаҕа үрэҕэ Алдан өрүскэ быһаччы холбоһор туймуутугар, саас, күһүн от үрэхтэртэн ардах-хаар уутун тардыһан, икки хара тыатынан бидилийэр-будулуйар Байымаайы үрэҕэ туора түһэн сытар. Үрэх ыһыытыыр төрдүн ылар үрдүк сиригэр, сискэ, Уһук Күөлүгэр саас ахсын кытархайдыҥы, толбоннурар өҥнөөх тээкэ диэн тэлээрэн көтөр, уһун тумустаах тыыраахылар кэлэн сымыыттыыллара.

Ыйытыыттан ыйытыы, санааттан санаа төрөөн тахсан иһэр. Худуоһунньук буолар баҕа кытыы нэһилиэк музыкальнай оскуолатын кыракый кылааһыттан, боростуой оҥоһуулаах мольбертан, уһуйааччы Анна Васильевна Мандарова дьаныардаах үлэтиттэн кыым саҕыллыбыта буолаарай?

Итинник санаанан хартыыналары көрө сылдьар дьоҥҥо чугаһаан ыйытабын.

— Ольга Николаевна, хартыыналарга өбүгэ утумун философията хайдах бэриллибитий?

— Бу хартыыналары элбэхтэ төхтүрүйэн көрүөххэ наада, оччоҕо ис дьиҥин быһаарыахха сөп. Вячеслав Васильевич айымньылаах айар быыстапкатын төрөөбүт улууһугар, нэһилиэгэр туруоруута гражданин быһыытынан биһигин ыйаабыт түөлбэтигэр бэриниилээҕин, киһи быһыытынан истиҥин, иһирэҕин, үрдүк ис култууралааҕын көрдөрөр. Худуоһунньук иэйиитин биэбэйдиир биһигэ төрөөбүт ийэ айылҕата, өйүн-санаатын кынаттыыр ымыыта төрөөбүт түөлбэтин бөлүһүөктүү өйүн сүмэтэ диэн саныыбын. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх диэн өбүгэбит бөлүһүөктүү көрүүлэрэ үгүс хартыыналары курдаттыы кууспут. Холобур, «Ампаар» диэн хартыынаҕа тохтоон аастахпына, арҕаалаан эрэр күҥҥэ баҕаната ыыстыйа саһарбыт хатыйа күрүө күүлэлээх ампаар бэрт элбэҕи иҥэринэн турар. Хатыйа күрүө аннынан үүнэн тахсыбыт күөх үүнээйи бу кырдьаҕас ампаар абыраллаах күлүгэ илгэлээҕин көрдөрөр. Кырдьаҕас көлүөнэ көмүскэстээх өйө үүнэр көлүөнэҕэ модун тирэх буолуутун туоһута. Соҕотох бу хартыына өбүгэ утумун философиятын туоһута буолар. Үгүс хартыына дьоруойдарынан оҕолор буолаллар, худуоһунньук көлүөнэлэр быстыспат ситимнэрин үрдүктүк тутарын уонна туруулаһарын көрдөрөр.

Салгыы түмсэн турар дьоҥҥо чугаһыыбын. Галина Иннокентьевна дьүөгэлэригэр быһаарарын сэҥээрэн истэбин.

— Вячеслав бу хартыынатыгар күн бытархайдара, күн сүүмэхтэрэ сиҥнэн эрэр дьиэ үрдүн быһыынан истиэнэттэн тэйэн, сылааһынан илгийэллэр. Айылҕаны ойуулаабыт хартыыналара бары күннээхтэр, күн уотун сырдыга барыта баар. Сырдыгы наһаа табан туттар. Вячеслав ийэ айылҕатыттан күүс-сэниэ ылар уонна көрөөччү кутун-сүрүн тутар күүстээх. 

Саха киһитин айылгыта тыа сиригэр араскыта түһэр, тыллар, ситэр. Бу санаа Вячеслав хартыыналарыгар хайдаҕый, Ньукулай Иванович манна туох толкуйдааххын?

— Арассыыйа Ийэ Хотун билиниитин ылан, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ буолбут Вячеслав Яроев быыстапкатын көрдөҕүм аайы саҥаттан саҥа санаалар, толкуйдар саҕыллан иһэллэр. Живопись – тыыннаах уруһуй, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство чыпчаалын ситиспит уолбутунан киэн туттабыт, өссө ити кыра, кини айар үлэтин кэлиҥҥи көлүөнэ өйдүөҕэ, улахан сыанабылы оҥоруоҕа. Эдэр, орто, кырдьаҕас Дьоруойаптары барыларын түмпүт ырааҕы одуулуу олорор уол хартыыната баар. Бу хартыынаҕа мин аҕалара Баһылай Капитонович сэрии иннинээҕи тулаайах оҕо сааһын, эдэр көлүөнэ билиҥҥи кэмин көрдөрөр уникальнай хартыына диибин. Харандааһынан уруһуй баар, күүстээх символ өйдөбүлүнэн уруһуйдаммыт. Дьоруойаптар тэлгэһэлэрин аана. Төрөөбүт тэлгэһэтиттэн, дьиэтиттэн-уотуттан тэйээри, ыраах айаннаары туран, мин силиһим-мутугум, төрдүм-ууһум манна баар, мин мантан тыыллан-хабыллан таҕыстым, кынат үүннэринним диэн өйдөбүлү тэлгэһэ аана көрдөрөр. Вячеслав хартыыналара биһиэхэ олус чугастар, тыыннаахтар, күндүлэр – ити биһиги олорон ааспыт олохпут, биһиги бэйэбит ээ.

Хас көрөөччү баарый да, оччо сыһыан, оччо сыанабыл баар.

Бэйэм боппуруостарбар эппиэттэри хас биирдии хартыынаттан булан ыларга дылыбын.

Айыыһыт Вячеславка худуоһунньук буоларга Ытык Аналы хото анаабыт. Ийэ эмиийин үүтүн кытта этигэр-сиинигэр иҥэриммит ийэ тыла толкуйдуур, ырытар, анаарар толкуйа, өйө-санаата хартыына буолан дьүһүйүллэн тахсыбыт. Төрөөбүт айылҕаҕа, буорга таптала балаҕантан, холумтантан, тиэргэнтэн, алаастан саҕаламмыт.

Аҕалара Василий Капитонович Яроев уолаттарын эр киһилии дьоһуннук ииппит. Үлэни кыайа-хото тутарга, аар тайҕаҕа бултуурга-алтыырга, дьиэ кэргэни үрдүктүк тутарга, кырдьаҕастары ытыктыырга, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэппитэ, такайбыта суолга хаалбатах. Вячеслав эдэр киһи диэтэххэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, толкуйа ырааҕынан эҥсэрэ, дэбигис киһи тэҥнэспэт киһитэ.

Вячеслав Васильевич Яроев айар кутун абылаҥа үрдүктэн үрдүккэ дабайдын диэн испэр алҕаан баран, таһырдьа тахсыбытым – арҕаалаабыт сааскы күн мин санаабын таайбыттыы мичилийэ күлбүт. Аныгы көрсүөххэ дылы!