Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр сылгы барыта аһылыкка киирэн, күннэтэ хонтуруолга сылдьар.
Юрий Дьячковскай салайар «Кубарсы» бааһынай хаһаайыстыбатын базата бөһүөлэктэн 1,3 көстөөх сиргэ баар. Быйыл 60 сылгыны, ол иһигэр 33 биэни итиэннэ 22 ынах сүөһүнү кыстатан турар. Манна барыта аймахтар үлэлииллэр. Былырыын күһүн саҥа дьиэ тутуутун саҕалаабыттар. Быйыл биир да убаһаны иитиигэ хаалларбатахтар. Ахсынньыга биир атыыры бөрө тардыбыт, икки кырдьаҕас биэ ырыганнаан охтубут. Сылгыһыттар биир туруга мөлтөх тиҥэһэни туспа хаайан, аһата сылдьаллар, атыттар сыһыыга сылдьаллар, туруктара орто. Мантан саас отторо татым буолууһу, эбии от наада дэһэллэр, эбиэһи бөһүөлэктэн аҕалаллар үһү.
— Кыһын тымныы аһара уһуннук турда, сылгы хаһа-хаһа, хаамар аҕай, биир сиргэ тохтообот. Хаһыы ото соппоҥ, онно эбии өртөммөт буолан, ходуһабыт сыллата лаҥхатыйан иһэр, кэнчээри аанньа үүммэт, — диир сылгыһыт Валерий Васильевич.
Иван Федоров салайар «Мочоот» бааһынай хаһаайыстыбата Таҥха үрэх төрдүгэр, Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустар ыпсыыларыгар, дэриэбинэттэн үс көстөөх сиргэ баар. Хаһаайыстыба аҕыс сыллааҕыта тутуллубут дьиэлээх, баанньыктаах, икки буоксалаах хараастаах, күн уотунан барар батарыайалаах, онон олорор-үлэлиир усулуобуйатын тэриммит. Сүүстэн тахса сылгыны убайдыы-быраат Александр, Николай Федоровтар көрөллөр-истэллэр. Кыһын биир тый көлөттөн өлбүт, биир биэ ыран охтубут, икки тиҥэһэни бөрө тардыбыт. Сылгылар туруктара орто, отторо-бурдуктаар тиийииһи. Кэлиҥҥи сылларга Чыамайыкыга бөрөлөр, биллэринэн, 14 улахан сылгыны тартылар. Олохтоох бэтэринэринэй учаастакка Раиса Куприянова ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиир, онон нэһилиэк олохтоохторун ытыктабылларын ылар.