Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үүт, эт бородууксуйаларын таһынан биир сүрүн хайысханан оҕуруот аһа буолар. Арыылаах нэһилиэгэр С.Г. Павлова бу хайысханан дьарыктаммыта хаһыс да сыла буолла. Кини бааһынай хаһаайыстыбалаах.
Светлана Павлова инники былаана элбэх. Ол курдук, араас граннарга киирсэн хаһаайыстыбатын кэҥэтэр, хамнастаах үлэһит тутар, оҥорон таһаарар бородууксуйатын арааһын, ахсаанын саҥа таһымҥа таһаарар сыаллаах. Манна барытыгар кини халыҥ хамаандата – кэргэнэ Кирилл Николаевич, уолаттара, сиэннэрэ, аймахтара күүс-көмө буолаллар.
Билигин хаһаайыстыба 5 га иэннээх буолалаах, саҥа МТЗ тыраахтардаах, хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ олордор, хостуур тиэхиньикэ арааһа баар. Светлана Гаврильевна сыл аайы өлгөм үүнүүтүн Мииринэй ырыынагар илдьэн хамаҕатык батарар. Хаһыс да сылын сылдьар буолан ырыынак иһин-таһын, нэһилиэнньэ туохха ордук наадыйарын бэркэ билэр. Маны таһынан, «Алмазная осень», «Алмазная провинция» дьаарбаҥкалары көтүппэт, тэрийээччилэртэн ылбыт наҕараадата элбэх.
Хаһаайыстыба аҥаардас 5 га сиринэн, оҕуруот аһын үүннэрэринэн, батарарынан эрэ муҥурданар санаата суох. Ол курдук, бородууксуйаларын элбэтээри нэһилиэктэн эбии сир көрдөөн олороллор. Граннарга кыттан, үрдүк хаачыстыбалаах үүнүүнү ылар сыалтан пробиркалаах хортуоппуй сиэмэтин, барабаннай уу кутар тэрил, японскай тыраахтар атыылаһар, инникитин оҕуруот аһын харайар анал сир туттар былааннаахтар. Светлана Гаврильевна онтун туттарыгар буолатыттан чугас 2 га сири ылан олорор. Онно уот ситимнээх.
Бу үлэлэр түмүктэринэн хаһаайыстыба оҕуруот аһын шоковай тоҥоруунан, полуфабрикаттарынан дьарыктаныахтаах. Кэтилиэт, пельмень, бэлэм миин уо.д.а. астар оҥорорго «Саҥа саҕалааччы пиэрмэр» граҥҥа кыттан, эт бородууксуйатынан дьарыктанан саҕалаабыт бырааттара Юрий Павлов бииргэ үлэлииргэ бэлэм. 5 га сиргэ биир хамнастаах үлэһити тутар буоллаҕына, сирин кэҥэттэҕинэ эбии дьону ылан нэһилиэнньэни дьарыктаах, хамнастаах гынар. Нэһилиэнньэ олохтоох аһынан аһыахтаах диэн санаанан хаһаайыстыба салайааччыта Светлана Павлова Сунтаары, ыаллыы сытар улуустары төгүрүк сыл тухары бэйэтэ үүннэрбит оҕуруот аһынан хааччыйар баҕалаах.