Соболооххо тутулла турар саҥа хочуолунайы балаҕан ыйыгар үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар

294

Быйыл Муома улууһун Соболооҕор нэһилиэнньэ өр сыллаах туруорсуута – саҥа хочуолунай тутулла турар. Бу туһунан билэр-көрөр баҕа баһыйан улуус баһылыга П.Н. Черемкины кытта миэстэтигэр тиийэ сырыттыбыт. Уунан айаҥҥа Булт Департаменын специалиһа Нь.Н. Черемкин сылдьыста.


Биһигини Соболоох нэһилиэгин аҕа баһылыга Д.П. Корякин көрүстэ. Үрдүк саҥа объект тутулла турар сиригэр тиийэбит. Саҥа хочуолунай бөһүөлэк ортотугар табыгастаах сиргэ турар. Иһинэн-таһынан үлэ күөстүү оргуйа олорор. Таһыгар улахан эргимтэлээх суон турбалары эдэр уолаттар сваркалыы сылдьаллар, объект иһигэр эмиэ тимири иһэрдии үлт биир кэм күндээрэр.

Дьокуускайтан 5 киһилээх тутуу биригээдэтэ кэлэн сүрүннээн үлэлиир, ону таһынан кинилэргэ 4 олохтоох дьон кыттыһан көмөлөһөллөр. Объект иһигэр 4 оһох туруоруллубут, кырыыларынан араас эргимтэлээх турбалар бэлэмнэммиттэр.

Тутуу биригэдьиирэ Дьокуускайтан сылдьар Баишев Егор Ивановиһы кытта көрсөн кэпсэттибит. «Тутуубутун сир хаардаах эрдэҕиттэн «нулевой циклтэн» саҕалаабыппыт. «Ремстройкомплект» ХЭТ тэрилтэ нөҥүө чааһынай урбаанньыт буолан, подрядчик быһыытынан дуогабардаһан үлэлии сылдьабыт. Биригээдэҕэ үрдүк кылаастаах, анал идэлээх, үлэлэрин баһылаабыт уопуттаах сварщиктар үлэлииллэр. Бэйэм хочуолунайдары тутуһар биригээдэни тэрийэн үлэлэспитим ыраатта, 1999 сылтан. Соболоох хочуолунайа чоҕунан оттуллар бырайыактаах буолан биэрдэ, онон вагонеткалаах оҥоһуллуоҕа. Хочуолунай фундаменын тирэҕин бетонунан кутан үрдүк сиргэ туттубут, ол иһигэр муостата бырайыак быһыытынан 10 см эбит буоллаҕына, кыраан суох буолан, техническэй өттүн учуоттаан 17-18 см диэри эбии кутан биэрдибит. Онтон каркаһын этэҥҥэ таҥан, иһигэр киирэн үлэтин саҕалаабыппыт. Үлэ хаамыыта ортотунан 50-55% оҥоһулунна диэххэ сөп. Билигин ититэр ситимҥэ холбоон турбаларын таҥыы эппиэттээх үлэтэ бара турар. Туттар матырыйаалларбыт былырыыҥҥыттан кыһыҥҥы суолунан барыта кэлэ сатаабыта. Туттар тэриллэрбитин (болгарка, сварочнай аппарат, генератор о.д.а.) аҕалбыппыт. Арай электрод тиийбэт. Олорор усулуобуйабытын олохтоох дьаһалта барытын тэрийбитэ. Аспытын-таҥаспытын өссө кыһыҥҥы суолунан аҕалтарбыппыт. Онон түүннэри-күнүстэри үлэлээн үлэбитин балаҕан ыйыгар туттарар соруктаахпыт. Биир сүрүн кыһалҕабытынан уот линиятыгар саахаллар тахсаллара буолар, уота суох олорон хаалабыт, үлэбит атахтанар. Генератор аҕалбыппыт эрээри, ол улаханы быһаарбат, син-биир бытаарыы тахсар. Ол да буоллар олохтоох үлэһит уолаттар көмөлөрүнэн үлэбитин кэмигэр туттарыахпыт», — диир биригэдьиир.

Кэнники уон сылга улууска маһынан оттуллар 10 хочуолунайы убаҕас оттукка көһөрүүгэ араас таһымҥа үлэ күүскэ ыытыллан, үтүө түмүктэри көрөбүт. Убаҕас оттугунан оттуллар саҥа хочуолунай бастакынан Индигиргэ тутуллан киирбитэ. Чыбааҕылаахха коммунальнайдар бэйэлэрин кыахтарынан хаһаайыстыбаннай ньыманан эмиэ убаҕас оттугунан оттуллар хочуолунайы туппуттара, араас уустуктары аахсыбакка туран. Быйыл манна чааһынай дьиэлэр бары кэриэтэ холбонорго бэлэмнэр.

Аны улууска бүтэһик хаалбыт Соболооххо тутуллан туһаҕа киирэн эрэр. Кэнники икки сылга өрөспүүбүлүкэҕэ коммунальнай хаһаайыстыба салаатыгар саҥа тутууларга мораторий биллэриллибитэ. Ону аахсыбакка туран, улуус салалтата кимиилээхтик киирсэн, былырыын улуус бюджетыттан 3 мөл. солк, Соболоох дьаһалтата 2 мөл. солк. көрөннөр, саҥа тутууга олук ууруллубута. Ол эрээри быйыл тутуу боппуруоһа сытыытык турбута, кыстык кэмигэр оттук мас суоҕа тирээн турар кыһалҕаҕа кубулуйбута, ыксаппыта. Бу барыта хайдах даҕаны оннунан хаалар кыаҕа суоҕун өйдөөн, «ОДьКХ» ГУП генеральнай директора В.В. Омуков өр сылларга Муома улууһун ис кыһалҕатын билэр буолан, баһылыгы кытта биир санааны ылынан, 45 мөл. солк. суумалаах хочуолунай тутуута быһаарыллыбыта.

Онон соболоохтор өр сыллаах туруорсуулара, кэтэһиилэрэ олоххо киирэн, саҥа хочуолунай бөһүөлэк тэбэр сүрэҕэр кубулуйан, хорук тымырынан сылааһы биэрэн, сарсыҥҥыга эрэл саҕахтары күөдьүтэр.