Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыччат ыһыаҕа Мииринэй куоракка ыытылынна. Маннык ыһыах бырамыысыланнай оройуоҥҥа буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Алмаастаах кыраайга ыччат түһүлгэтигэр Сахабыт сирин араас муннуктарыттан 34 хамаанда, ол иһигэр сунтаардар, кыттыбыта быйылгы Ыччат ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын туоһулуур.
Икки күн устата Саха сирин чулуу, эдэрчи эрчимнээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар ыччаттарын икки ардыларыгар ыытыллыбыт араас күрэстэр түмүктэринэн киин улуустарга мэҥэлэр эрэ кэннилэриттэн хаалан Сунтаар улууһун хамаандата иккис миэстэҕэ таҕыста. Сунтаар ыччатын ситиһиитин туһунан сиһилии истээри улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын кылаабынай исписэлииһин Егор Андреевы кытары көрсөн кэпсэттим.
«Мииринэй куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыччат ыһыаҕар отучча киһилээх дэлэгээссийэ буолан баран кэллибит. Биһиги иннибитигэр Сунтаар ыһыаҕын аһыллыытыгар кыттыбыт «Түһүлгэ», «Айыллыы» курдук үҥкүү ансаамбыллара барбыттара. Ыһыах 2011 сылга Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыт Чуоналыыр диэн сиргэ буола. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары палаточнай куоракка түһэртээбиттэрэ. Биһигини ленскэйдэри, өлөөннөрү уонна бүлүүлэри кытары биир түһүлгэҕэ олохтообуттара. Олус үчүгэй этэ.
Ыһыах буолуон биир күн иннинэ күрэстэргэ сүүмэрдиир түһүмэхтэр буолбуттара. Ыччат ыһыаҕын саамай кэрэ кыыһын талар «Алмазная Краса-Күлүмнэс Куо» Элгээйи кыыһа Алена Ядреева 33 кыыстан уон иһигэр киирэн салгыы улууһун чиэһин көмүскүүр кыахтаммыта. Алена быйыл ХИФУ ФЭИ-тун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрдэ. Кини бу күрэскэ икки ый бэлэмнэммитэ. Кыыспыт туһугар сунтаардар бары сүүрэн-көтөн, сүбэ-ама буола сылдьыбыппыт дьон болҕомтотун тарта. Дьон Сунтаар ыччатын түмсүүтэ бэрдин бэлиэтээбитэ истиэххэ үчүгэйэ. Күрэскэ кыыспыт тэҥнээҕин булбакка, кыайыылааҕынан тахсан «Күлүмнэс Куо» ааты ылбытыттан бары үөрдүбүт.
Эдэр дьиэ кэргэн күрэһэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Манна биһиги дьоммут Юлия уонна Ярослав Филипповтар бастакы миэстэни эрэллээхтик ыллылар. 300 тыһ. солк. суумалаах бирииһинэн наҕараадаланнылар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн күрэһигэр кыттарга ыҥырыы ыллылар.
Күүстээхтэри быһаарарга «Урааҥхай Боотур» уонна «Эр Бэрдэ» диэн элбэх көрүҥҥэ күрэхтэр буоллулар. УАЗ массыына соһуулаах, арматураны токурутуулаах, таас көтөҕүүлээх «Эр Бэрдэ» диэн күрэххэ быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар боотурдарын оонньууларыгар төрдүс төгүлүн кыайыылаах аатын ылбыт Рустам Ксенофонтов тэҥнээҕин булбата. «Урааҥхай Боотурга» быйылгы Сунтаар уйгулаах ыһыаҕар «Маччаҕа Бөҕө» күрэх кыайыылааҕа, Үөһээ Дьааҥыттан сылдьар маар күөллэр күтүөттэрэ Василий Заболоцкай күүстээх киирсиилэр кэннилэриттэн бэһис миэстэ буолла.
Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар эдэр ыччакка «Кылаан олоҥхоһут» ааты ылбыт биир дойдулаахпыт Айсен Федоров Ыччат ыһыаҕын олоҥхо күрэһигэр бастакы миэстэни ылла. Хомус күрэһигэр сунтаардар биир талааннаах кыыспыт Сахаайа Нохсорова отуттан тахса киһиттэн тохсус миэстэ буолан, хамаандатын кыайыыга өссө биир хардыынан чугаһатан үөрдэ-көттө. Тимир уустар күрэстэригэр Василий Уаров иккис миэстэ буолан быһах сытыылыыр чочунан наҕараадаланна. Гитара күрэһигэр Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын үлэһитэ Марк Андреев бэйэтэ, бииргэ төрөөбүт быраата суруйбут ырыаларын ыллаан төрдүс, КВН оонньуутугар уолаттарбыт сэттис миэстэ буолбуттара эмиэ үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын.
Уопсай түмүккэ ситиһиилээхтик иккис миэстэ буолан, Саха сирин араас муннуктарыттан сылдьар ыччаты кытары билсэн, элбэҕи билэн-көрөн, уопут атастаһан, үөрэн-көтөн, үчүгэй баҕайытык сылдьан кэллибит. Олус үчүгэй хамаандалаах барбыппыт, үҥкүүһүттэрбит даҕаны күүс-көмө буоллулар. Кинилэр баар буоланнар элбэҕи ситистибит. Улуустааҕы ыччат отделын аатыттан хамаан-дабыт ыччаттарыгар бэйэ-бэйэни өйөһөн, күүс-көмө, биир сомоҕо буолан сылдьыбыттарыгар, Сунтаар улууһун салалтатыгар, сиргэ уонна баайга-дуолга сыһыаннаһыылар кэмитиэттэригэр тэрийэн ыыппыттарыгар, эрэллээх суоппардарбытыгар уонна Мииринэй оройуонугар маннык үчүгэй ыһыах ыыппытыгар махталбытын тириэрдэбит. Эһиил Хаҥаласка буолар Ыччат ыһыаҕар өссө күүскэ бэлэмнэнэн, үчүгэйдик тэринэн барыахпыт», – диэн Егор кэпсээнин түмүктээтэ.