Сунтаарга «Партизан» култуура киинигэр «Байааным алыптаах дорҕооно» бырайыак чэрчитинэн кэнсиэр буолла.
Көрөөччү аҕыйах да буоллар, хас биирдии ырыаһыты олус истиҥник, дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кэнсиэри Марфа Семенова иилээн-саҕалаан ыытта. Илимнииртэн Татьяна Игнатьева салайааччылаах көрдөөх-күлүүлээх сыаҥкалара киэргэттэ. Тойбохойтон Клара Тихонова, Александра Титова дуэттара, киэн туттар мэлэдьииспит Иван Иванов кэргэнинээн, Анастасиялыын, ырыа киэһэтин киэргэттилэр. Маар Күөлтэн Валентина Слепцова салайааччылаах «Саһарҕа» норуодунай ансаамбыла, Сунтаартан мэлэдьиис Владимир Федоров, эдэр кыттааччыбыт Роман Амонов байааҥҥа ыллаан дьон биһирэбилин ылла. Көрөөччүлэр Сунтаартан Александр Лазарев ырыатын биһирээтилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, эдэр дьон илин эҥээр, киин улуустарга байаанынан ыллаабыттара ыраатта. «Кэнсиэргэ кыттыбыт дьоммор барыларыгар махталбын тириэрдэбин. «Партизан» култуура киинин дириэктэригэр Юрий Очосовка бырайыакпын өйөөн, кулуубун бэлэмнээн биэрбитигэр барҕа махтал. «Байаан алыптаах дорҕооно» бырайыак өрүү салҕана туруохтун«, — диир СӨ байаныыстарын түмсүүтүн чилиэнэ Александр Харитонов.