Быйылгы үөрэх дьыла Сунтаар улууһугар олус үчүгэй тэрээһиннэртэн саҕаланна. Ол курдук, саҥа оҕо саадтара аһыллан, кырачааннары көрүстэ. Бу соторутааҕыта Аллыҥаҕа бэртээхэй тутуу үлэҕэ киирэн, үлэһиттэргэ, кырачааннарга, төрөппүттэргэ улахан бэлэх буолла. Онтон бу ааспыт нэдиэлэҕэ улууспут киинигэр улахан таас дьиэ – 3 этээстээх «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ — үөрүүлээх аһыллыыта үрдүк таһымҥа ааста.
«Ньургуһун» оҕо саада быйылгы үөрэх дьылыгар диэри бэйэтиттэн хочуолунайдаах эргэ дьиэҕэ үлэлии турбута. Үлэһиттэр кыһамньылаах илиилэринэн олус тупсаҕай гына оҥостон, элбэх көлүөнэ оҕону иитэн-үөрэтэн таһаарбыттара. Идэлэригэр бэриниилээх исписэлиистэр бары сатабылларын, билиилэрин ууран, үөрэтэн-такайан, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх оҕо тэрилтэтэ буолары ситиспиттэрэ. Кырачааннар араас күрэхтэргэ, Арассыыйа таһымыгар тиийэ, бириистээх миэстэлэри ылаллара анал үөрэхтээх иитээччилэр, куруһуоктар салайааччылара идэлэрин чахчы баһылаабыттарын туоһута.
Билигин оҕо саада 240 миэстэлээх, 90-ча үлэһиттээх улахан кэлэктиип буолла. Үлэлииргэ, кырачааннар сайдалларыгар толору хааччыллыылаах оҕо сайдар киинигэр оҕоҕо төрөөбүт тылын, култууратын, улуу нуучча, ону сэргэ омук тылларын (английскай) үөрэтии бырагыраамалаах үлэлиир кыахтанна.
Саҥа дьиэ үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев бу дьиэ олус түргэн эрээри, хаачыстыбалаахтык тутуллубутун эттэ. Ол курдук тутааччы «ВИД» ХЭТ (сал. Владимир Яковлев) олус эппиэтинэстээхтик үлэлээбитин бэлиэтээтэ. Тутуу 2015 сылтан саҕаламмыт. Судаарыстыбаннай-чааһынай партнерствонан ыытылынна.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев өрөспүүбүлүкэҕэ маннык үчүгэй тутуулаах, толору хааччыллыылаах оҕо саада үлэҕэ киирбитигэр «Ньургуһун» оҕо сайдар киинин кэлэктиибэ, сэбиэдиссэй Светлана Руфова тутааччылардыын тэбис-тэҥҥэ сылдьан туох-ханнык кыһалҕалар баалларын билсэ турбуттарын, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин салайааччыта Антонина Саввинова олох бэйэтин дьиэтин туттарар курдук долгуйа, кыһана, тутуу хаамыытын барытын билсэ, үлэлэһэ сылдьыбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саҥа дьиэ үлэҕэ киирэр үөрүүтүгэр тэрилтэ бэтэрээн үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, биир идэлээхтэрэ – нэһилиэк атын оҕо саадын үлэһиттэрэ баҕа санаа бастыҥын эттилэр. Инникитин да элбэх ситиһиини баҕардылар. «Түбүктээх үлэҕит түмүгэ – оҕолоргут ситиһиилэрэ буоллуннар» диэн эҕэрдэлээбит эрэ барыта эттэ.
Үөрүүлээх чааска тутааччыларга тустаах министиэристибэлэртэн Бочуотунай грамоталар, улуус дьаһалтатын махтал суруктара туттарылыннылар. Саҥа дьиэ хаһаайкатыгар Светлана Дмитриевнаҕа бу күн икки бүк үөрүү буолла. Саҥа дьиэ күлүүһүн сэргэ, Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 385 сылынан үбүлүөйүнэй мэтээл туттарылынна. Кырачааннар саҥа дьиэҕэ киирбиттэригэр үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) махталларын биллэрдилэр. Араас күрэхтэр кыайыылаахтара ырыаларын, үҥкүүлэрин көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан арыаллаатылар.
Экология сылынан тэлгэһэҕэ биһиги дойдубутугар сэдэхтик үүнэр мастары олортулар.