Сунтаарга «Саха АССР 100 сыла» микрооройуон оҥоһуллар

136

СӨ тыа хаһаайыстыба­тыгар уонна аска-үөлгэ ми­ниистирин солбуйааччыта Нико­лай Петров Сунтаар улууһугар кэлэн үлэ­лээтэ. Кини улуус салалтатын кы­тары Сунтаар нэһилиэ­гэр саҥа оҥоһуллар «Саха АССР 100 сыла» микрооройуоҥҥа сы­рытта.


Ыылаах микрооройуона Саха сиригэр автономия тэрилли­битэ 100 сылыгар анаан «Саха АССР 100 сыла» диэн ааттам­мыта. Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, тыа хаһаа­йыстыбатыгар уонна аска-үөлгэ ми­ниистирин солбуйаач­чыта Николай Петров үлэ­лэһиилэринэн нэһилиэги сайыннарыы «Саха Өрөс­пүүбүлүкэтигэр тыа сирин территорияларын би­гэтик сайын­нарыы» фе­де­ральнай бырагы­раама­ҕа киирбитэ.

Бу микрооро­йуон түҥэтиллибит 100 уһаайбаҕа анаан, уопсайа 167 мөл. солк. суумаҕа, уот линията, биир моһуоннаах күрүөлэр, бетон суол, тротуар, уу провода, уулусса уоттара оҥоһуллуох­таахтар. Үлэ бэдэрээч­чигинэн «Сунтарэнерго» ХЭТ буолар. Тэрилтэ дириэктэрэ Петр Попов бетоннааһынтан ураты үлэ барыта быйыл бүтэрин эрэн­нэрэр.

Маны таһынан Николай Ильич улуус­пут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэринэн “Кириэстээх” ТХПК, “Элгээйи” ПК сырытта, Тойбохой нэһилиэ­гэр саҕалааччы пиэрмэрдэри кытары көрүстэ.