«Улуус олоҕо»: Өймөкөөҥҥө туристарга өҥөнү оҥоруу олохтоохтор дохуот аахсалларыгар туһуланыахтаах

2203

“Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара Өймөкөөн нэһилиэгэр тиийэн, түспүт ыалбыт Валентина Готовцеваны кытта чэйдии-чэйдии олох-дьаһах туһунан кэпсэтэ олордубут. Биһиги сүрүн сорукпут – ырыынак уустук кэмигэр үлэтэ суох эрээри, бэйэтин бэйэтэ дьаһанан, кыахтаахтык олорор тыа сирин олохтооҕун кытта сэһэргэһии. Биир оннук киһинэн Лена Репина буоларын хаһаайка кэпсээтэ. Салгыы «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


Валентина Готовцева Өймөкөөҥҥө ыаллар ынахтарын кыһын устата чугастааҕы эбэҕэ киллэрэн уулаталларын туһунан кэпсээтэ. «Дойдулардыы«, — диир кини. Баҕар, киин улуустарга буоллун даҕаны. Оттон хоту дойдуга, буолаары буолан, Тымныы полюһугар ынаҕы таһырдьа таһаарыах диэтэххэ, күүстээх дьаһал курдук.

«Арба, бу кэмҥэ Лена Репина ынахтарын уулатар кэмэ. Өрүскэ киирэн көрүҥ. Билигин сүөһүлэрин үүрэн иһэр буолуохтаах. Дьэ, кини баар, эһиги интэриэһиргиир дьоруойгут. Баран көрсүбэккит дуо?» — диэн Валентина Михайловна этиитин ылынан, суруналыыстар салгын сии таарыйа, Индигиир эбэҕэ киирдибит. Кырдьык, икки ынаҕын уулата иһэр дьахтары утары көрсөн, ойбоҥҥо барыстыбыт. Субу чугас баар буолуо диэбиппит да, салҕыахпытыгар диэри хаамтыбыт.

— Ынахтарбын күн өрүү-өрүү уулатабын. Хас да кыраадыс тымныы буоллун, туман да түһэн турдун, бу суолбутунан син биир тиэстэбит. Мин аара баран иһэн «скандилыыбын». Онон доруобуйабар миэхэ да туһалаах, — диэн кэпсиир Лена Репина.

Лена Репина нэһилиэккэ үлэтэ суох дьон ахсааныгар киирэн, билигин бэйэтин бэйэтэ дьарыктаан, үлэ араас көрүҥэр ылсар.

Лена Репина үлэтэ суох буолан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн нэһилиэк дьаһалта ылбыт гранынан сибиинньэҕэ уонна кууруссаҕа тиксибит. Икки төрүүр ынахтаах, уоннааҕыта – тыһаҕас. Бастакы торбоһо Тыйыс 65 кыраадыс тымныы түһэн турдаҕына төрөөбүт. Онон быйыл сүөһүтэ эбиллэн, аны олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга ылсан эрэр. Этин-үүтүн атыылыыр, дьон атыылаһар, онон хамнастанар.

Дьиэлээх хаһаайка дохуот киллэринэр биир өрүтэ — иис. Биһиги сэһэргэһээччибит хотонуттан бүтэн-оһон, дьиэтигэр киирэн, иистэммитинэн барар. Бу Үчүгэй нэһилиэгин оскуолатын үҥкүүһүт оҕолоругар таба көстүүмүн сакааска ылан тигэ сылдьарын этэр. «Уон алта көстүүмү тигэн, дохуоппар 18 тыһ. солк. эбинним. Биир көстүүмү 1200 солк. тигэбин. Кыһыҥҥы өттүгэр сакаас баар. Уоннааҕы кэмҥэ хаһаайыстыбабын көрөбүн-истэбин», — диэн кэпсиир кини.

Онтон бэрт сиэдэрэй саха дьахтарын кыһыҥҥы сонугар эбии киэргэли тигиэхтээҕин кэпсиир. Бу – саха дьахтарын XVIII үйэтээҕи кыһыҥҥы соно. Дьэ, мааны таҥас! Сону Лена биир ый устата халбаҥнаабакка тигэн, былырыын күһүн «Арктика кыһыныгар итии таҥаһы тигии» куонкуруһугар кыттыбыт. Бу тэрээһини Саха сирин аатырбыт модельера Августина Филиппова уонна социологическай наука доктора Ульяна Винокурова бэйэлэринэн Өймөкөөҥҥө кэлэн, өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах иистэнньэҥнэрин аҕалан ыыппыттара. Онно Тымныы полюһун дьахталлара маастар-кылааска хас да хонук үөрэммиттэрэ. Кыһыҥҥы таҥас куонукуруһугар Лена Репина бу кыһыҥҥы соно бочуоттаах 1-кы миэстэҕэ тиксибитэ. Хаһаайка сонун суолталаах быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ эрэ кэтэр. Сотору кэминэн бу сон Репиннэр дьиэ кэргэннэригэр эмиэ «харчы оҥоруохтаах».

— Өймөкөөн Тымныы полюһун быһыытынан биллэр буолан, араас омук дойдутуттан туристар бөҕө кэллэллэр. Кинилэр саамай интэриэһиргииллэрэ – национальнай ас-үөл, таҥас-сап, дьиэ сүөһүтэ. Онон бу соҥҥо анаан сэттискэ үөрэнэр кыыһым оскуолатыгар бизнес-былаан суруйбута уонна онтун предпринимательство миниистирэ Антон Сафронов кэлэн урбаанньыттары кытта көрсүһүүтүгэр билиһиннэрбитэ. Антон Александрович кэскиллээх былаан эбит олус сэргээбитэ. Онон бу сон сотору кэминэн коммерческай хайысханан үлэлиэҕэ. Ол эбэтэ саха таҥаһын көрдөрүүгэ ураты экспонат быһыытынан туруоруллан, анаан кэпсэниллиэҕэ, омук дьахталлара кэтэн туран хаартыскаҕа түһүөхтэрэ. Ол барыта туспа прейскураннаах буолуоҕа, — диир сон хаһаайката.

Өймөкөөҥҥө: «Бэҕэһээ Бүөтүрдээх оҕолоро куораттан кэлбиттэр үһү», — диэн кэпсэтии оннугар, аны: «Сарсын Индонезияттан уонна Швецияттан икки дьахтар уонна үс эр киһи кэлэр үһү», — диэн сонуннарын үллэстэллэр. Тымныы полюһун дьоно омук туристарыгар оннук үөрэнэн хаалбыттар. Тыа сирин дьонугар кинилэри сааратарга бииртэн биир, бу Лена Репина дьиэ кэргэнин курдук араас толкуйдар үөскүүллэр. Кырдьык, сон турист интэриэһин тардыыһы. Дьабака бэргэһэ чаамык, нуорка уонна киис тириититтэн кыбытыллан оҥоһуллубут. Чаамык уонна киис – Өймөкөөн түүлээҕэ. Сон иһэ – нутрия тириитэ.


Биһиги үлэтэ суох киһини хайдах эрэ кырыымчык олохтоох курдук саныыбыт. Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Лена Репина, төһө да хамнастаах үлэтэ суох буоллар, кыахтаахтык дьаһанан олорор. Уһаайбата киэҥэ-куоҥа, дьиэтэ-уота хоп курдуга, хотонугар икки төрөөрү турар ынаҕа, торбосторо, биир тылынан, тыа сирин сэниэ туруктаах ыала. Кини Өймөкөөн нэһилиэгэр аатырар «Кулаковскай түөлбэтэ» диэн микрооройуоҥҥа тиэргэннээх. Аата да этэрин курдук, манна сүрүннээн аныгылыы дьаһанан олорор эдэр ыаллар «уйаламмытттар». Сотору кэминэн бу түөлбэ толору хааччыллыылаах иккилии мэндиэмэннээх коттеджтарынан туолар кыахтаах.