Улуус олоҕо: Уу, күн, тыал күүһүнэн тыа сиригэр электроэнергияны туһаныы

404

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» төгүрүк остуолга тыа сирин электроэнергиятын тула буолбут кэпсэтиини ырытыы. Сиһилии манна көр: ysia/ru/obshaya-zabota


Күннээҕи олоххо-дьаһахха электричество туһатын, ама, ким мэлдьэһиэй? Бэйэбит судургутук ааттыырбытынан, уоппут суох буоллар эрэ, илиибит-атахпыт баайылла, үлэбит-хамнаспыт тохтуу түһэргэ дылы буолар.

ГРЭС уонна ГЭС

Киин уонна илин эҥэр улуустары, Туймаада туонатын Дьокуускайдааҕы ГРЭС хааччыйарын бары бэркэ билэбит. Билигин ГРЭҺ-и күүһүрдэр туһуттан, ыстаансыйа иккис уочарата тутуллар.

Оттон Бүлүү эҥэргэ уонна Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ уу күүһүнэн үлэлиир Бүлүүтээҕи ГЭС уота туһаныллар. ГЭС көдьүүһүн өссө үрдэтэр сыалтан, бу улуустарга электро-уотунан сылытыныы технологията киирдэ. Баара эрэ уон биэс сыл анараа өттүгэр ГЭҺ-и сыттана сытар Бүлүү түбэтин дьоно 220 кВтлаах уот ситимэ кэлиэҕин бэркэ саарбахтыыллара. Өрөспүүбүлүкэ оччолорго бирэсидьиэнэ Вячеслав Штыров күүстээх дьулуурунан ГЭС каскадын уота Сунтаарга диэри аҕалыллыбыта, өссө Өлүөхүмэҕэ тиийэ барбыта. Ол түмүгэр, ити улуустарга нэһилиэнньэ аҥаара олорор дьиэлэрин уотунан сылытынар буолла. Дьон-сэргэ оттук маһы хааччынартан сынньанна, күөх тыа кэрдиллэртэн быыһанна.

Бу технология сыаната удамырынан ордук абылаата. Холобур, 42 кв. миэтэрэ иэннээх дьиэлээх ыал ыйга 600 солк. төлүүр. Инньэ гынан, сорохтор «күөх төлөнүнэн» барар хочуолларын араартаран, уотунан үлэлиир оһоххо көһүөхтэрин санаталыыр буолбуттар.

ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин чахчытынан, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уотунан сылытыыга 8 тыһ. 573 туһанааччы-абонент (чааһынай ыаллар, тэрилтэлэр) холбонон олороллор. 2016 с. 1 тыһ. 777 абонент, быйылгы сыл бастакы аҥарыгар 415 туһанааччы холбоммут, сыл бүтүөр диэри 554 эбии ыал холбонуохтаах. ГЭС каскадын уотун салгыы Ньурбаҕа диэри аҕалар бырайыак олоххо киирдэҕинэ, арҕаа эҥэр улуустар олорчу уотунан сылытыыга көһөр кыахтаахтар.

Күн күүһүнэн

Киинтэн ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ уоту убаҕас уматыгынан үлэлиир дизельнэй ыстаансыйалар хааччыйаллар. Хонон турдах ахсын сыаната үрдүү турар уматыгы тиэрдии ороскуота улахан, эрэйэ элбэх буолан, бу ыстаансыйалар оҥорон таһаарар электричестволарын сыаната олус ыарахан. (1 т убаҕас уматык 55-65 тыһ. солк., дизельнэй ыстаансыйа 1 кВт уота 39 солк.) Ити иһин энергетиктар электричество уотун солбуйар ньымалары, ол иһигэр айылҕа күүһүн туһанар технологиялары сайыннарарга үлэлииллэр.

«Сахаэнерго» ААУо кэнники сылларга хотугу улуустарга күн уотун күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалары туруорууга ылыста. Күн күүһүнэн үлэлиир бастакы ыстаансыйа 2011 с. Кэбээйи улууһун Батамайыгар туруоруллубута. Билигин маннык ыстаансыйалар Өймөкөөн Үчүгэйигэр, Өлүөхүмэҕэ (Куду Күөлгэ, Дьэлгэйгэ, Ииннээххэ), Дьааҥыга (Баатаҕайга, Дулҕалаахха, Үҥкүргэ, Бөтөҥкөскө, Остуолбаҕа), Абый Кэбэргэнэтигэр, Өлөөн Ээйигэр, Эбээн Бытантай Дьарҕалааҕар, Алдан Улуутугар, Хаҥалас улууһун Тойон Арыытыгар, Булуҥҥа Быыкап Мыска бааллар. Быйыл Орто Балаҕаҥҥа (Өймөкөөн), Кыстатыамҥа (Эдьигээн), Сэбээн Күөлгэ (Кэбээйи) туруоруллаллар.

Хампаанньа энергетиканы сайыннарыыга салаатын чахчытынан, 2015 с. үлэтин саҕалаабыт, хотугу эргимтэҕэ соҕотох баараҕай тутуу буоларынан Гиннес рекордун кинигэтигэр киллэриллибит, 1 мегаватт (1 тыһ. кВт) кыамталаах Баатаҕай ыстаансыйата 2016 с. устата 652,842 тыһ. кВт чаас энергияны оҥорбут, 177,6 т уматыгы кэмчилээбит! Ааспыт сыл устата бары ыстаансыйалар холбоон 400 т уматыгы, ол эбэтэр 100 мөл. солк. кэмчилээбиттэр. Маныаха тулалыыр эйгэ уматык тобоҕуттан ыраастанарын эбэн кэбиһиэххэ. Быһата, күн күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалар табыгастаахтара уонна барыстаахтара дакаастаммыт. Ол эрээри, убаҕас уматыгынан үлэлиир ыстаансыйалары төрүт эһэр наадата суох, тоҕо диэтэххэ, кинилэр сөптөөх күүрүүнү биэрдэхтэринэ эрэ, күн ыстаансыйалара үлэлииллэр. Онон икки технология тэҥҥэ туттуллар.

Тыал көмөтүнэн

Хоту дойду күүстээх тыалын-кууһун муоһалаан, туһаныах баҕа улахан. Уон сыллааҕыта эксперимент быһыытынан, Булуҥ улууһугар Тиксии бөһүөлэк аттыгар тыалынан барар, Германияттан аҕалыллыбыт ыстаансыйа үлэҕэ киллэриллибитэ. Ол эрээри, эргэ итиэннэ сымнаҕас килиимэттээх сиргэ анаммыт буолан, туһалаабатаҕа.

«Сахаэнерго» икки сыллааҕыта тымныыны уйар кыахтаах, дьоҕус кыамталаах икки ыстаансыйаны сакаастаан оҥорторон, Быыкап Мыска туруорбута саҥа үлэлээн эрэллэр. Төһө көдьүүстээхтэрэ, туох үтүө эбэтэр мөкү өрүттээхтэрэ эһиил биллиэҕэ.

Сыана уонна чэпчэтиилэр

Электроэнергияны оҥорон таһаарыы бэйэҕэ турар сыаната ыарахан буолан, туһаныы өҥөтүн иһин төлөбүр чэпчэкитэ суох. Ол эрээри, судаарыстыба нэһилиэнньэ туһанар уотун ороскуотун сорох чааһын толуйар буолан, биһиги икки төгүл чэпчэтиллибит сыананан төлүүбүт. Онуоха куоракка, тыа сиригэр, элбэх кыбартыыралаах уопсайдарга, чааһынай дьиэҕэ олорооччуларга, газ, кирпииччэ эбэтэр уотунан үлэлиир оһохтоохторго, түүҥҥү-күнүскү уо.д.а. диэн тарыыппыт тус-туһунан тыырыллан ааҕыллар.

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн, ол иһигэр газ, уот, уу иһин ыйдааҕы төлөбүр дьиэ кэргэн дохуотун 15 %-ыттан үрдүк буоллаҕына, судаарыстыбаттан социальнай көмө (субсидия) көрүллэр. Маннык чэпчэтиинэн туһанар дьон (тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаахтар, соҕотох олорор кырдьаҕастар, элбэх оҕолоох ыаллар) хас куорат, улуус ахсын ОДьКХ салайар хампаанньаларын, управлениеларын истэринэн үлэлиир Субсидия ааҕыныстыбатыгар тиийэн ыйыталаһаллара, туох докумуон ирдэнэрин билэллэрэ наада. ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин чахчытынан, ааспыт сыл устата субсидия бу көрүҥүнэн 27 тыһ. 557 ыал туһаммыт.

Саҥа тарыып хамсааһыны таһаарыахтаах

2016 сыл бүтүүтэ ылыллыбыт электроэнергия тарыыптарын тэҥниир туһунан федеральнай сокуон чэрчитинэн, Уһук Илиҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, электроэнергияны туһаныы тарыыбын намтатан, Россия орто таһымыгар тэҥниир нуормаламмыт аах оҥоһуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Оччотугар бүддьүөт тэрилтэлэрэ, ОДьКХ эйгэтэ уонна урбаанньыттар электро-уоту Россияҕа олохтоммут тарыыбынан төлүүр буолуохтара.

Тарыыбы чэпчэтии хаһаайыстыбаларга үлэ оҥорумтуотун үрдэтэр, үлэ бэйэҕэ турар сыанатын чэпчэтэр, оҥорон таһаарыыны кэҥэтэр кыаҕы биэриэҕэ. Федеральнай киин Саха Өрөспүүбүлүкэтин этиитин ылынан, саҥа тарыыбы 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киллэрэргэ быһаарбыта, инньэ гынан, ити кэмтэн хат ааҕыы оҥоһуллуохтаах.

Эксперт санаата

Гаврил Алексеев, «Сахаэнерго» ААУо генеральнай дириэктэрин солбуйаачы, Ил Түмэн дьокутаата:

​ Энергияны сайыннарыыга кэлиҥҥи сылларга хамсааһын таҕыста. Бүлүү ГЭҺ-ин кыамтатын көдьүүстээхтик туһанан эрэбит, Дьокуускайга ГРЭС-2 тутуллар. Киин уонна илин эҥэр улуустарга дьон дьиэни-уоту сылытыыга уотунан үлэлиир хочуолу туһаныан баҕарар эрээри, уоппут ситимэ эргэрэн, кыамтата мөлтөөн, кыайбат туруктаах. Уопсайынан, улуустарга уот ситимин биир кэлим саҥардан, 110 киловольтка көһөрүү кэм ирдэбилэ буолла. Дьиҥинэн, бөһүөлэктэр истэринээҕи ситими саҥардыыга бырагыраама баар эрээри, үптэн иҥнэр буолан, олус бытаан. Онон бу салааҕа үгүөрү үп көрүллэрэ ирдэнэр.