Уус харахтаах, уран тарбахтаах, айар дьоҕурдаах муосчут кыыс Тааттаҕа айар-тутар

205

Илиинэн айар дьоҕурдаах Дария Андросова Арктикатааҕы судаарыстыбаннай культура уонна искусство институтун 2017 сыллаахха бүтэрбитэ. Кини муоска уус-уран кыһыы идэтин кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. Кэрэ аҥардар ортолоругар сэдэх идэлээх кыыс Тааттаҕа айар-тутар.


Дария Андросова уус-ураннык кыһар эрэ буолбакка, элбэҕи сатыырын тохсунньу саҥатыгар Тааттатааҕы киин библиотекаҕа туруорбут быыстапкатыгар элбэх киһи сөҕө-махтайа көрбүтэ. Ити тэрээһиҥҥэ сыһыары тутан олохтоохтор «бохо» ньыматынан «Ловец снов» диэн харысхалга кини маастар-кылаастарыгар дьарыктаммыттара.

Быыстапкаҕа сылдьан көрдөххө, Дария чахчы ураты көрүүлээх, тулатыгар көрөрүн туох баарынан сүһэн ылааччы буолбакка, айылҕа, от-мас, араас көстүүлэр ураты тыыннарын хамсатан көрдөрөр дьоҕурдаах эбит дии санаабытым. Онно көрдөххө, бөрө хараҕын олоруута, төбөтүн быһыыта уонна бөтүүк туттан турар быһыыта-таһаата олус чуолкайдык, киһи болҕомтотун бэйэлэригэр тардаллар.

Маны сэргэ Дария быысапканан ойуулара, куукулалара, онтон да атын араас бытархай оҕуруонан, туоһунан оҥоһуктара, быысапкалара, «бохо» ньыматынан «Ловец снов» диэн харысхала киһини ордук кэрэхсэтэллэр.

Дария Васильевна дипломнай үлэтигэр Арктика тиэмэтигэр тайах муоһугар 3 чаастаах паннону оҥорбутун киэн тутта көрдөрөр. Оҥоһук истиэнэҕэ ыйанар аналлаах. Панно сюжета «Сказки народов Севера» диэн кинигэттэн ылыллан «Гордый олень» диэн остуоруйаҕа чугаһатан, онно ханыылата ойууламмыт. Панноҕа барельеф уонна гравировка техниката туһаныллыбыт. Оҥоһуктарга, ойууларга да көрдөххө Дария хаптаҕай да көстүүнү тастан көрүүгэ быһыытын-таһаатын табан, нууччалыы эттэххэ «объёмугар» сөп түбэһиннэрэн ойуулуур ураты дьоҕурдаах эбит.

Дария Тааттатааҕы гимназияҕа «Кыыс Куо» предмеккэ Рида Дмитриевна Степановаҕа үөрэммит. Оҕо сааһыгар айар куттаах педагогка үөрэммитин махталынан ахтар. Быысапкаҕа бастаан киниттэн уһуйуллубут. Онтон ыла билиҥҥэ диэри утумнаахтык дьарыктанарын этэр. Быысапкаҕа сүүрбэттэн тахса бэртээхэй үлэлэрдээҕиттэн сороҕун көрбүтүм. Чахчы уурбут-туппут курдук, ис дууһаттан кыһаллан, иэйиилээхтик таҥыллыбыт сииктээх. Ону таһынан Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар үҥкүү куруһуогар сылдьыбыта эмиэ кини тус олоҕор туһалааҕын, учууталыгар М.С. Андросоваҕа махтанан туран астына ахтар.

Гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрэн баран СГУ инженернэй-техническэй факультетын гаас идэтигэр үөрэнэ сылдьан, Арктикатааҕы культура уонна искусство государственнай институтугар дизайн уонна декоративнай-прикладной искусство салаатыгар үөрэммит. Кини бу үөрэҕин сөбүлээн, косторез, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусстволарын үтүөлээх үлэһитэ Константин Меркурьевич Мамонтовка үөрэммит. Өссө живописька учуутала РФ үтүөлээх худуоһунньуга, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, СӨ народнай худуоһунньуга Эдуард Иосифович Васильевка үөрэммит дьоллоох. Живописька кини акварельга үлэлэрдээҕин көрдөххө өҥү-дьүһүнү, быһыыны-тутууну табан туттара харахха тута быраҕыллар.

2013 сылтан, Арктика институтугар үөрэнэр сылларыттан араас таһымнаах быыстапкаларга кыттар буолбут. Сыл аайы муостан үлэлэринэн «Якутия мастеровая» диэн өрөспүүбүлүкэ норуотун маастардарын быыстапкаларыгар кыттарын кэпсиир. Онтон саҕалаан аан дойду таһымнаах быыстапкаларга кыттан, 2015 сыллаахха икки төгүл дипломнарынан бэлиэтэммит. Ол курдук, «Ворота в Азию» диэн быыстапкаҕа Монголия Улан-Батор куоратыгар, Дьокуускайга «Бизнес-ЭКСПО-2015» быыстапкаҕа, 2017 с. Благовещенскай куоракка ыытыллыбыт декоративнай-прикладной уонна монументальнай искусство аан дойдутааҕы куонкурустарыгар иккис истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыт. Бу эдэр киһиэхэ улахан ситиһии быһыытынан сыаналанар дии саныыбын.

Айар куттаах, тарбаҕар талааннаах, уус харахтаах кыыһы бары ойууһут, уус дьоҕурдаах дьон тулалыыллар. Эһэтэ Василий Харлампьевич, аҕата Василий Андросовтар, ийэтэ Феврония Тарасовна, кэргэнэ Туян Иванович Стручков ураты айылҕалаах Эбээн Бытантай Саккырыырыттан төрүттээх тутааччы-архитектор идэлээх, урбаанньыт-уус. Туян миэбэли, о.д.а. дьиэҕэ-уокка наадалааҕы оҥорор. Онон, илиилэригэр, тарбахтарыгар талааннаах, кыраҕы уус харахтаах икки эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн инникитин элбэх кэрэни, үйэлээҕи оҥоруохтара.

Дария Васильевна ылбыт идэтин, сатабылын, билиитин-көрүүтүн айымньылаахтык үлэлээн, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэригэр оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ, улахан дьоҥҥо олохторун ис хоһоонун, материальнай да өттүнэн байыталларыгар урбаан хайысхатын салалтата болҕомтоҕо ылан үлэлээх буоларыгар өйөбүл-тирэх буолуохтара диэн эрэнэбит.