Ытык иэстэрин толоро сылдьар саллааттар ыһыахтыыллар

426

Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэтин салайааччыта Мария Емельянова ыам ыйын 17-20 күннэригэр Забайкальскай кыраайга баар байыаннай чаастарга сылдьан, Саха сириттэн саллааттары кытта Песчанкаҕа, Каштакка, Борзяҕа көрсүстэ. Маны таһынан Забайкальскай саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтин салайааччытын Валентина Мордвовалыын байыаннай госпитальга сырыттылар.


Ыам ыйын 26-27 күннэригэр Амур уобалаһыгар тиийэн — Свободнайга, Серышевоҕа, Екатеринославкаҕа, Белогорскайга баар чаастарга — Ыһыахтары тэрийэн ыытта. Ол курдук, самаан сайын кэлбитинэн сахалыы алгыс сиэрэ-туома, ойор-тэбэр оһуохай, өбүгэ оонньуулара: мас тардыһыыта, хапсаҕай ыытылыннылар. Күрэх кыттыылаахтарыгар Мария Егоровна бэлэхтэри туттарда. Кини байыаннай чаас хамандыырдарыгар төрөппүттэр ааттарыттан оҕолор сулууспалыылларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллибитин ыйан туран махтал тылларын, үтүө санаатын тириэртэ.

Бу чаастарга Саха сирин араас улуустарыттан оҕолор ытык иэстэрин толоро сылдьаллар. Армияҕа сулууспа хас биирдии саллаакка, төрөппүккэ олохторугар умнуллубат түгэн, тоҕо диэтэххэ, эр киһилии кытаанах санаалаах буолуу, эт-хаан өттүнэн уол оҕо манна уһаарыллар, дьиҥнээх армейскай доҕоттор аттыгар бааллара сыаналанар.

«Ийэлэр кэмитиэттэрин үлэтин туһунан иһиттибит, кэлбиттэриттэн наһаа үөрдүбүт уонна үөрэбит, дойдубутугар ахтылҕаммытын таһаардыбыт. Сулууспабыт этэҥҥэ баран иһэр. Кэмитиэт үлэтин бэрткэ сыаналыыбын. Саас эмиэ кэлэн барбыттара, бүгүн Ыһыах буолла. Сахалыы таҥастаах ийэлэри көрөр олус үчүгэй эбит. Саҥа сулууспалыы кэлбит уолаттары көрсөн кэпсэттибит, билистибит. Кинилэргэ этэҥҥэ, туохтан да толлубат сулууспаны баҕарабыт. Түгэнинэн туһанан, ийэлэр кэмитиэттэригэр барҕа махталбытын тириэрдэбит«, — диэн санааларын үллэһиннилэр уолаттар.

Салгыы тэрээһиннэр ыам ыйын 28 күнүттэн Хабаровскай кыраайга салгын күүстэрин чааһыттан саҕаланнылар. Ыам ыйын 29 күнүгэр Хабаровскай, Приморскай кыраайдар атын чаастарыгар ыытыллыа.