Ытык Күөл баһылыга Егор Павлов: «Ыраас, чэбдик туруктаах түөлбэҕэ олоруоҕуҥ»

223

Быйыл дойду үрдүнэн Үтүө дьулуур сылынан биллэриллиитэ дьон-сэргэ олорор түөлбэтин, тулалыыр эйгэтин, уопсастыба, нэһилиэгин, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар баҕа өттүнэн араас хамсааһыннары, тэрээһиннэри ыытарыгар кыах биэрэр. Кэлин бу үтүө сылы көҕүлүүр саҕалааһыннар тирэх буолан, хас биирдии киһи тулалыыр эйгэтэ тупсарыгар, болҕомто уурарыгар далаһа буолуохтара. 


Биһиги улууспут киинигэр Ытык Күөлгэ «Таатта Дальнобой» түмсүү бэйэтин баҕа санаатынан туппут скверэ нэһилиэкпит киинигэр турара үтүө саҕалааһын быһыытынан олохтоохтор кэрэҕэ, ырааска тардыһыыларын күүһүрдэр үтүө холобур көстүүтэ. Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Иннокентьевич Павловтыын үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбин.

— Егор Иннокентьевич, быйыл дойду үрдүнэн Үтүөнү оҥоруу сыла биллэриллибитэ. Бу сылга нэһилиэккэ туох үлэни ыытарга былааннаан, торумнаан олороҕутуй?
— Быйыл дойдубут Президенэ В.В.Путин дьон көҕүн үтүө өттүнэн өйөөһүн, көҕүлээһин сылынан биллэрбитэ. Онон нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин баҕа өттүнэн олорор түөлбэлэрин тупсарыыга, ыраастааһыҥҥа тух эмэ саҥа хардыыны оҥоруохтара диэн эрэнэбин. Биһиги олорор түөлбэбитигэр, уулуссабытыгар ким да атын сиртэн кэлэн орооспот, көҕөрдүбэт, ыраастаабат. Олорор сирбитигэр бэйэбит чыычаах да тумсун саҕа буоллар саҥаны, сонуну киллэрдэхпитинэ сэргэхтик олоруохпут турдаҕа.
Оттон чопчу олохтоох дьаһалта үлэтиттэн сырдаттахха, быйыл нэһилиэги тупсаран оҥорорго араас Граҥҥа кытынныбыт. Ол курдук, бу сылга үс Граны ыллыбыт. Маныаха быһааран эттэххэ, биир тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 1,5 мөл. солк, онтон улахан улуус кииннэригэр үс Граҥҥа тэҥинэн киирсиэххэ сөп этэ. Биһиги нэһилиэк үс куонкуруска кыттан, көмүскээн уопсайа 4,5 мөл. солк. суумалаах Граны ылары ситистибит. Эрдэлээн быһаардахпына, билигин хас биирдии Грант бииргэ үбүлээһин суотугар оҥоһуллар. Ол аата нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр, спонсордар — бары утары үп уктахпытына эрэ бюджеттан үбүлээһин ыытыллар. Бу ылбыт Граннарбытын маннык үллэрдибит: «Сарыал» сынньалаҥ киинигэр өрөмүөн үлэтин ыытарга нэһилиэнньэттэн 150 тыһ. солк., нэһилиэк дьаһалтатыттан 200 тыһ. солк., спонсордартан 200 тыһ. солк. ирдэнэр. Итинник кыттыгас үбүнэн уу ситимин сүрүн трассатыттан туора сытар Бояров, П.Слепцов, Кокшарскай, Ипподром, Андросова-Ионова уо.д.а. уулуссаларыгар уу ситимэ тардыллыаҕа. Уулууссаны сырдатыыга ылбыт Граммытыгар нэһилиэнньэ 150 тыһ.солк., нэһилиэк дьаһалтата уонна спонсордар кыттыһыахтара. Сырдатыы үлэтэ Улахан Сайылык микрооройуонугар, Афанасьев, Мончурин уулуссаларыгар барыаҕа.
Уопсайынан, хас биирдии Грант аайы нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр, спонсордар үбүнэн кыттыһыахтаахтар диэн ирдэнэр, оччоҕуна эрэ бюджеттан үп-харчы утары угуллар. Бу кыһын нэһилиэнньэ уопсай мунньаҕар бу туһунан эмиэ кэпсэппиппит, онон олохтоохтор сөптөөхтүк өйдүөхтэрэ дии саныыбын.
Маны таһынан ОДьКХ министерствота ыыппыт «Куораттыы тупсаҕай тулалыыр эйгэ» («Городская комфортабельная среда») куонкуруһугр кыайан 4,5 мөл. солк ыллыбыт. Билигин үлэни ыытыыга аукцион биллэрилиннэ. Онон бу үп-харчы амбулатория кэннинээҕи Кулаковскай уулуссатыгар баар уопсай дьиэлэр подъезтарын өрөмүөнүгэр, тротуарга билииткэ тэлгэтиигэ, уотунан-күөһүнэн сырдатыыга, оҕо оонньуур балаһааккатын, ыскамыайкалары оҥорууга туһаныллыаҕа.

— Нэһилиэк уулуссатын асфальтааһын салгыы ыытыллыа дуо?
— Асфальтааһын үбэ-харчыта быһаарылла, кыалла илик. Бу үбү СӨ Транспорка министерствота көрүөхтээх. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, былырыын инфраструктураны сайыннарыыга куонкуруска кыттан кыайбыппыт. Аукцион ыытыллан, Улахан Сайылык, Мойуона микроройуоннарыгар, Ф.Чашкин, Амгинская уулуссалар суоллара оҥоһуллан баран, көрүллүбүт үп-харчы быһыыга-отууга түбэһэн (секвистирование) аҥаара төлөммөккө турар. Бу ыйга төлөнөрө былааннанар. Ааспыт сылга кыаммат ыаллар хаһаайыстыба тэринэллэригэр көрүлллэр Граннарга кыттан ылбыт 1 мөл. солк. үппүт эмиэ кыайан кэлбэтэ. Быйыл бу куонкуруска эмиэ кыайдыбыт. Бу үп кыаллыбат дьоҥҥо сүөһү, сылгы булуналларыгар, оҕуруот аһын олордууларыгар туһуланар. Уопсайынан, үп-харчы урукку сыллар курдук буолбатах, кырыымчык. Билигин хамнаска эрэ бэриллэр буолла. Ол эрээри нэһилиэги тупсаран оҥорууга кыра харчы көрүллэр. Онон бу сайын суол оҥоһуутугар, хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ, кылабыыһаҕа өрөмүөн үлэлэрэ барыаҕа.

— Егор Иннокентьевич, олоххо-дьаһахха уларыйыы-тэлэрийии үгүстүк киирэр. Ханнык салааҕа сонун үлэ барыан сөбүй?
— Биллэн турар үлэҕэ, производствоҕа даҕаны саҥа, сонун саҕалааһыннар киирэллэр. Сонун бырайыак, үлэ быһыытынан быйыл СӨ ОДьКХ министерствотын ГУБУ «РАЭР» диэн тэрилтэтэ республика улуустарыгар ыыппыт энергияны көдьүүстээхтик тэрийии куонкуруһугар кыттан кыайбыппыт буолуон сөп. Манна 15 муниципальнай оройуонтан биһиги улууспут кыайда. Онон сылааһы тиэрдиини кэмчилиир, сылаас тиийииитин сүрүннээн биэрэр оборудованиелар туруоруллуохтаахтар. Үлэ барыта оҥоһуллан бүттэҕинэ хочуолунайтан саҕалаан биирдиилээн ыал ититии иһин төлөбүрдэрэ аччыахтаах.

— Аны олохтоохтор күннээҕи кыһалҕаларыгар төҥүннэххэ, киин ититэр ситимҥэ кэтэх дьиэни холбооһун үлэтэ салгыы ыытыллар дуо?
— Бу салааҕа үлэ төһө кыалларынан ыытыллар. Ол курдук, Улахан Сайылык уулуссатыгар былыырын киирбэтэх кэтэх дьиэлэр ититэр ситимҥэ холбонуохтара. 1-кы №-дээх хочуолунайтан Пушкин уулуссатын 15 ыала ОДьКх ГУП олохтоох филиалын күүһүнэн холбонуоҕа. Маны таһынан балыыһа, РПСЭО хочуолунайдара убаҕас оттуктан чоххо көһөрүллүөхтээхтэр. Бу хочуоллар тутуллан үлэҕэ киирдэхтэринэ кэтэх дьиэлээх ыаллар эбии холбоноллоро былааннанар. Ол курдук РПСЭО хочуолуттан үс түһүмэҕинэн 129 ыал ититии ситимигэр холбонуоҕа. Быйыл Кочкин, А.Неустроев, Пушкин сорох өттө хабыллыаҕа. Манна дьон үбүнэн кыттыһыан наада. Иккис, үһүс түһүмэххэ Пушкин, Д.Петров, Н.Неустроев уулуссалара толору холбонуохтара. Бу улахан кыамталаах хочуол. Үбүн-харчытын дьаһалта уонна нэһилиэк олохтоохторо кыттыһан быһаарыныахтара.

— Егор Иннокентьевич, сандал сааспыт тигинээн кэллэ. Маны сэргэ уубут-хаарбыт боппуруостара күөрэйэн тахсыахтара. Халаан уутугар төһө бэлэмнээх олоробутуй?
— Сааскы халаан үлэтэ болҕомто киинигэр турар. Уопсайа 980 тыһ. солк суумаҕа быһыт өрөмүөнүгэр, турбалары ыраастааһыҥҥа, уларытыыга, кумах бэлэмнээһинигэр аукцион ыытыллан кыайыылаах быһаарыллыбыта. Сыл аайы Ытык Күөлгэ аһыллар, сабыллар быһыт тутуутун туруорсабыт даҕаны үптэн-харчыттан тутулуктанан кыаллыбат. Быйыл СӨ Айылҕа харыстабылын министерствотын сүнньүнэн автомат быһыт оҥорторорго туруорса сылдьабыт. Билигин үп кырыымчыгыттан Тыараһа да быһыта ситэ-хото оҥоһулла илик дии. Ууну аһарыыга үлэ барар. Хадаайы үрэҕин үөһээнэн хастаран, Тааттаҕа быһа түһэрэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Таатта үрэххэ 2017 сыллаахха сэлиэнньэ хоту өттүгэр эбии көннөрүү, дириҥэтии үлэтэ ыытыллыбыта.

— Кэпсэтиибит түмүгэр эбии тугу этиэҥ этэй?
— Биир улахан үлэбитинэн дьону хаарбах дьиэттэн көһүрүү буолар. Программа салҕанар. Онон куонкуруска кыттаары сылдьабыт. Бүгүҥҥү күн туругунан 42 хаарбах дьиэҕэ докумуон оҥоһуллан турар. Ол эрээри хаарбах дьиэттэн саҥа дьиэни ылыыга саҥа ирдэбиллэр киирэллэр. Сокуон усулуобуйата оҥоһуллар, уларыйар.