«Барыбыт кыһалҕабыт»: Киһи бэйэтин быраабын хайаан да туһаныахтаах

Бу күн РФ биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи управлениетын исписэлиистэрэ биэнсийэҕэ, Ийэ хапытаалыгар быйылгы уларыйыылар, эдэр дьон биэнсийэҕэ тахсарга хайдах, хаһан бэлэмнэниэхтээхтэрин о.д.а. тустарынан ааҕааччыларбыт боппуруостарыгар сиһилии хоруйдары биэрдилэр. «Улуус олоҕо» анал бырайыак «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикатыгар кэпсэтиини илдьиритэн суруйабыт.


Биэнсийэҕэ тахсар саас уһуо дуо?

Анастасия Семеновна Кычкина, биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын биэнсийэни аныыр уонна хаттаан ааҕыыны тэрийэр отдел начаалынньыга:

– Страховой биэнсийэни биһиги үлэлээбит, ыстаастаах дьоҥҥо аныыбыт. Кээмэйэ араас – киһи үлэлээбит ыстааһыттан, хамнаһыттан, 2002 сылтан тэрилтэтэ төлөөбүт усунуоһуттан тутулуктаах. Оттон кини страховой биэнсийэҕэ кыайан тахсыбатаҕына, социальнай биэнсийэ ананар. Ол гынан баран, дьахтар – 60, эр киһи 65 саастарын туоллахтарына эрэ ылаллар.

Биэнсийэҕэ тахсар саас уһаан биэрбитин туһунан сурах оруна суох. 2017 с. биэнсийэҕэ тахсар саас судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспалаахтарга эбиллибитэ. Инникитин дьахтар биэнсийэҕэ тахсар сааһа 8 сылынан элбээн биэриэхтээх, эр киһиэхэ 65 сыл буолуохтаах. Бу боростуой биэнсийэлээхтэри таарыйбат.

Үлэлиир эбэтэр үлэлээбэт дьон биэнсийэлэрэ туох да араастаһыыта суох, биир кээмэйинэн ааҕыллар – сокуон барыларыгар тэҥ. Арай, үлэлиир дьон биэнсийэлэрин индексацията суох ылаллар, сыл аайы атырдьах ыйыгар хос (перерасчет) ааҕабыт.

Быйыл биэнсийэ кээмэйэ 3,7 бырыһыан үрдээтэ. Урут үрдээһин олунньуттан оҥоһуллар буоллаҕына, быйыл тохсунньуттан аахтыбыт. Онон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр номнуо 3,7 бырыһыан үрдээбит кээмэйинэн ыла олороллор.

Ийэтэ-аҕата биллибэт, быраҕыллыбыт оҕолорго быйылгыттан биэнсийэ саҥа көрүҥэ – социальнай биэнсийэ баар буолла.

Төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлэстибэтигэр төрөппүттэрэ суруллубатах оҕолорго 10 тыһыынча 68 солкуобай суумалаах биэнсийэ ананар. Оройуоннааҕы коэффициент эбиллэн, 14-20 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Социальнай биэнсийэни бу оҕолор 18 саастарыгар, онтон күнүс үөрэнэр устудьуон буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри ылаллар. Маннык биэнсийэлээх оҕону иитэ ыллахтарына, бу төлөбүр тохтотуллар.

Ийэ хапытаала үс сааһы кэтэспэт

Максим Дмитрьевич Саввин, социальнай төлөбүрдэргэ отдел начаалынньыгын солбуйааччы:

– Ийэ хапытаалын бырагырааматыгар сылтан сыл аайы уларыйыылар киирэ тураллар:

– Бастакытынан, Ийэ хапытаалын бырагыраамата үс сылга уһатылынна.

– Иккиһинэн, Ийэ хапытаалын оҕо 3 сааһын туоллаҕына эрэ тутталлара көҥүллэнэр буоллаҕына, билигин ону кэтэспэккэ, детсад төлөбүрүгэр ыытыахха сөп буолла.

— Үсүһүнэн, 2018 сылтан дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕо төрөөтөҕүнэ, Ийэ хапытаалын сэртипикээтин ылалларын таһынан ыйдааҕы төлөбүрү ылар кыахтаналлар. Тиийинэн олорор кээмэй 1,5 төгүлэ 26402 солкуобайга тэҥнэһэр, оттон төрөппүттэр дохуоттара бу сууматтан кыра буоллаҕына, дьэ, ыйдааҕы төлөбүрү ылар кыахтаналлар. Бу төлөбүр кээмэйэ 17 тыһыынча 23 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ (оҕо 1,5 сааһыгар диэри төлөнөр).

Биэнсийэ хайдах тиэрдиллэрий?

Галина Прокопьевна Андросова, Дьокуускай куоракка улуустар икки ардыларынааҕы управление начаалынньыга:

– Билигин туох баар нэһилиэктэр дьаһалталарыгар интэриниэт баар буолла, хас биирдии дьаһалтаҕа анаан-минээн көмпүүтэр биэрдилэр. Ол гынан баран, саамай улахан боппуруос – маны нэһилиэнньэ хайдах таба туһаныахтааҕый? Нэһилиэнньэ ханнык баҕарар судаарыстыбаннай өҥөнөн туһаныан баҕардаҕына, исписэлиис көмөлөһөр эбээһинэстээх. Ол гынан баран, онно үлэлиир исписэлиистэри нэһилиэнньэҕэ сөптөөхтүк көмөлөһөргө үөрэтиэххэ наада.

Хоту нэһилиэктэргэ биэнсийэ, эмиэ ханнык баҕарар нэһилиэктэргэ курдук, почтанан тиэрдиллэр. Ол эрэн, хоту сир дьонун 60 бырыһыана «Сбербаанынан» туһанар. «Сбербааҥҥа» счеттаах буоллулар да, биэнсийэлэрэ 9-с уонна 21-с чыыһылаларга түһэр. Оттон почта тиийиитэ кыһалҕалардаах. Ити боппуруоска улахан көмөнү олохтоох дьаһалталар оҥороллор.

Биэнсийэни анатыыга докумуоннары хомуйууга хаһан бэлэмнэнэбин?

– Судаарыстыбаннай өҥөнү оҥоруу уонна электроннай сервистэр киирбиттэринэн сибээстээн, нэһилиэнньэ хайа баҕарар араҥата, ханна олороруттан тутулуга суох, биэнсийэҕэ тахсар докумуоннарын хомуйууга эрдэттэн кыһаллыахтаах. Дьиҥэр, биэнсийэҕэ тахсыы докумуоннарын хомуйуу ханнык эрэ социальнай тэрилтэлэр дуу, үлэ биэрээччилэр дуу кыһалҕалара буолбатаҕын дьон өйдүөхтээх. Кини, кылаабынайа, үөрэммит, үлэлээбит, сулууспалаабыт докумуоннара барыта баар буолуохтаахтар. Ону үлэлиир тэрилтэтин нөҥүө эбэтэр бэйэтэ эрдэ кэлэн биэриэхтээх. Ол иһин, биэнсийэ сулууспатыгар биэнсийэҕэ тахсааччылар докумуоннарын хомуйуу, биэнсийэҕэ быраабын бэрэбиэркэлээһин курдук хайысхалар бааллар. Кини докумуоннара сулууспаҕа киирбиттэрин кэннэ ханнык эрэ боппуруос баар буоллаҕына, туһааннаах тэрилтэлэртэн, сулууспалартан барытын ирдээн ылабыт. Инньэ гынан, биэнсийэҕэ тахсыахтаах киһи биир да ый иннинэ сайабылыанньатын биэрдэҕинэ, уон күн иһинэн биэнсийэтэ ананар (докумуона барыта баар буоллаҕына).

Биэнсийэҕэ тахсыахтаах киһи 1998 сылтан бэт​тэх ханна үлэлээбитэ, төһө хамнастааҕа, сибидиэнньэ барыта баар буолар. Арай ситэтэ суох буоллаҕына кыһаллан, сүүрэн-көтөн, тустаах тэрилтэлэртэн хантан баҕарар булуон сөп. Докумуоннарын хас да сыл иннинэ аҕаллыннар, биһиги аккаастыыр бырааппыт суох. Икки сыл инниттэн тахсыахтаах дьону бэйэбит ирдээн да булабыт, испииһэктээхпит.

Докумуоннары тоҕо бэрсибэттэр?

– Биэнсийэ сулууспатыгар араас ыспыраапканы ыла кэлэллэр. «Ити ыспыраапкалары судаарыстыбаннай тэрилтэлэр бэйэлэрин икки ардыларыгар тоҕо бэрсибэттэрий? Тоҕо хайаан да киһи бэйэтэ тиийэн ирдэһиэхтээҕий?” – диэн сөптөөх ыйытыыны биэрдигит.

Олох-дьаһах өҥөлөрүн тэрилтэлэрин, дьарыктаах буолуу пуондатын, социальнай сулууспалары уо.д.а. кытары дааннайдары бэрсиһэбит. Электроннай сервис нөҥүө үлэлиибит. Мин санаабар, дьон бэйэлэрэ билбэттэриттэн уонна сулууспалар ыыталларын иһин биэнсийэ пуондатыгар кэлэллэр. Тустаах тэрилтэлэртэн үлэһит туһунан туох эмэ ыйытык кэллэ да, кылгас кэм иһигэр хоруйдуубут.

Исписэлиискэ барары сүрэҕэлдьээмэҥ

Ити курдук, биэнсийэҕэ уларыйыылары нэһилиэнньэ билэ-көрө олороро бэйэтигэр туһалааҕын исписэлиистэр бигэргэтэллэр. Кырдьыга да, сорох киһи: «Бу кыра боппуруос аайы онно баран уочараттаан олордомуй? Биэнсийэҕэ тахсыам ыраах, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» – диэн, анал исписэлиистэргэ барыан сүрэҕэлдьиир эбэтэр бириэмэтэ тиийбэт.

Дьиҥэр, биэнсийэҕэ тахсыыга аахыйымтыата суох сыһыан элбэҕин бүгүҥҥү кэпсэтии да көрдөрдө. Холобур, сорох эдэр дьон саҥа үлэҕэ киирдэхтэрин ахсын саҥаттан-саҥа үлэ киниискэтин арыйтараллар. Сороҕо сүтэн-иҥэн хаалыан эбэтэр ыстаас ааҕылларыгар дьылын-күнүн сүтэриэн сөп. Ол гынан баран, дьолго, биэнсийэ пуондатыгар 1998 сылтан хас биирдии үлэһит дааннайдара баар эбит. Ол аата киһи хас да тэрилтэҕэ үлэлээбитин да иһин, кылаабынайа, тэрилтэтэ отчуоттаабыт буолуохтаах. Биэнсийэтин онон көрөн аныахтарын сөп. Оттон кини бэйэтэ электроннай сиэрбис нөҥүө киирэн, хайа тэрилтэ страховой усунуоһу төлөөбүтүн, отчуоттаабытын билиэхтээх.

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ мунньуллубут (накопительнай) биэнсийэ туһунан араас сурахтар тарҕанан, нэһилиэнньэни да, исписэлиистэри да соһуппута. Бу боппуруоска эбэн эттэххэ, сорох эдэр дьон инникитин ылыахтаах биэнсийэлэрин суумата олоххо-дьаһахха эппиэттиирин наадатыгар эрдэттэн кыһаллар. Атыннык эттэххэ, 1967 сыл төрүөхтэр уонна онтон эдэр дьон мунньуллубут (накопительнай) биэнсийэлээхтэр. Онуоха тэрилтэтэ хамнас уопсай пуондатыттан 6 бырыһыаны угар этэ. Эбэтэр бу киһи биэнсийэтин кээмэйин үрдэтээри бэйэтэ харчы төлүүр туһунан судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатын кытары дуогабар түһэрсэн, мунньуллубут биэнсийэ кээмэйин үрдэтиэн сөп. Өссө биир киһи оннугар атын киһи төлүүрэ көҥүллэнэр. Холобур, кэргэнэ оҕолорун көрөн олорор буоллаҕына, кини бэйэтэ харчы уган төлүөн сөп. Аны туран, 2015 сылтан биэнсийэ баала диэн киирбитэ. Үлэни таһынан, кырдьаҕаһы, инбэлиити көрөн олорор, аармыйаҕа сулууспалыыр кэмҥэ биэнсийэ баала эмиэ ааҕыллар. Страховой биэнсийэҕэ 2018 с. тахсарга уопсайа 13,8 баал ирдэнэр. Киһи бэйэтэ биэнсийэ пуондатын сайтыгар тус кабинетыгар киирэн, төһө баал ааҕыллыбытын билиэн-көрүөн сөп.

ЫСПЫРААПКА:

Саха сиригэр:

– 273 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээх олорор;

– 90 тыһыынчата үлэлиир;

– 20 тыһыынчаттан тахса суума – сааһынан страховой биэнсийэ орто кээмэйэ.

– 62 тыһыынча киһи биир кэмнээх төлөбүрү (ЕДВ) ылар.

«Барыбыт кыһалҕабыт»: Биэнсийэнэн хааччыллыы эн быраабыҥ буоларын умнуо суохтааххын

«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи управлениетын үлэһиттэрэ кыттыылаах “төгүрүк остуолга” быйылгы уларыйыылар, биэнсийэни ылыы ымпыгын-чымпыгын туһунан кэпсэтии ыытылынна. “Төгүрүк остуолу” “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта Анивера Акимова салайан ыытта. Быһа эфиргэ улуустааҕы хаһыаттар суруналыыстара кэпсэтиигэ кыттан, бэйэлэрин ыйытыыларын биэрдилэр. Кэпсэтииттэн сүрүнүн талан бэчээттиибит.


Анивера Акимова:

— Саха сиригэр билигин 270 тыһыынча биэнсийэлээх баар, олортон 90-ча тыһыынчата – үлэлии сылдьар дьон. Быйыл биэнсийэ кээмэйэ төһө улаатта, туох уларыйыылар киирдилэр? Биэнсийэ алын кээмэйэ төһөнүй?

Анастасия Семеновна Кычкина, Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын биэнсийэни аныыр уонна хаттаан ааҕыыны тэрийэр отдел начаалынньыга:

— Биһиэхэ биэнсийэ орто кээмэйэ 20 тыһыынчаттан тахса. Бэйэтэ үлэлээбэт, оттон биэнсийэтэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэттэн эбии төлөбүр оҥоһуллар. Онон биэнсийэ 13 тыһ. 807 солкуобайтан кыра буолбат. Арассыыйаҕа биэнсийэ орто кээмэйэ 12 тыһ. солк. Атын регионнары кытары тэҥнээтэххэ, биһиэнэ үрдүк.

— Страховой уонна социальнай диэн баар, ону быһаарыаххыт дуо?

— Страховой биэнсийэни ыстаастаах дьоҥҥо аныыбыт. Биэнсийэ кээмэйэ киһи аайы араас буолар, бу кини ыстааһыттан, хамнаһыттан, 2002 сылтан тэрилтэтэ төлөөбүт усунуоһуттан тутулуктаах. Ону тэҥэ социальнай биэнсийэ диэн баар. Бу ыстааһа тиийбэккэ, страховой биэнсийэҕэ тахсыбатах дьоҥҥо ананар, ити судаарыстыба биэрэр эбээһинэһэ диэххэ сөп. Дьахтар 60, эр киһи 65 сааһын туоллахтарына биирдэ ананар.

— Биэнсийэҕэ тахсар саас уһаата диэн сурах төһө оруннааҕый?

— Ити олох оруна суох. 2017 сыллаахха судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга, боростуойдук өйдөөтөххө, чунуобунньуктарга үрдээбитэ. Дьахтарга 8 сылынан эбиллиэхтээх, ол аата сыыйа эбиллэн, кини 58-гар, эр киһи 65-гэр тахсар. Бу боростуой биэнсийэлээхтэри таарыйбат.

— Үлэлиир, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ араастаһыы диэн баар дуо?

— Итинник араастаһыы суох, биэнсийэ сокуона барыларыгар тэҥ, биир кээмэйинэн ааҕыллар. Арай үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ сыл аайы атырдьах ыйыгар эбии ааҕыыны (перерасчет) оҥоробут, тэрилтэ төлөөбүт усунуоһунан, үлэлии сылдьар буоллаҕына, ааспыт сыллааҕынан ылар.

– Биэнсийэ кээмэйэ быйыл төһө үрдээтэ?

— 3,7%-нан үрдээтэ. Урут сыллааҕы үрдээһин олунньуга буолар этэ, быйыл тохсунньуттан үрдээбитинэн ылан олороллор.

– ЕДВ-ны биэнсийэлээхтэр бары ылаллар дуо?

Максим Дмитрьевич Саввин, социальнай төлөбүрдэргэ отдел начаалынньыгын солбуйааччы:

– Сэрии, үлэ бэтэрээннэрэ, инбэлииттэр ылаллар. Кээмэйэ ханнык чэпчэтиинэн тахсыбытынан араастаһар. Сыл аайы 2,5% индексацияланар. Барыта 62 тыһыынчаттан тахса киһи ылар.

Полина Николаева, “Улуус олоҕо” бырайыак салайааччыта:

– Улуустан ыйытыы баар. Киһи 80 сааһын туоллаҕына, биэнсийэ кээмэйэ эбиллэр дуо?

Анастасия Кычкина:

– Биэнсийэ хамнастан, ыстаастан тутулуктанар чааһа уонна судаарыстыба мэктиэлиир чааһа диэн арахсар. Бу мэктиэлиир чааһыгар 80 сааһын туолбукка, 1 группалаах инбэлииккэ, дьахтар 20, эр киһи 25 сыл ыстаастаах, ол иһигэр Саха сиригэр 15 сыл үлэлээбит буоллаҕына, Саха сиригэр олорорун иһин, иитимньитигэр 18 сааһын туола илик оҕолоох (устудьуоҥҥа 23-гэр диэри) буоллаҕына, үрдүүр.

— Хоту нэһилиэктэргэ биэнсийэ хайдах тиэрдиллэрий?

Галина Прокопьевна Андросова, Дьокуускай куоракка улуустар икки ардыларынааҕы управление начаалынньыга:

— Почтанан тиэрдиллэр, ол эрээри хоту дойду олохтоохторо саҥа олох хаамыытын түргэнник ылыналлар, кинилэр 60%-ра Сбербаанынан туһаналлар, ый 9-с чыыһылатыгар биэнсийэлэрэ түһэ турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта:

— Ийэ хапытаалыгар уларыйыылар киирдилэр, ый аайы бэриллэр төлөбүр баар буолла. Манна дохуот оруоллаах дуо?

Максим Саввин:

– Ийэ хапытаалын үс сылга уһаттылар. Оҕо 3 сааһын туоларын кэтэспэккэ эрэ, холобур, чааһынай дьааһыла өҥөтүн төлүөххэ сөп буолла. Сүрүн уларыйыы — ый аайы бэриллэр төлөбүрү төлөөн саҕалаатыбыт. 2018 сылтан төрөөбүт иккис оҕолоох ыалга бэриллэр. Хайдах ааҕылларый? Ийэ, аҕа сыллааҕы дохуоттарын 12-гэ түҥэтэбит, онтон ол сууманы дьиэ кэргэн чилиэнин ахсааныгар түҥэтэбит. Ол суума балтараа төгүллээх ыйдааҕы тиийинэн олоруу кээмэйиттэн (26 602 солк.) кыра буоллаҕына, дьэ, бу төлөбүрү ылар кыахтаахтар. Төлөбүр кээмэйэ 17023 солк. тэҥнэһэр, Саха сирин үрдүнэн биир. Оҕо балтараа сааһыгар диэри төлөнөр. Биир сааһын туолбутун кэннэ, иккистээн сайабылыанньа биэриэхтээхтэр, оччоҕо уһатабыт. Төлөбүр сыл аайы уларыйыан сөп. Холобур, ааспыт сыл 2-с кыбаарталынааҕы кээмэйинэн төлүүбүт, онон кыралаан үрдээн иһиэҕэ.

Надежда Егорова, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа:

– Билигин сорох эдэр дьон хас да чааһынай тэрилтэҕэ үлэлииллэр, бу инникитин эрэйи көрүөх дьон сылдьаллар дуо? Ханнык үлэ киниискэтиттэн ааҕылларый?

Анастасия Кычкина:

– Биһиэхэ 1998 сылтан бары дааннайдар бааллар. Баҕар кини биэс да тэрилтэҕэ үлэлээтин, саамай кылаабынайа, тэрилтэтэ биһиэхэ отчуоттуохтаах. Отчуоттаабыт буоллаҕына, тус (лицевой) счетугар киирэ сылдьар, онон көрөн биһиги ааҕабыт. Ону тэҥэ электроннай сервис нөҥүө киирэн, эрдэттэн ханнык тэрилтэ отчуоттаабытын, хас баал ааҕыллыбытын көрүөхтэрин сөп. Биэнсийэҕэ тахсарга эмиэ бу электроннай өҥө нөҥүө докумуоннары биэриэххэ сөп.

– Социальнай ситимнэринэн араас иһитиннэриилэр күүлэйдииллэр. Хантан дьиҥнээх информацияны тута ылыахха сөбүй?

– Бастатан туран, Биэнсийэ пуондатын сайтыгар киирэн, туох баар информация ыйанан турар. Интернетэ суох дьон “итии линияҕа” эрийэн тута сөптөөх информацияны ылыахтарын сөп.

— Быйыл социальнай биэнсийэ диэн баар буолла, ол туһунан кэпсиэххит дуо?

– 2018 сылга биэнсийэ сокуонугар кэккэ уларыйыылар киирэн, социальнай биэнсийэ диэн баар буолла. Ийэтэ, аҕата суох, быраҕыллыбыт оҕоҕо 10 068 солк., онно оройуон коэффициена эбиллэн, 14 095-20 137 солк. тэҥнэһэр. Оҕону иитэ ыллахтарына, социальнай биэнсийэ төлөммөт буолар.

— Биэнсийэ баала диэн тугуй? Хантан билиэххэ сөбүй?

— Ити 2015 сылтан киирбитэ. Оҕону, кырдьаҕаһы, инбэлиити көрөн олорор, аармыйаҕа сулууспалыыр кэмҥэ биэнсийэ баала ааҕыллар. Страховой биэнсийэҕэ тахсарга уопсайа 13,8 баал ирдэнэр. Киһи бэйэтэ тус кабинетыгар киирэн, төһө баал ааҕыллыбытын билиэн-көрүөн сөп.

Кэпсэтииттэн ырытыылаах суруйуу “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.