Сунтаар улууһун баһылыга нэһилиэктэри кэрийэн, сайыҥҥы үлэни кытта билсэр

1102

Бу нэдиэлэ устата улууспут баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэктэринэн сылдьан, ыытыллар үлэни-хамнаһы кытта билистэ. Оптуорунньукка улуус дьаһалтатын анал биригээдэтэ Түбэй Дьаархан, Сиэйэ уонна Хоро нэһилиэктэригэр тиийэн үлэлээтэ.


Биригээдэ састаабыгар улуустааҕы тутуу комплексатын управлениетын салайааччыта Ариан Сергеев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан начаалынньык Иван Тихонов, мелиоратор Сандал Кириллин сылдьыстылар.

Түбэй Дьаархаҥҥа тиийээт, аан бастаан быйыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх 50 миэстэлээх оҕо уһуйаанын көрдүбүт. Билигин манна 4 кэлии тутааччы үлэлии сылдьар. Кинилэр эбийиэк ис өттүн оҥоро сылдьаллара. Аны ититэр ситимин тардаллара уонна ааннарын туруораллара хаалбыт. Болдьох ыгым, үлэ тэтимнээхтик барыах тустаах.

Ол кэннэ Михаил Комин салайар бааһынай хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын кытта билистибит. Бастатан туран, нэһилиэктэн көс курдук тэйиччи сытар Кураһаччы диэн сайылыктарыгар тиийдибит. Кырдьыгынан эттэххэ, биһигини онно соччо бэрдэ суох хартыына көрүстэ. Ол курдук ити күн биир тарбыйахтара өлөн хаалбыт. Атын 30-ча тарбыйах ип-итиигэ күн уотугар буһа сыталлара көрүөххэ сүөргү. Атын сайылыктарга тарбыйахтар сүүрэн-көтөн, ойуоккалаан сүр буолааччылар. Онуоха Анатолий Васильевич тарбыйахтары күлүккэ тутарга уонна бэтэринээргэ бириэмэттэн бириэмэтигэр көрдөрөллөрүгэр эттэ.

Үлэһиттэри кытта кэпсэтэн билбиппит, кинилэр ыйга 17 тыһ. солк. хамнаһы аахсаллар. Олорор, үлэлиир усулуобуйалара үчүгэй. Өссө сайылыкка оҕо-уруу элбэҕэ киһини үөрдэр. Онуоха базалара баар.

Нэһилиэк олохтоохторо сүрүннээн Арыылаахха оттууллар. Сүөһүнү, сылгыны хааччахтыыр күрүөлэрэ суох. Онон оту көҥүл тэпсэ сылдьаллар. Маны быһаарар биир эрэ суол баар. Олохтоохтор күрүө-хаһаа тутуутугар бэйэлэрэ турунуохтарын наада. Онно тэриллиилээх хаһаайыстыбалар маһын бэлэмнээн биэрэргэ бэлэмнэр.

Бу эргин сайын устата ардахтаабатах буолан, отторун үүнүүтэ ортоһуор. Ону ол диэбэккэ олохтоохтор кыстыгы туоруур отторун булунарга бары күүстэрин биэрэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Сиэйэҕэ тиийээт, аан бастаан оскуоланы көрдүбүт. Оскуола кыһынын сөрүүн. Ол сүрүн биричиинэтинэн муостанан үрэрэ буолар. От үлэтэ үмүрүйдэҕинэ оскуола үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэр бииргэ субуотунньуктаан, муостаны көтүрэн саҥардыахтаахтар. Онно сөп буолар үп көрүллүбүт.

Манна эдэр исписэлиистэргэ анаан түөрт кыбартыыралаах дьиэ тутуута бүтэн эрэр. Олохтоох дьон үлэлииллэр, эбийиэги бу күһүн киллэрэргэ эрэллээхтэр.

Билигин от хомуурун үгэнэ. Ол иһин нэһилиэккэ дьон аҕыйах. Бары окко сылдьаллар. Улуус баһылыга нэһилиэктэн аҕыйах биэрэстэлээх Бэс Сиэйэҕэ тиийэн отчуттары кытта кэпсэттэ. Биир ыалга куораттан тиийэ кэлэн отторугар көмөлөһө сылдьаллар эбит. Кинилэр от үүнүүтүн үчүгэй дииллэр. Оннук эрэ буоллун.

Хоро нэһилиэгэр тиийэн аан бастаан эдэр исписэлиистэргэ анаан тутулла турар 2 кыбартыыралаах дьиэни көрдүлэр. Ол кэннэ бу, от ыйын 27 күнүгэр хотоно умайан 3 ыанар ынаҕын, 3 тарбыйаҕын сүтэрбит нэһилиэк олохтооҕор тиийэн, көмөнү оҥоруу туһунан кэпсэтии буолла. Ол курдук улуус өттүттэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын линиятынан сүтүктээхтэргэ «Үйэлээх ынах» тус сыаллаах бырагыраама нөҥүө ынаҕы биэрэргэ сүбэлэстилэр. Оттон хотону олохтоохтор көмөлөөн тутарга бэлэмнэр эбит. Маны миэстэтигэр олохтоох дьаһалта хонтуруолга ылара наадата бэлиэтэннэ.

От ыйын 2 күнүгэр улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов буолан, Элгээйи, III Бордоҥ, Күндэйэ нэһилиэктэригэр сырыттылар. Ол курдук Элгээйигэ оҕуруот аһын үүннэриинэн идэтийэн дьарыктанар «Элгээйи» производственнай кэпэрэтиип үлэтин-хамнаһын кытары билистилэр.

Өрүс уҥуор сытар III Бордоҥҥо тахсан, онно оттуу сытар дьону кытта кэпсэттилэр. Кинилэр биир сүрүн кыһалҕаларынан тиэхиньикэлэригэр сэлээркэ тиийбэтин туһунан эттилэр. Онуоха бу боппуруос миэстэтигэр быһаарыллыан сөбүн туһунан эттилэр.
Күндэйэҕэ эмиэ от үгэнэ. «Иванов Н.А.» ИП быйыл ыспыт күөх маассатын, туораахтаах култууратын үүнүүтэ үчүгэйин сэргии көрдүлэр.